Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Дьокуускайдааҕы үүт собуота эһиил 2023 сылга 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ. Киин куорат астыыр тэрилтэлэриттэн саамай кырдьаҕастарыгар киирсэр.

1933 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр «Холбос» потребительскай кэпэрэтиип Дьокуускайдааҕы сойууһун Бырабылыанньатын дьаһалынан тэриллибит. Собуот кыра мас дьиэ иһигэр арыллыбыт.

Дьокуускайдааҕы үүт собуота эһиил 2023 сылга 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ. Киин куорат астыыр тэрилтэлэриттэн саамай кырдьаҕастарыгар киирсэр.

1933 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр «Холбос» потребительскай кэпэрэтиип Дьокуускайдааҕы сойууһун Бырабылыанньатын дьаһалынан тэриллибит. Собуот кыра мас дьиэ иһигэр арыллыбыт.

E8hEKqseKQ

Отутус сыллартан саҕалаан

Үлэтин маҥнайгы сылыгар собуот оҥорон таһаарар бородууксуйата киэҥ эгэлгэлээҕэ: ыаммыт үүттэн саҕалаан, кыбааска тиийэ. 1935 сылтан мороженай оҥорор буолбуттар. Ону сэрии кэмигэр кытта таһаарар эбиттэр.

30-с сылларга Дьокуускайга 25 тыһыынча киһи олороро, онтон аҥаара ынах ииттэн, үрүҥ аһылыгынан бэйэтин хааччынара. Онон собуот аһа-үөлэ тэрилтэлэринэн тарҕанара: балыыһаларга, санаторийдарга, сынньанар дьиэлэргэ.

1949 сыллаахха үүт собуотун Саха АССР Наркомпищепромун бас билиитигэр биэрбиттэрэ. Ол кэнниттэн, дьэ, собуокка анаан, Пётр Алексеев уулуссатыгар мас дьиэни туппуттара.

Үүтү сэпэрээтэрдээһин уонна мороженайы оҥоруу автоматизацияламмыта. Собуокка тоҥорор массыыналар, паардаах пастеризатордар баар буолбуттара. Оҥоһуллан тахсар бородууксуйа ахсаана элбээбитэ.

1968 сылга куораттааҕы үүт собуота билиҥҥи дьиэтигэр көспүтэ. 1965 сылтан ыла собуот сылы быһа тохтоло суох үлэлиир.

Үүт собуота куораты кытта тэҥҥэ үүнэн-сайдан испитэ, тиэхиньикэнэн саҥалыы сэбилэнэн бырайыактаммыт кыаҕын икки төгүл улаатыннарара кыаллыбыта. 70-80 сылларга собуот күҥҥэ 100 туоннаҕа тиийэ үүтү үрүҥ аһылыкка кубулутара.

Билигин бааһынай хаһаайыстыбалар туттарар үүттэрэ аҕыйаабыт буолан, бу сыыппара быдан кыччаабыт. Собуот 150 тахса исписэлииһэ киин куорат уонна киин улуустар олохтоохторугар күн аайы уонунан туонналыы үрүҥ аһы оҥорон таһаараллар. Билиҥҥитэ «Молочнай дождик» - Саха Сирин тутаах брендэ.

Хаачыстыба хонтуруола

Куораттааҕы үүт собуотун генеральнай дириэктэрэ Илья Самсонов остуолуттан араарбат кинигэтэ – «СанПиН санитарнай быраабылата уонна нуормата. Үүтү уонна үрүҥ аһы оҥорон таһаарыы».

– Аһы-үөлү оҥорууга итинник эрэ сыһыаннастахха табыллар. Бородууксуйа куттала суох буолуута уонна хаачыстыбата бастакы сорукпут буолар. Бэйэбитигэр лиссиэнсийэлээх лаборатория баар, - диэн кэпсиир Илья Александрович. –  Лаборатория исписэлиистэрэ оҥоһуктар физическэй-химическэй, микробиологическай ыстандаартарга сөп түбэһэллэрин күн аайы бэрэбиэркэлииллэр. Ону таһынан, манна туттуллар уу хаачыстыбатын анаалыстаан көрөбүт. Чинчийии барыта оҥоһуллубутун эрэ кэнниттэн ас-үөл маҕаһыыннарга барар.

