Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

СӨ Ил Түмэнин ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев спортсменнар кыайыыга дьулуурдарын туһунан санаатын үллэһиннэ.

СӨ Ил Түмэнин ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев спортсменнар кыайыыга дьулуурдарын туһунан санаатын үллэһиннэ.

-Икки сыл дьаҥ-дьаһах кэнниттэн дьон-сэргэ сүрдээҕин үөрэн-көтөн туран, бу спортивнай оонньуулары көрө сылдьаллар. Спартакиада сүрдээх хатыһыылаахтык бара турар. Түмүктэр даҕаны үчүгэйдэр. Бэҕэһээ сүрдээх үчүгэй сүүрүүнү көрдүбүт. Наталья Леонтьева уонна Сардаана Трофимова 3000 миэтэрэҕэ сүрдээх кырасыабай сүүрүүнү көрдөрдүлэр. Наталья бу сырыыга кыайда. Уһуну ыстаныыга Игорь Скрябин рекорд олохтоото -- 7 м 40 см ыстанна. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ улахан көрдөрүү диэн ааҕабыт. Бу рекорд стадион, ыстанар сир, сүүрэр суол үчүгэйин бигэргэтэр диэххэ наада. Бары көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэр билигин бара тураллар. Түмүктэр от ыйын 8-9 күннэригэр буолуохтара. Күн-дьыл үчүгэйдик турар. Спортивнай түһүлгэлэргэ барытыгар көрөөччү элбэх.

Артур Бурцев бэҕэһээ кыайда. Ити хараактарын көрдөрөр. Иллэрээ күн улаханнык күн уотугар оҕустаран баран, сарсыныгар кэлэн кыттыбыта, биир өттүнэн – хорсун быһыы, иккиһинэн – доруобуйата этэҥҥэтин туоһулуур.

Оонньуулар үрдүк таһымнаахтык баран иһэллэр. Эппитим курдук, спортсменнар быйыл бэлэмнэнэн кэлбиттэр, бары сүрдээх үчүгэй формаларыгар сылдьаллара көстөр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22