Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -1 oC

Холкутук устар Бүлүү эбэ хотун кытылыгар хатыҥнардаах чараҥ быыһыгар турар ньургуһуннаах кырдаллаах Ньурба куорат кэлиҥҥи кэмҥэ тупсан, киэркэйэн иһэр. Биэстии этээстээх олорор дьиэлэр, социальнай эбийиэктэр бэрт түргэнник тутуллаллар, төгүрүк сыл үлэлиир, дьон сынньанар паарката, өрүс кытыытыгар бэрт кэрэ көстүүлээх набережнай оҥоһулунна.

Холкутук устар Бүлүү эбэ хотун кытылыгар хатыҥнардаах чараҥ быыһыгар турар ньургуһуннаах кырдаллаах Ньурба куорат кэлиҥҥи кэмҥэ тупсан, киэркэйэн иһэр. Биэстии этээстээх олорор дьиэлэр, социальнай эбийиэктэр бэрт түргэнник тутуллаллар, төгүрүк сыл үлэлиир, дьон сынньанар паарката, өрүс кытыытыгар бэрт кэрэ көстүүлээх набережнай оҥоһулунна.

76808b95 2c92 4514 8138 1bfbfcef3c46

Улуус социальнай-экэнэмиичэс­кэй сайдыыта, дьон дьарыктаах буолуутун тэрийии, нэһилиэнньэ күннээҕи кыһалҕатын быһаарыы оройуон Сэбиэтин дьокутааттарын үлэтиттэн быһаччы тутулуктаах. Биһиги бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит Ньурбатааҕы «Бизнес-инкубатор» генеральнай дириэктэрэ, куорат сэбиэтин III, IV ыҥырыыларга, оройуон сэбиэтин V ыҥырыыга дьокутаата, бүддьүөт-экэниэмикэ бастайааннай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Ньургуйаана Михайлова.

Ньургуйаана Михайловна, бас­тыҥ дьокутаат дьахталлар кэккэлэригэр киирэн, бу соторутааҕыта Александра Овчинникова аатынан анал бэлиэнэн наҕараадаламмыкынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт дойдугун, Ньурба улууһун сайыннарарга кэлиҥҥи кэмҥэ тугу ситистигит?

— Махтал. Анал бырагыраама быһыытынан, Ньурбаны бары өттүнэн сайыннарарга күүстээх үлэ бара турар. Биһиэхэ оҕолонор ийэлэргэ федеральнай, эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын таһынан, «Ньурба ийэ хапытаала» олохтоммута, ол суумата 100 тыһ. солк., эдэр ыаллар бу өйөбүлү ыланнар, махталлара улахан. Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэн оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоро куорат иһигэр оптуобуһунан босхо айанныылларын киллэрбиппит.

Эдэр ыаллар дьиэ тутталларыгар, эбэтэр атыылаһалларыгар көмө быһыытынан хаһыс да сылын кыттыгас үбүлээһин оҥоһуллар. Кэккэ нэһилиэктэргэ саҥа оскуолалар, уһуйааннар тутуллаллар. 

Хорула, Маар, Хаҥалас уо.д.а. курдук кытыы нэһилиэктэргэ эмчиттэри олохсутар сыаллаах «Ньурба эмчитэ» муниципальнай  бырагыраа­ма үлэлээбитэ, былырыыҥҥыттан «Ньурба учуутала» бырагыраама киирдэ.

Тыыл бэтэрээннэрин, 1 группалаах инбэлииттэр олорор дьиэлэрин хапытаалынай өрөмүөнүгэр 20-10 мөл. солк. көрүллэр. Бырамыысыланнай оройуон буоларбыт быһыытынан, нэһилиэнньэ өр кэмҥэ кирдээх ууну иһэн, искэн ыарыыта элбээтэ, кинилэргэ көмөлөһөргө 2020 сылга 5 мөл. солк. тыырыллыбыта.

Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, Ньурбаҕа Ксенофонт Уткин аатынан түмэлгэ Судаарыстыбаннас саалата үөрүүлээхтик аһыллыбыта. Түмэлгэ оройуон бүддьүөтүн суотугар 10 мөл. солк. суумалаах өрөмүөн ыытыллыбыта уонна экспозициялар туруоруллубуттара. Судаарыстыбаннас саалатыгар Хартыына галереята уонна конференц-саала бааллар.