Собуот оҥоһуута хайдаҕый?

Оҥорон таһаарар комплекс хас да сыахтаах:

– үүтү ылыы;

– стерилизация;

– үүтү сөргүтүү;

– аппараатынай;

– сыыры оҥоруу;

– кииннээн сууйуу;

– ууну кутуу.

Үүт собуотугар тиэхиньиичэскэй бырассыас барыта –  сырьёну оҥорууттан саҕалаан, бэлэм табаары суулааһыҥҥа диэри –  тааҥкаларга уонна турбаларга киһитэ суох ыытыллар. Маннык дьаһаныы бородууксуйа хаачыстыбатыгар уонна санитарнай-тиэхиньиичэскэй нуормалары тутуһууга быһаччы сабыдыаллыыр.

Оҥорон таһаарыы үүтү ылыыттан саҕаланар. Сырьё кэллэҕин аайы микробиологическай уонна физическэй-химическэй анаалыстары ааһар:

– сыата көрүллэр (сыатын таһымыттан көрөн, үүт кээмэйэ ааҕыллар); чиҥэ;

– аһыыта;

– тоҥуу туочуката (үүт фальсификациятын быһаарарга кыах биэрэр);

– ырааһын бөлөҕө (төһө ыраас үүт туттарылларын быһаарыы).

Собуокка оҥорон таһаарарга лиссиэнсийэлээх лаборатория үлэлиир. Үрүҥ аһы оҥорор тэрилтэлэртэн маннык лаборатория өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн куораттааҕы үүт собуотугар эрэ баар. Манна физическэй-химическэй уонна микробиологическай анаалыстар оҥоһуллаллар. Лаборатория икки салаалаах – тиэхиньиичэскэй-химическэй уонна микробиологическай хонтуруол. Лабораторияны собуокка 35 сыл үлэлээбит Татьяна Афанасьева салайар.

Билигин собуокка хаачыстыбалаах ас-үөл бородууксуйатын оҥорон таһаарарга аналлаах ирдэнэр ыстандаарка барытыгар эппиэттиир аныгы оборудование таҥыллан турар. Оборудованиены наар саҥарда тураллар. Соторутааҕыта иэдьэгэй оҥоһуллар сыаҕын саҥатытан оҥорбуппут. Онон иэдьэгэй оҥоһуктар автоматическай эрэсии­минэн оҥоһулла тураллар. Инньэ гынан, тахсар ас-үөл хаачыстыбата биллэ үрдээбит.

Итиннэ эбии эттэххэ, оскуола оҕолоругар, кыттыгастарга уонна бары баҕалаахтарга собуокка экскурсия ыытыыны сөргүппүттэр.

Сыыры оҥоруу ымпыга

– Сыыры 15 сыл анараа өттүгэр оҥорон саҕалаабыппыт. Сыыр үчүгэйдик табылларыгар маҥнайгы сырьёта улахан суолталаах – үүт олус үрдүк хаачыстыбалаах буолуохтаах. Ол иһин кыһыҥҥы үүт сыырга барбат, сайыҥҥы эрэ туттуллар. Собуот сайын туттар үүтүн аҥаарын кэриҥэ сыыры оҥорууга барар. Сайын саҕаланыытыгар Дьокуускайдааҕы үүт собуотун лабораториятыгар исписэлиистэр үүккэ соморсо-көөнньүү боруобатын оҥороллор. Хоймох үчүгэй буоллаҕына, сыыры оҥорон таһаарарга уолдьаһар. Куораттаа­ҕы үүт собуота араас суортаах сыыры оҥорор – «российскай», «голландскай», «домашняй» уонна «пошехонскай».

Сыыры, атын да бородууксуйаны оҥорон таһаарыы кытаа­нахтык хонтуруолланар. Собуот лабарааннара харайыы хаамыраларыгар тэмпэрэтиирэни, ороһуол састаабын, дьиэ иһинээҕи салгын сиигин уонна ырааһын кэтииллэр, аска-үөлгэ төһө сыа киирэрин бэрэбиэркэлииллэр.

