Ханнык баҕарар норуот, судаарыстыба олоҕо-дьаһаҕа олох хардыытынан, олорор кэмин быһыытынан-майгытынан уларыйар – тэлэрийэр, сайдар, үүнэр. Ол эрээри, ким уруккутун умнубат, ааспытын аахайар, ол билиҥҥитэ бигэ, кэлэрэ кэрэ буолара олох суруллубатах сокуон.
Дойду устуоруйата үйэлэри уҥуордаан күн бүгүҥҥүгэ диэри бэйэтин суолтатын сүтэрбэтин туһугар үлэ-хамнас тоҕоостооҕун бары да өйдүүбүт.
Бу хайысхаҕа үлэ биир саамай суолталаах, түмүктээх буолуута – үйэтитии буолар. Үйэтитии (кинигэ тахсыыта, документальнай киинэ уһуллуута, видео матырыйааллар, бэлиэ сирдэргэ өйдөбүнньүк бэлиэлэри оҥоруу, о.д.а) буоларын туһугар чинчийии, үөрэтии, ыраҥалаан, наардаан, сааһылаан ырытыы, хайдах, хаһан, ханна уонна, биллэн туран, төһө кыалларынан - тоҕо диэҥҥэ эппиэттээх буолуу баара ирдэнэр. Хатас нэһилиэгэ баай, дириҥ силистээх-мутуктаах, бүтүн саха омугун устуоруйатыгар бэлиэ суоллаах-иистээх нэһилиэк. Төрүт уус дьон олохторун-дьаһахтарын, олохторун тутулун, дьарыктарын ирдэһэн, хасыһан туран чинчийэн кэлэр көлүөнэ ыччат тирэхтээх, биһиги хатастарбыт диэн киэн тутта кэпсииллэригэр туһуламмыт үлэ урут да, билигин да баар. Урукку өттүгэр, ордук чуолкай, түмүктээх үлэ 1930 сылтан бэттэх өттүгэр ыытыллыбыт буоллаҕына, Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Пермяков Евгений Петрович көҕүлээһининэн, 2019 сыллаахха тэриллибит түмсүү 7 сүрүн хайысханан арааран, ситимнээх үлэ барда. Ордук күүскэ 2022 сылга үлэ баран сыал –сорук чуолкайданан, дьэҥкэрэн сөптөөх хамсаныылар, тэрээһиннэр, кэпсэтиилэр, көрсүһүүлэр бардылар. Дьэ, ол үлэ түмүгүнэн, 2022 сыл сэтинньи 25 күнүгэр күнүс 1ч.30 мүн. «Хатас - Туймаада соҕуруу өттүн төрдүн-ууһун нэһилиэстибэтэ» (Хатассы:наследие родов Южной Туймаады) диэн үрдүк таһымнаах, дириҥ силистээх-мутуктаах наукаҕа олоҕуран дакаастабыллардаах, көрдөрүүлэрдээх, кэпсиирдээх кэмпириэнсийэ буолан ааста.
Быыстапкаҕа аҕалыллыбыт, ууруллубут экспонаттар хайдах курдук дириҥ ис хоһоонноохторун көрбүт эрэ барыта сөхтө-махтайда.
Саха норуотун олоҕун түҥ былыргы саҕаттан саҕалаан, кэпсиэххэ сөбүн дьэҥкэтик дакаастыыр аһыыр, астыыр иһиттэри-хомуостары, туттар маллары, бултуур тэриллэри, о.д.а. маллары олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, сааһылаан-наардаан аҕалбыттар. Бу барыта Хатас сиригэр-уотугар көстүбүт, этэргэ дылы, атахпыт анныгар сытар устуоруйаҕа сүдү суолталаах матырыйааллары булууга тус бэйэтин кылаатын киллэрбит Арассыыйа Наукатын Академиятын Гуманитарнай наукалары уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт аҕа научнай үлэһитэ Виктор Михайлович Дьяконов киһиэхэ өйдөнүмтүө гына, ылыннарыылахтык ыпсаран-хопсорон кэпсээбитигэр махталбыт улахан. СӨ Национальнай архыыбыттан кэлбит докумуоннарга сүүһүнэн сыллар анараа өттүгэр ким тугунан дьарыктанан олорбутун ырылыччы сурулла сылдьаллара элбэх киһи интэриэһин тарта. Аны субу тутан туран эбэлэрин, хос эбэлэрин, эһэлэрин уо.д.а хаан уруу аймахтарын булан ылан, сэргэх кэпсэтии таҕыста. Эбэтэр оччолор саҕана ким тугу, төһөнү, төһө сиргэ олордубута баарыттан көрдөххө – оҕуруот аһын арааһын олордуу оччолортон баар эбит диэн сэргээтилэр. Дьиҥэр, ити биллэр суол гынан баран, эн бэйэҥ дойдуҥ, сириҥ-уотуҥ буоллаҕына, киһи хайдах эрэ олох атыннык ылынар эбит диэн отур-ботур кэпсэтээччилэри истэр истиҥ тыыны киллэрэр.