Байыаннай дьайыыга ытык иэстэрин толоро сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар бары олохтоммут көмөнү таһынан, эбии 80 000 солк., дьиэ кэргэннэригэр 30 000 солк. биэрэбит. Ону сэргэ, байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро уһуйааҥҥа сылдьар төлөбүртэн босхоломмуттара, дьиэ кэргэттэрэ улуус иһигэр оптуобуһунан босхо сылдьаллар, култуурунай тэрээһиннэргэ, ол иһигэр киинэ тыйаатырыгар, түмэлгэ төлөбүрэ суох киирэллэр.

Тас дойдулар сааҥсыйаларын усулуобуйатыгар олохтоохтор түмсүүлээх буолууларын уонна биир санаанан үлэҕэ турунууларын түмүгэр, улууспут экэниэмикэтэ бигэ туруктаах. Норуот хаһаайыстыбатын салааларын үгүс көрдөрүүлэрэ улаа­тан иһэр. Социальнай өйөбүл эйгэтигэр утумнаах үлэ салҕанар. Кэлэр биэс сылга социальнай, суол уонна тырааныспар эбийиэктэрин тутуута күүскэ барыаҕа.

Икки өттүнэн сэлэлии үүммүт хатыҥ чараҥ суугунун быы­һыгар турар аатырбыт Ньурба пааркатын тупсарыыга кэлин туох үлэ ыытылынна?

— «Биир ньыгыл Арассыыйа» бырайыагын куонкуруһун гранын харчытынан пааркабыт иккис тыынын ылла. Урут манна улуус ыһыаҕа ыһыллара, билигин кыһыннары-сайын­нары олохтоохтор, ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар сөбүлээн сынньанар, успуордунан дьарыктанар сирдэригэр кубулуйда. Ньурба куоратын иһинэн тэриллибит Уопсастыбаннай эйгэни сайыннарыы дириэксийэтэ иилээн-саҕалаан, тупсарыы үлэтин ыытар. Бу күннэргэ кыһыны атаарыыга бэлэмнэнэллэр.

—     Бырамыысылан­най оройуон биир сүрүн кыһалҕата — иһэр уу боппуруоһа буолар. Алмааһы сууйбут уу барыта Бүлүү уонна Марха өрүстэргэ түһэр, бу кыһалҕаны быһаарарга ууну ыраастыыр оборудование туруорулунна дуо?

— Улууска ыраас иһэр ууну хаач­чыйарга анал бырагыраама ылыныллыбыта ыраатта, онон үп-харчы көрүллэн, сир аннынааҕы ууну туһаҕа таһаарарга чинчийэр үлэ ыытыллыбыта. Ол түмүгүнэн бары нэһилиэктэргэ ууну ыраастыыр ыстаансыйалар тутуллубуттара. Бу бырагыраамаҕа урбаанньыттар эмиэ кыттыһан, нэһилиэнньэҕэ ыраас ууну тиэрдэллэр. Ньурба куорат уонна чугастааҕы нэһилиэктэр сир аннынаа­ҕы ууну иһэн олоробут, оттон өрүс уутун ыраастаан баран, уу ситиминэн биэрэллэр, ону эмиэ туһаныахха сөп.

Доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун кэтээн көрөр, улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн, быйыл эмиэ быраастар нэһилиэнньэ доруобуйатын көрүөхтэрэ.

Үлэтэ суох киһи төһө элбэ­ҕий уонна нэһилиэнньэ дьарык­таах буолуутун хааччыйарга, урбааҥҥа сыһыарарга туох үлэ ыытылларый?

— Ньурба улууһун урбаанньыттарын өйүүр киин тэриллибитэ, бу кулун тутар ыйга докумуоннарбытын барытын уларытан, Урбаан, атыы-эргиэн, олохтоох оҥорон таһаарыы департамена диэн буолла. 1200 кв.м иэннээх икки этээстээх «Бизнес-инкубатор» дьиэтэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэн, 2012 с. үлэҕэ киирбитэ. Уон­тан тахса сыл тухары элбэх урбаанньыт араас быһыылаах чэпчэтиинэн, көмөнөн туһанан, таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

«Бизнес-инкубатор» өрөс­пүүбүлүкэ үрдүнэн бастыҥнар ахсааннарыгар киирэр.Былырыын улууска Норуот көҕүлээһинин сыла биллэриллэн, 60-70 мөл. солк. көрүллэн, 232 бырайыак үбүлэнэн, Ньурба улууһугар билиҥҥи туругунан,  500 урбаанньыт уонна 1500 бэйэ дьарык­таах киһи  араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Кинилэр үлэһиттэрин эбэн туран, быһа холоон, 3000-4000 киһи урбаан эйгэтигэр баар. Быйыл улууска Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы сыла биллэриллибитэ, онон үлэбит өссө кэҥиэҕэ.