Сыыр хас биирдии көрүҥэ тус ырысыабынан оҥоһуллан, ураты амтаннаах буолар. Сыыры оҥорор маастардар Арассыыйа сыырын киинигэр –Угличка –  эбии үөрэнэллэр, –  диир дириэктэр.

«Супер бородуукта»

Диетологтар «супер бородуукта» диэн тиэрминнээхтэр – бу бородуукталар үгүс киһиэхэ туһалаахтар уонна күн аайы аһыыр аһылыкка кии­риэхтээхтэр. Оннуктарга, бастатан туран, аһытыылаах үүт оҥоһуктар киирсэллэр: кэпиир, саахара суох дьиҥнээх йогурт, иэдьэгэй, сыыр. Холобур, иэдьэгэйгэ элбэх белок уонна атын иҥэмтэлээх бэссэстибэ баар. Үүттээх аһыы бактыарыйанан баай био- уонна бифидо-кэпиирдэр олус туһалаахтар. Куораттааҕы үүт собуота Дьокуускай лааппыларын сибиэһэй аһытыылаах үүт оҥоһуктарынан күн аайы хааччыйар соҕотох тэрилтэ буолар.

Эппит-сииммит судургутук иҥэринэр белок тиибэ үрүҥ аска киир­сэр буолан, эмтээх, диетическэй аһылык маннык бородууктата атыыга наар баар буолуохтаах.

Биллэн турар, аһылыкпыт рационугар оҕуруот аһа даҕаны, отон даҕаны баар буолара наада. Ол да буоллар, эппит-хааммыт тутуллар сүрүн элэмиэнэ – белок. Биллэрин курдук, үүт аһылыкка аллергиялаах да дьон баар, оттон үгүс киһи бу туһалаах аһылыгы астына-дуоһуйа сиир.

Йогурт дуу, суорат дуу?

Этикиэккэҕэ бородууксуйа туһунан информация икки тылынан – сахалыы уонна нууччалыы –  суруллара биллэр. Атыылаһааччыларга бу олус табыгастаах. Саха тылын уонна литэрэтиирэтин преподавателэ, филолог Ольга Степанова сахалыы тылбааһын оҥорбута. Кини саха тылын уонна литэрэтиирэтин оскуолаҕа, университекка элбэх сыл устата үөрэппитэ, оттон билигин «Саха» НКИХ эрэдээксийэтигэр үлэлиир.

Атыылаһааччылар ардыгар ыйыталлар: “Йогурт сахалыы «суорат» диэн тылбаастанар буолбатах дуо?” – диэн.

«Оннук тылбаастыахха сөп, –  хоруйдуур Ольга Степанова. –  Ол гынан баран, “йогурт” диэн тыл анал аат курдук туттуллан кэлбит буолан, дьон онно үөрэнэн хаалбыт. Ол оннугар “ряженканы” сахалыы “суорат” диэн тылбаастаабыппыт».

Сакалаат арыы

Куораттааҕы үүт собуотугар 40 тахса табаар арааһа баар. Үүт, сүөгэй, кэпиир, йогурт, иэдьэгэй, сыыр. Бу астар бэйэлэрин истэригэр эмиэ хас да көрүҥҥэ арахсаллар. Холобур, сыатын бырыһыанынан уонна амтанынан. Собуокка бородуукта эгэлгэтин хайдах кэҥэтиэххэ сөбүн туһунан куруук толкуйдууллар. Минньигэс килиэп оҥосторго, тугу эмэ буһаран таһаарарга сөптөөх сакалаат арыы атыыга соторутааҕыта баар буолбута.

Ити курдук, кырдьаҕас собуот аныгы кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр, сонун бородууксуйаларынан күндүлүүр.

Хантан эрэ омук сириттэн хас эмэ ыйы быһа айаннаан кэлэр йогуртааҕар ылыах оннугар бэйэбит сибиэ­һэй “Молочный дождикпыт” доруобуйаҕа быдан туһалааҕын умнумуоҕуҥ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31