Ааҕыллыбыт дакылааттар тустарынан кэпсиир буоллахха маннык:
- «Хатаһы үөскэппит үс нэһилиэк устуоруйатын уруккута» - дакылааты историческай наука дуоктара, Арассыыйа Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Тылы-өһү уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт научнай үлэһитэ Андриан Афанасьевич Борисов аахта;
- Устуоруйа – култуура заповеднигын үлэтэ - норуот устуоруйатын өйдөбүнньүктэрин харайыы ньымата –Устуоруйа уонна култуура өйдөбүнньүктэрин харыстыыр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Руслан Васильевич Васильев оҥордо;
- Туймаада соҕуруу өттүн археологическай өйдөбүнньүктэрэ - Арассыыйа Наукатын Академиятын Гуманитарнай наукалары уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт ыстаарсай научнай үлэһитэ Виктор Михайлович Дьяконов аахта;
- Хаҥалас уонна Боотуруускай улуустарын арахсыылара – СӨ Национальнай архыыбын салаатын салайааччыта – Петр Иванович Корякин билиһиннэрдэ,
- Хатас нэһилиэгин устуоруйатыгар аналлаах кинигэ сүрүн хайысхалара - Арассыыйа Наукатын Академиятын Гуманитарнай наукалары уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт аҕа научнай үлэһитэ, история билимин хандьытаата Пантелеймон Пантелеймонович Петров оҥордо;
- Хатас нэһилиэгин устуоруйатыттан быһа тутан кэпсээтэххэ –
Арассыыйа Наукатын Академиятын Гуманитарнай наукалары уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт аҕа научнай үлэһитэ, история билимин хандьытаата Пантелеймон Пантелеймонович Петров кэпсээтэ.
Тэрээһин сахалыы сиэртэн-туомтан, эҕэрдэ үҥкүүттэн сыт таһааран, алаадьынан айах тутан, эҕэрдэ тыллартан саҕаланна.
- Көмүүгэ туттуллар тэриллэр уратылара – Умнас - Арассыыйа Наукатын Академиятын Гуманитарнай наукалары уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт научнай үлэһиттэрэ Александра Николаевна Прокопьева, Денис Михайлович Петров кэпсээтилэр;
- Баҕарах, Өрсүт, Хоро нэһилиэктэрин төрүччүлэрин төрүттэрин пуондата - СӨ Национальнай архыыбын салаатын салайааччыта – Екатерина Анатольевна Сергеенко билиһиннэрдэ;
- Хатас бастакы уонна иккис погуостарын, киһи уҥуоҕун үрдүнээҕи таастара – СӨ Аартыкатааҕы чинчийэр-үөрэтэр киин научнай үлэһиттэрэ – Елена Николаевна Соловьева, Константин Иванович Старков иһитиннэрдилэр;
- Саха норуотун бастакы учууталларыттан биирдэстэрэ, 1900 сыллаахха Парижка буолбут быыстапка кыттыылааҕа Д.Д. Сивцев (1854-1902) төрүччүтэ - Арассыыйа Наукатын Академиятын Гуманитарнай наукалары уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт научнай үлэһиттэрэ - устуоруйа билимин дуоктара Сардаана Ильинична Боякова, Арассыыйа Наукатын Академиятын Гуманитарнай наукалары уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр үнүстүтүүтүн научнай үлэһитэ аччыгый научнай үлэһитэ – Александр Данилович Винокуров.