5ab23539 d44f 4264 8c8a 79a72d85ed73

—        Ньурбаҕа олох-дьаһах хаа­­чыстыбатын тупсарарга ититиини, уу ситимин киллэрэргэ, септик оҥорорго туох үлэ ыытылларый? Ыаллыы сытар Бүлүү улууһуттан гаас утаҕа хаһан киириэн сөбүй?

—     Сэбиэскэй сойуус саҕана Ньурбаҕа алмааһы көрдүүргэ Амакинкатааҕы эспэдииссийэ, авиация этэрээтэ база быһыытынан, олохсуйан олорбута. Онон улуус киинигэр толору хааччыллыылаах дьиэлэр, канализационнай ситим уруккуттан баар эрээри, эргэрдэ. Ол иһин куорат салалтата быйыл сайын барытын саҥардан, септик боппуруоһун быһаа­рыахтаах. Олох сайдыытын ирдэбилинэн, дьон табыгастаах, үчүгэй усулуобуйаҕа олоруон баҕарар.

Итинтэн сиэттэрэн, Ньурбаҕа эрэ буолбакка, нэһилиэктэр эмиэ толору хааччыллыылаах дьиэлэри оҥостор буоллулар. Урбаанньыттар емкость оҥоруутунан, ууну таһыынан, септигы дьаһайыынан дьарыктаналлар, онно улуус дьаһалтата, дьокутааттар эмиэ көмөлөһөллөр.

Өр күүтүүлээх гаас киирэрин туһунан барыллаан сөбүлэһиини былырыын улууспут баһылыга Алексей Иннокентьев уонна «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников түһэрсибиттэрэ. Сотору кэминэн Ньурба улууһугар гаас кэлиэ, олохпут тупсуо диэн эрэнэ-долгуйа күүтэбит.  

—     Ньурба куорат Бүлүү эбэ кы­тылыгар хатыҥ чараҥ, рябина, дөлүһүөн угун быыһыгар биир кэрэ айылҕалаах сиргэ турар, онно набережнай тутуллуохтаах этэ, ол олоххо киирдэ дуо?

 — Былырыын куорат дьаһалтата федеральнай куонкуруска кыттан, набережнай тутуутугар үп-харчы көрүллэн, тупсарыы үлэтэ ыытыллыбыта. Быйыл ону ситэрэн-хоторон биэриэхтээхтэр. Ленин болуоссатыгар өрүс кытылын батыһа сатыы киһи хаамар тротуара, баарыс пааматынньыга, ыскамыайкалар оҥоһулуннулар. Онтон Бүлүү эбэ кэрэ көстүүтэ аһыллар, сотору кытылга туран, мууспут барарын көрүөхпүт. Набережнайбыт тосту уларыйан, киэркэйэн, дьон сөбүлээн сылдьар, хаартыскаҕа түһэр сиригэр кубулуйда. 

65a5e4a1 6d04 4a9d 8e59 429b78c11905

Бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын сийиэһигэр тугу туруорсаҕытый?

— Бастатан туран, нэһилиэктэргэ, улууска суолбут оҥоһуллуон наада. Саха Сиригэр суол тутуута өрөспүүбүлүкэ суолун пуондатыгар киирэр акцизтан үбүлэнэр, билиҥҥи туругунан ол 10%, ону саатар 30%-ҥа тиийэ үрдэттэххэ, суолбутун оҥостор кыахтаныа этибит. Иккиһинэн, биллэрин курдук, тыа сиригэр үгүс ыал оһоҕунан оттуллар дьиэлээх, онон кинилэргэ судаарыс­тыбаттан субсидия төлөнөрүн туруорсуохпутун баҕарабыт. Киин сылытар ситимҥэ холбоммут дьиэҕэ олорор дьон олох-дьаһах өҥөтүн 100% төлөөбөттөр, син биир субсидиянан туһаналлар, холобур, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ОДьКХ эйгэтигэр 22 млрд. солк. көрүллэр. Онон бачча сайдыылаах үйэҕэ былыргылыы мас хайытан, оһох оттон олорор дьоммутун өйүөх тустаахпыт. 

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением