— Георгий Русланович, «Азия оҕолорун» кэнниттэн туох түмүгү оҥордугут?
— Биһиги хамаандабыт төрдүс миэстэни ылла, 25 кыһыл көмүс мэтээллээх эрээри, бириистээх миэстэҕэ киирбэтэ. Узбекистаан бастаата, иккис Сибиир федеральнай уокуруга, үһүс Беларусь. Уопсайа 24 араас дойдуттан бастыҥ спортсменнар күрэхтэстилэр. Арассыыйаттан Урал, Сибиир, Уһук Илин уокуруга кытыннылар, Москуба куораттан туспа хамаанда киирдэ.
Күрэхтэһии өрөспүүбүлүкэ бырайыагынан 1996 с. Саха Сиригэр ыытыллар, ол тухары сэттэ оонньуу Дьокуускайга, биир Владивостокка буолбута. Оҕолорго аан дойду таһымыгар саамай улахан күөн көрсүһүү, кинилэр салгыы сайдалларыгар үктэл буолар тэрээһин.
Биһиги оҕолорбут эрэгийиэн, өрөспүүбүлүкэ национальнай хамаандата, оттон узбектар, казаахтар бүтүн дойдуттан сүүмэрдэммит бастыҥ спортсменнара кэлэн күрэхтэстилэр. Успуорка өрө тахсыы, намтааһын түгэннэрэ эмиэ бааллар, ону уйуохха наада.
— Ил Түмэн сэттис ыҥырыылаах мунньаҕар биир сыл түмүктэннэ. Салайар кэмитиэтиҥ ханнык боппуруостары туруорсарга үлэлэстэ?
— Икки сокуону ылынныбыт, биирэ маассабай успуорт туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонун РФ сокуонугар сөп түбэһиннэрэн биэрдибит. Ону таһынан, Олимпийскай, Паралимпийскай, Сурдлимпийскай оонньуу, «Игры доброй воли» кыайыылаахтарыгар төлөнөр харчы кээмэйин индексациялаан биэрдибит. Тоҕо диэтэххэ, 2002 сыллаахтан төлөбүр кээмэйэ үрдэтиллибэккэ турбута.
Быйыл аатырбыт тустуук, Мюнхен куоракка Олимпийскай оонньуу 1972 с. чөмпүйүөнэ, Монреальга Олимпийскай оонньуу 1976 с. үрүҥ көмүс призера, Европа уонна аан дойду чөмпүйүөнэ, ССРС алта төгүллээх чөмпүйүөнэ Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылын туолар.
Чаҕылхай тустуук аатын үйэтитэргэ араас тэрээһин ыытыллар, дойдутугар Эдьигээҥҥэ кини аатынан успуорт саалата тутуллубута, Олимпийскай эрэл училищетыгар спортсмен тыыннааҕар аатын иҥэрбиттэрэ. Дьокуускайга Роман Дмитриев аатынан набережнай оҥоһулла турар. Кини олоҕун туһунан киинэ эрэ уһуллара хаалла. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн ылыныыга үп сороҕо көрүллүбүтэ эрээри, эбии үбүлээһин көстүөн наада.
Аны күһүн успуорт национальнай көрүҥүн барытын хабар сокуону ылынарга төгүрүк остуолу тэрийиэхпит.
— Оттон маассабай успуорду сайыннарарга туох үлэ ыытылларый?
— Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин соругун быһыытынан, тиһигин быспакка успуордунан дьарыктанар дьон ахсаана 2030 с. диэри 70% тиийиэхтээх. Ол аата нэдиэлэҕэ үстэ алта чаас устата эппитин-сииммитин дьарыктыахтаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн успуорт эбийиэктэригэр дьон сылдьыыта билиҥҥитэ 57,5% тэҥнэстэ.
Бу сыл бастакы кыбаарталынааҕы туругунан, ГТО нормативын бэлиэлэрин уопсайа өрөспүүбүлүкэ 28 322 олохтооҕо ылла. Иккис кыбаартал түмүгэ билиннэҕинэ, ити көрдөрүү 600-чэ киһинэн эбиллэрэ буолуо. Онон нэһилиэнньэбит 3 бырыһыана боруонса, үрүҥ көмүс уонна кыһыл көмүс ГТО бэлиэлээх.
Алта сааһыттан аҕа 916 639 киһи баарыттан, билиҥҥи туругунан, 65 577 киһи ГТО нормативын туттарарга холонон көрдө. Олортон 43 бырыһыана анал бэлиэлэри ыллылар. Билигин Арассыыйа Федерациятын эрэгийиэннэрин бүттүүн тиһигэр биһиги 51-с миэстэҕэ сылдьабыт.
Онон сокуон өттүнэн өйөөн, көрдөрүүбүтүн тупсарар туһугар үлэлии сылдьабыт. ГТО нормативын туттарбыт дьоҥҥо кэккэ чэпчэтиини оҥорор сокуон барылын аны күһүн Ил Түмэҥҥэ киллэриэхпитин баҕарабыт.
— Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, Саха Сирэ успуорка ситиһиитэ төһө тубуста?
— Аан дойду үрдүнэн буола турар быһыы-майгы мөлтөөн, биһиги спортсменнарбыт Олимпийскай оонньууга кытталларыгар араас хааччах элбэх. Ол да буоллар, Парижка ыытыллар Оонньууларга сүүрүк Сардаана Трофимова уонна тустууктар Виктор Рассадин, Айаал Лазарев, Владимир Егоров уонна Георгий Окороков кыттыахтара. Уолаттар көбүөргэ атырдьах ыйын 8 – 10 күннэригэр тахсыахтара, онтон Сардаана Олимпиада бүтэһик күнүгэр, 11-ис чыыһылаҕа, марафоҥҥа сүүрүөҕэ.
Ситэрэн эттэххэ, Арассыыйа, Европа, аан дойду чемпионаттарыгар 2023 с. түмүгүнэн спортсменнарбыт 226 мэтээли ыллылар. Бу үчүгэй көрдөрүү.
— Өрөспүүбүлүкэҕэ ханнык успуорт эбийиэктэрэ тутуллуохтаахтарый?
— «Азия оҕолорун» көрсө Хатаска уонна Мархаҕа успуорт саалалара тутуллубуттара. Тааттаҕа эһиил успуорт национальнай көрүҥнэригэр ыытыллар «Манчаары оонньуутугар» стадион, модульнай саала о.д.а. эбийиэктэр олоххо киириэхтэрэ. 2027 с. Ньурбаҕа успуорт олимпийскай көрүҥнэригэр анаммыт Норуоттар оонньууларыгар пааркаҕа стадион, бассейннаах физичэскэй култуура чэбдигирдэр саалата, Антоновкаҕа буоксаҕа, кик-буоксаҕа спортсменнары бэлэмнииргэ 50 миэстэлээх уопсай олорор дьиэлээх успуорт саалата тутуллуохтаахтар. Чаппандаҕа, Сүлэҕэ, Күндээдэҕэ успуорт саалаларын тутуута былааҥҥа баар. Ньурбаҕа эбийиэктэр бары 2027 с. үлэҕэ киириэхтээхтэр, үбүлээһин «Успуорт олоҕум нуормата» диэн национальнай бырайыак нөҥүө ыытыллар.
— Ньурба улууһуттан норуот дьокутаата буоларыҥ быһыытынан, нэһилиэнньэ ханнык боппуруостары туруорсарый?
— Биирдиилээн дьон араас кыһалҕалаах, ким эрэ устудьуон оҕотун уопсайга киллэрэргэ, ыарыһаҕы куоракка балыыһаҕа тиэрдэргэ санитарнай эриэйсэни сакаастыырга көмөлөһөбүт. Маны тэҥэ, биир сылынан кыайан быһаарыллыбат улахан боппуруостар эмиэ бааллар. Холобур, Бүлүүттэн гаас турбатын тардыы, Сунтаартан үрдүк күүрүүлээх уот ситимин киллэрии, Ньурбаҕа сөмөлүөт түһэр балаһатын аспааллааһын, аэропуорду саҥардыы үгүс дьону долгутар.
Ону таһынан, Куонааччаан үрэҕи туоруур муоста тутуллуохтаах.
Бу сүрүн боппуруостары быһаарарга Ил Түмэн олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьевы кытта бииргэ үлэлэһэбит.
Хаартыска: Георгий Балакшин архыыбыттан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0