- Хатас нэһилиэгин устуоруйата - хаһыат матырыйаалларыгар – П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан ХОО үөрэнээччитэ Капитонова Яна Игоревна
- Хатас улууһун (18 үйэ -1930) устуоруйатын СӨ национальнай архыыбын докумуоннарыттан кылгастык ырытыы – СӨ национальнай архыыбын дириэктэрэ –Петр Васильевич Румянцев аахта
- Туймаада соҕуруу өттүн нэһилиэнньэтин көмүү сиэригэр – туомугар христианство сабыдыала - СӨ Аартыкатааҕы чинчийэр – үөрэтэр киин научнай үлэһиттэрэ – Соловьева Елена Николаевна оҥордо.
- Хатас нэһилиэгин устуоруйатын чинчийиигэ көлүөнэ ситимэ - П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан ХОО нуучча тылын уонна литэритиирэтин учуутала Татьяна Дмитриевна Афанасьева кэпсээтэ.
- Үс саха аҕа баһылыктара – Хаҥалас улууһун кыраайы үөрэтээччитэ – Николай Семенович Ильин.
Хас биирдии дакылаат кэнниттэн олохтоохтор, ыалдьыттар чуолкай, туһуламмыт боппуруостары биэртэлээннэр, кэмпириэнсийэ суолтата үрдээн, ис хоһооно дириҥээн биэрдэ.
Кэмпириэнсийэ тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, олохтоох дьаһалтаны кытта ыкса сибээстээх үлэлээбит СӨ Култуураҕа нэһилиэстибэтин өйдөбүнньүктэрин харыстыыр департамент буолар. Департамент үлэтин чэрчитинэн, үгүс элбэх араас таһымнаах тэрээһиннэри ыытан кэллэҕэ. Онон, мин, Александра Ильинична Бурнашеваҕа ыйытыгым маннык буолла:
- Үтүө күнүнэн! Буола турар тэрээһин туһунан санааларгын үллэстиэҥ дуо? Урукку өттүгэр маннык хабааннаах кэмпириэнсийэлэр бааллара дуо?
- Кэпсэппиппит курдук, үлэбит чэрчитинэн араас пуорумнары, кэмпириэнсийэлэри тэрийэн ыытабыт. Бүгүҥҥү тэрээһин хабар эйгэтинэн, туруорсар боппуруоһунан ураты тыыннаах, дьэҥкэ сыаллаах-соруктаах диэн сыаналыыбыт. Маннык хабааннаах тэрээһини – нэһилиэк бэйэтин устуоруйатын, силиһин-мутугун билээри, нэһилиэнньэ бары араҥата кэлэрин тэрийиигэ аан бастаан кыттабын. Уонна Хатас нэһилиэгин дьоно – сэргэтэ түмсүүлээхтэрин, көхтөөхтөрүн көрөн ис сүрэхпиттэн үөрдүм. Тэрийэр хамыыһыйа үлэтэ үрдүк таһымнаҕын бэлиэтиибин. Бүгүн долгуйа-үөрэ бу киэҥ уораҕайга үктэниэхпиттэн, киирэр аантан ыла ураты тыын баарын билбитим. Кулууп үлэтин таһыма тэхиниичэскэй да уопсай тэрээһин да өттүттэн, барыта тып-тап, уурбут – туппут курдук.
- Махтал.
Хатас төрүт олохтооҕо, өр сылларга учууталынан үлэлээбит Наталья Афанасьевна Слепцова кэмипириэнсийэ буоларын туһунан биэриини көрөн баран интэриэһиргээн, сэргээн кэллибит диэн үөрэ-көтө кэпсээтэ. Светлана Матвеевна Пинигина нэһилиэк маннык көхтөөх саҕалааһынын куруутун сэргии истэбин – көрөбүн, онон бүгүн сүргэ көтөҕүллэ кэлэн дьону-сэргэни да көрүстүм, быыстапканы да сэргээбитин туһунан эттэ.
- Хатастар мэлдьи көхтөөхпүт уонна өссө биири тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ. Тугу эмит туруорсар, ирдэһэр буоллахпытына, бастаан хайаан да ис буотараҕын үөрэтэн, саҕалаан, бэйэбит кыахпытынан хамсанан-имсэнэн утары уунардаах буолабыт. Онон, бу да тэрээһин ситиһиилээх буоларыгар эрэлим улахан, - диир Светлана Иннокентьевна Харитонова. Дьэ, ити курдук суруйуубун Светлана Иннокентьевна тылларынан түмүктүүбүн: "Кинигэбит тахсарыгар эрэлбит улахан. Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн туох үлэ барарын салгыы билиһиннэриэхпит".
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0