Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

Госдумаҕа ЛДПР фракциятын дьокутааттара быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттары алимен төлөбүрүттэн босхолуур туһунан сокуон барылын оҥорон киллэрдилэр.

Госдумаҕа ЛДПР фракциятын дьокутааттара быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттары алимен төлөбүрүттэн босхолуур туһунан сокуон барылын оҥорон киллэрдилэр.

Докумуон палаата электроннай баазатыгар таҕыста. Сокуон барылынан мобилизацияланааччы алименнарын төлөбүрүн судаарыстыба өйүөхтээх, ону тэҥэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт сулууспалааччы өлөр түгэнигэр, алимен төлөбүрүн судаарыстыба бүддьүөттэн уйунуохтаах. Ыйдааҕы төлөбүр кээмэйэ  - бүтэһик сыллааҕы алимены төлүүр ыйдааҕы орто суумата.

Байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллан барааччы  үлэ дуогабара тохтуур, мантан сибээстэн, кини хамнаһыттан алимеҥҥа төлөбүрүн быһаччы тутааһына тохтотуллар диэн сокуон барылын ааптардара быһаараллар.

- Быстах кэмҥэ элбэх оҕо бэйэни хааччынар кыахтара суох буолуутун үөскээһинэ тахсыыта олус кутталлаах. Судаарыстыба ыйыллыбыт өйөбүллэри сокуонунан бигэргэтиэхтээх, - диэн бэлиэтииллэр парламентарийдар.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением