Саха дьоно дойдубут сыалыгар-соругар кыттыыта киэҥ. Уһук Илин да буоллун, Камчатка туһаайытынан Аляскаҕа да тахсыыга буоллун, саха дьоно уонна төрүт олохтоохтор Арассыыйа лаппа кэҥииригэр, бөҕөргүүрүгэр өҥөбүт улахан.
Инникигэ түөрэхпитин кэбиһэр тэрээһиннэртэн саха норуота хаһан да туора турбатаҕа. Сэһэн Ардьыкыаптан, Соппуруон Сыраанаптан саҕалаан Арассыыйа таһымыгар санаабытын аһаҕастык этэн, бар дьоммут туһугар туруулаһан кэллибит. Кэлин даҕаны, өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитин кэнниттэн, бу хайысхаҕа салайааччыларбыт өрүү сөптөөх суолу тутустулар. Туруорсуулара дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар мэлдьи тирэҕирэр, онно олоҕурар.
Онон норуот бүттүүтүн куоластааһыныттан саха дьоно туора эмиэ туруо суохтаахпыт. Сахабыт сирин хас биирдии ытык-мааны олохтооҕо куоластааһыҥҥа кэлэн көхтөөхтүк кыттыаҕа диэн эрэнэбин!
Петр Гоголев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин
бэрэссэдээтэлэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0