Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Сунтаар, Томпо, Уус Маайа, Хаҥалас бэрэстэбиитэллэрэ уоту умуруорууга ылыллыбыт миэрэлэрин кэпсээтилэр.
Ньурбаҕа Маар уонна Араҥастаах, Сунтаарга Түбэй уонна Тумул, Үөһээ Бүлүүгэ Далыр уонна Булгунньахтаах икки ардыларыгар баар учаастактарга уот күүскэ турда, 10 км иһигэр 8-тыы термо-туочука бэлиэтэннэ.
Экология миниистирэ Сахамин Афанасьев: “Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ойуур 22 баһаарын умулларыыга үлэ бара турар. Ньурбаҕа — 3, Сунтаарга — 4, Кэбээйигэ — 4, Бүлүүгэ— 1, Үөһээ Бүлүүгэ — 2, Ленскэйгэ — 1, Уус Маайаҕа — 1, Хаҥаласка — 1, Томпоҕо — 2, Нерюнгрига — 3 баһаар турда. Итинтэн 6-тын умуллардыбыт”, -- диэн иһитиннэрдэ.
Көмөҕө устудьуоннар этэрээттэрэ тэриллэн баран эрэр. Билиҥҥитэ 1610 киһи уоту бохсууга сыралаһа сылдьар: нэһилиэнньэ олохтоохторо, “Авиалесоохрана”, МЧС, “Якутлесресурс”, лесничество үлэһиттэрэ, Владивосток уонна Хабаровскай парашютист-десантниктара. «Полярные авиалинии» сөмөлүөттэрэ мал-сал таһаллар, аҕалан биэрэллэр. Ону таһынан салгын 22 аала 18 оройуон ойуурун үөһэттэн кэтиир-маныыр, баһаарга үлэлии сылдьар дьоҥҥо бородуукта тиэрдэр, үлэһиттэри илдьэн биэрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0