Тэрээһин Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын 35 сылыгар ананна. Успуорт күрэхтэһиилэригэр 17 улуустан уонна куораттан барыта 289 киһи кыттыыны ылла. Бэстибээл кыттааччыларын СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов эҕэрдэлээтэ.
Күрэхтэһиилэр успуорт 7 көрүҥэр, аан дойду норуоттарын үҥкүүлэригэр уонна оһуохайга буоллулар. Бэстибээлгэ РФ Үлэҕэ министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Г.А. Альбрехт аатынан институт инбэлииттэр реабилитацияларын уонна абилитацияларын салаатын салайааччы Виктория Лорер кытынна
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0