Уунан, сиринэн, салгынынан
Сүрүн иһитиннэриини нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков оҥордо. Ааспыт 2022 с. олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар табаары тиэйии-таһыы үлэтэ сааҥсыйанан сибээстээн, итиэннэ баан кирэдьиитэ 20 %-ҥа диэри үрдэтиллэн судургута суох быһыыга-майгыга саҕаламмыт. Аартыка улуустарыгар уонна суола-ииһэ суох кытыы нэһилиэктэргэ сыллааҕы саппааһы (таас чоҕу, сиикэй ньиэби, гаас конденсатын, убаҕас уматыгы, тутуу матырыйаалын, социальнай суолталаах аһы-үөлү уонна туттар табаары) тиэрдэр сүрүн тэрилтэлэр эбии ороскуоту көрүстэллэр даҕаны, былааннаммыт таһаҕас толору тиэрдиллибит. Уу суолунан 1 мөл. 289 тыһ. туонна таһаҕас таһыллан, былаан 101% толоруллубут, ити 2021 с. тэҥнээтэххэ 130 тыһ. туоннанан элбэх. Дьибирики Хайатааҕы чох хаһыытыгар тиэхиньикэ алдьанан, 100 тыһ. туонна чоҕу атын сиртэн ылыллан таһыллыбыт. Кыһын хойутаан тоҥорбута, саас эрдэлээн ириэрбитэ массыына суола туһаныллар болдьоҕун арыый кылгаппыт. Бары хайысханан 700 массыына туруоруллан, 805,5 тыһ. туонна таһаҕас (99,9 %) тиэрдиллибит. Билигин ол таһаҕаһы улуустар нэһилиэктэргэ таһа сылдьар эбиттэр.
Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов этэринэн, Амма, Бүлүү, Дьааҥы уонна Халыма өрүстэргэ уу таһыма намыһах буолбута уустуктары үөскэппит, ол эрээри былаан толоруллубут, арай, Дьааҥы өрүһүнэн кыайан барбатах 2,5 тыһ. туонна убаҕас уматык кыһыҥҥы суолунан илдьиллэр эбит. «ЛОРП» ПАУо ааллара 1612 тыһ. туонна таһаҕаһы, ол иһигэр 424 тыһ. туонна убаҕас уматыгы таспыттар. Өлүөнэ өрүһүнэн 722,4 тыһ., Бүлүү өрүһүнэн 82 тыһ., Алдан өрүһүнэн 105,6 тыһ., Дьааҥы өрүһүнэн 148,8 тыһ., Индигиринэн 50,8 тыһ., Халыманан 82 тыһ. туонна таһаҕас тиэрдиллибит. Зырянкатааҕы чох хаһыытыттан «ЛОРП» уонна «Халыматааҕы судоходнай хампаанньа» ааллара Чукоткаҕа 70 тыһ. туонна чоҕу таспыттар. «Якутопторг» АУо сайаапкатынан кыһыҥҥы суолунан ыраах сытар, суола-ииһэ суох нэһилиэктэргэ 5 тыһ. туонна социальнай суолталаах таһаҕас тиэрдиллибит. Быйыл 6,6 тыһ. туонна таһаҕаһы тиэрдэр үлэ ыытыллар. Тимир суолунан 6,5 мөл. туонна таһаҕас таһыллыбыт. Нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар табаар (бородууксуйа) кэлиитэ 40 %, таһыллар таас чох кээмэйэ 30 %, ньиэп бородуукталарын кээмэйэ 16 % элбэтиллэн, 2021 сылга тэҥнээтэххэ, 17 %-ынан элбэх таһаҕас аҕалыллыбыт.
«Полярные авиалинии» АУо генеральнай дириэктэрэ Сергей Винокуров авиахампаанньа көтөр аалларынан Аартыка улуустарын 38 нэһилиэнньэлээх пуунугар 8,4 мөл. туонна таһаҕас, ол иһигэр 95 тн эмп-томп, 753 тн социальнай суолталаах аһылык табаара итиэннэ «Якутопторг» сайаапкатынан 173 тн социальнай суолталаах аһылык табаара тиэрдиллибитин иһитиннэрдэ.
Логистика киинэ – соҕотуопка пууна
Норуот дьокутааттара дакылаатчыттарга элбэх чопчулуур, ол иһигэр, социальнай суолталаах аһылык уонна норуот туттар табаардарын сыанатын үрдэппэт туһуттан туох дьаһал ылылларын, уо.д.а. ыйытыылары биэрдилэр.
Тыл этиитигэр кыттыы көхтөөх буолла. Холобур, вице-спикер Виктор Губарев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата Арктика улуустарын аэропортарын саҥардыыга болҕомто уурара наадатын бэлиэтээтэ. Елена Голомарева хотугу улуустарга саҥа тутуллубут Логистика кииннэрэ тиийбит аһы-үөлү тарҕатааччы эрэ буолбакка, соҕотуопка пуунун быһыытынан үлэлиэхтээхтэрин эттэ.
– Оччотугар олохтоох хаһаайыстыбалар дохуот аахсаллара, оттон улуустарга сибиэһэй эт, балык атыыга удамыр сыанаҕа баар буолара хааччыллыа этэ, – диэтэ. – Үгүс улууска сырыттым да, эт-балык сыаната ыарахана сөхтөрөр, Дьокуускай ырыынагын кытары тэҥ. Иккиһинэн, «суһал көмөҕө» ыҥырыллар бөртөлүөт тустаах ыарыһаҕы эрэ буолбакка, атын пассажирдары итиэннэ таһаҕаһы ыларын көҥүллүөххэ наада. Ыраах сиргэ сэдэхтик тиийэр көтөр аал көдьүүстээхтик туһаныллыахтаах.
Салгыы үлэлиибит
Госдума дьокутаата Галина Данчикова Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар, бырабыыталыстыбатыгар, дьокутааттарыгар хотугу собуос туһунан федеральнай сокуон барылын оҥорорго көмөлөрүн иһин махтанарын биллэрдэ. – Сокуон барыла билигин РФ Бырабыыталыстыбатыгар бэриллэн турар, бу ыйга Госдумаҕа киллэриллиэхтээх, онон ааҕыыларга эмиэ көхтөөхтүк кыттаргытыгар эрэнэбин. Бүгүн туруорбут боппуруостаргытын, авиауматыкка, кыраһыыҥҥа уо.д.а. субсидияны үрдэтэр, кэккэ хомуурдарга, нолуокка чэпчэтии көрөр туһунан этиилэргитин чочуйан киллэрээриҥ. Сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, хотугу собуоһу тэрийии өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ сүктэриллэрэ тохтоон, федеральнай таһымынан өйөбүл эмиэ көрүллүөҕэ, – диэтэ.
Кэпсэтиини түмүктүүрүгэр Ил Түмэн экэниэмикэҕэ, инвестиционнай уонна бырамыысаланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров бырабыыталыстыба чилиэннэрэ киирбит этиилэри учуоттуулларыгар ыҥырда.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0