Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Муус устар 14-15 күннэригэр киин куоракка  «Хаҥалас – үлэ, түмсүү, сайдыы суолунан!» диэн Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы, Саха Сиригэр Үлэ уонна Хаҥаласка тыа хаһаайыстыбатын сылыгар Хаҥалас күннэрэ ыытыллыаҕа.

Муус устар 14-15 күннэригэр киин куоракка  «Хаҥалас – үлэ, түмсүү, сайдыы суолунан!» диэн Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы, Саха Сиригэр Үлэ уонна Хаҥаласка тыа хаһаайыстыбатын сылыгар Хаҥалас күннэрэ ыытыллыаҕа.

Үс хонуктаах Хаҥаластар тэрээһиннэригэр бастакы күнүгэр ХИФУ-га оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ муниципальнай бастыҥ уопуттарын үллэстиэхтэрэ, улуус баһылыгын «Хаҥалас эрэллэрэ» грант кыайыылаахтарын быыстапката тэриллиэҕэ, кыраайы үөрэтээччи, киинэ режиссера Прокопий Ноговицын «Удьуор» киинэ көрдөрүөхтэрэ. Өксөкүлээх Өлөксөй Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр улуус нэһилиэктэрин үлэҕэ килбиэннээх дьонун, бэтэрээннэрин, устуоруйатын сырдатар быыстапка аһыллыаҕа, тыа хаһаайыстыбатын бэйэ оҥорон таһаарааччылар бородууксуйаларын дьаарбаҥката үлэлиэҕэ («Бөртө-Ас» ТХПК, «Хаҥалас-Ас» ТХПК, Нөмүгүтээҕи уонна Мохсоҕолооҕу килиэп оҥорор собуоттар, «Сахачай» чэй хампаанньа). Хаҥаластааҕы туристическай хампаанньалары билиһиннэрии ыытыллыаҕа («Орто дойду», «Өктөмпаарк», «Өлүөнэ очуостара»,«Төхтүр» о.д.а.). Үөрэх тэрилтэлэрин бородууксуйаларын атыы-эргиэн дьаарбаҥката, «Хаҥалас айар аартыга» быыстапкаҕа кинигэ атыыта, «Хаҥалас үйэлэр кирбиилэрэ» худуоһунньуктар үлэлэрин быыстапката тэриллиэхтэрэ. Түмүккэ «Эҕэрдэ эһиэхэ, ытык хаҥалас сириттэн!» кэнсиэр буолуоҕа.

Иккис күн – саахымакка күрэхтэһии, улуустааҕы түмэл, бибилэтиэкэ быыстапкалара уонна «Көмүөл» испиктээк көрдөрүөхтэрэ.

Бырагыраамата:

11 21 31 4

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением