– Саха сирэ саамай элбэх сууманы ылар эрэгийиэннэр ахсааннарыгар сылдьар. Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустары кытары таһаарыылаахтык бииргэ үлэлээбитин түмүгэ буолар, – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтиир.
Быйыл бу бырагырааманан үлэ уон улууска ыытыллыаҕа. Барыта 1,2 миллиард солкуобай харчы Үөһээ Бүлүү, Нам, Сунтаар, Уус Алдан, Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарыгар тыа сирин территорияларын аныгы мөссүөнүн тупсарарга бэриллиэҕэ. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыгар култуурунай-спортивнай комплекс, Харбалаҕа оҕо саада, Сунтаар улууһугар Күндэйэҕэ 50 миэстэлээх оҕо саада, Сунтаарга бассейннаах спорт комплекса, Уус Алдан улууһугар Сыырдаахха оскуола, Уус Күөлгэ оҕо саада, Хаҥалас улууһун Үөдэйигэр оскуола, Чурапчы улууһугар Туора Күөлгэ оскуола-саад, Үрүҥ Күөлгэ Сайдыы киинэ тутуллуохтара. Нам улууһун Хамаҕаттатыгар спортивнай саала хапытаалынайдык өрөмүөннэниэ, Үөһээ Бүлүү Хомустааҕар уонна Сунтаар улууһун киинигэр электро-уот ситимэ тардыллыаҕа. Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар 120 миэстэлээх оскуола тутуута саҕаланыаҕа.
Сунтаар, Уус Алдан уонна Чурапчы улуустарыгар алта массыына кэлиэҕэ. Маны таһынан, 10,5 мөлүйүөн солкуобай тыа сирин территорияларын тупсарыыга көрүллүөҕэ, уопсастыбаннай суолталаах түөрт бырайыак олоххо киллэриллиэҕэ. Нам улууһун Партизан нэһилиэгин «Мыымах» кыбаарталыгар 50 олорор дьиэ тутуута салгыы ыытыллыаҕа диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0