Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Иллэрээ сыл уонна былырыын баччаларга Александр Атласов тыа хаһаайыстыбатын миниистирин быһыытынан биһиги ааҕааччыларбытыгар сыл түмүктэрин билиһиннэрбитэ. Билигин кини – Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ. Норуот дьокутаата үлэтин хайдах саҕалаабытын туһунан маннык кэпсиир.

Иллэрээ сыл уонна былырыын баччаларга Александр Атласов тыа хаһаайыстыбатын миниистирин быһыытынан биһиги ааҕааччыларбытыгар сыл түмүктэрин билиһиннэрбитэ. Билигин кини – Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ. Норуот дьокутаата үлэтин хайдах саҕалаабытын туһунан маннык кэпсиир.

Үлэбин салгыыбын

– Мин «Биир ньыгыл Арасыыйа» политическй баартыйа партийнай испииһэгинэн, 28-с №-дээх Намнааҕы быыбардыыр уокуруктан сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаатынан талылынным. Бэйэм Нам улууһун I Хомустаах нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун 1992 с. бүтэрбитим, идэм агроном. Дойдубар үс сыл хаһаайыстыбаҕа, үс сыл тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар, онтон сэттэ сыл Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэлээбитим. 2005-2013 сс. төрөөбүт нэһилиэкпэр, 2013-2018 сс. улууспар баһылыктаабытым, 2018 сылтан быйылгы быыбарга диэри тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбитим. Баһылыктыы да сылдьан, миниистирдээн да олорон, Ил Түмэн дьокутааттарын кытары элбэхтик алтыспытым, онон парламент Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн талбыттарыгар, үлэбин ыарырҕаппакка саҕалаабытым.

Дьиҥинэн даҕаны, үлэлээн кэлбиккин салгыыр буоллаҕыҥ.

– Оннук. Бу ааспыт үс ый устатыгар федеральнай сокуоннарга киллэриллибит уларыйыыларга сөп түбэһиннэрэн, хас да сокуоҥҥа, ол иһигэр саха сүөһүтүн туһунан уонна бэтэринээрийэ туһунан сокуоннарга, кэккэ уларытыылары киллэрбиппит бастакы ааҕыыларын аастылар. Саҥа сокуон чэрчитинэн, Бэтэринээрийэ департаменын үлэһиттэригэр хомуналынай өҥөнү төлөөбүт ороскуотун сороҕун толуйууга ый аайы 1200 солк. көрүллэр буолла. Билигин улуустардааҕы управлениелар бу ыстатыйаҕа үбү бүддьүөтү таһынан киллэрэр харчыларынан көрөн олороллор. Бэтэринээрийэ департаменын иһинэн үлэлиир 900-чэкэ киһи бу сокуонунан туһаныаҕа.

Ал_Атл_4.jpeg

Мелиорация кыһалҕата

Кэлиҥҥи сылларга сорох улуустарга курааннаан, сорохторго халааннаан, сири тупсаран оҥоруу, ходуһалары нүөлсүтүү, ууну түһэрии боппуруостара сытыытык тураллар. Ону учуоттаан, 2024-2026 сс. мелиоративнай үлэ боппуруостарыгар Бырабыыталыстыба чааһын тэрийбипит. Кистэл буолбатах, Сэбиэскэй былаас саҕана оҥоһуллубут эбийиэктэр аҥаардара таах тураннар айгыраатылар, олортон сөргүтүллэр кыахтаахтарын туһаҕа таһаарар ирдэнэр. Иккис боппуруос – хамнаһы үрдэтии. Билигин мелиоратор хамнаһа 35 тыһ. солк., эдэрдэр олохсуйан үлэлээбэттэр, ноҕуруускалара улахана бэрдиттэн тиэхиньикэ түргэнник эргэрэр. Быйыл 100 мөл. солк көрүллэн, кыра хамсааһын син таҕыста, дьэ ону салгыыр, үбү үгүөрүтүк көрөр ирдэнэр.

Соторутааҕыта бэтэринээринэй сулууспа сайдыытын стратегията олоххо хайдах киирэн иһэрин билистибит. Материальнай-тиэхиньиичэскэй базаҕа кэнники сылларга үп-харчы кыайан көрүллүбэккэ, дьиэ-уот эргэ, тиэхиньикэ итэҕэс, хамнас намыһах. Кэпсэтии түмүгүнэн, Бырабыыталыстыбаҕа ханнык хайысхаларынан үлэлиир туһунан сүбэ оҥордубут уонна бэйэбит эмиэ күүскэ үлэлэһиэхпит. Бэйдиэ сылдьар ыттары дьаһайыы бэтэринээрдэргэ сүктэриллэн турар. Даҕатан эттэххэ, бу сокуон сорох боломуочуйата эрэгийиэннргэ бэриллибитэ, ол иһин, бэйэбит сокуоммутун оҥоро сылдьабыт. Сааскы сиэссийэҕэ көрүллүөхтээх.

14 млрд. 933 мөл. солк.!

Александр Павлович, күһүҥҥү сиэссийэ саамай улахан үлэтинэн кэлэр сыллаах бүддьүөтү көрүү, тыырыы буоллаҕа.

– Бу боппуруоска хастыыта да төхтүрүйэн мунньахтаатыбыт. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын бырагырааматыгар бастаан 10 млрд. солк. бэриллибитэ, мунньахтар түмүктэринэн 4 млрд. солк. эбиллибитэ итиэннэ Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан 500 мөл. солк. эбии көрүллүбүтэ, инньэ гынан 14 млрд 933 мөл. солк. көрүллэн олорор. Бу үпкэ тирэҕирэн, биир киилэ үүт субсидията 65 солк. (60 солк. этэ), кэтэх ыал ыанар ынаҕар өйөбүл 39 тыһ. солк. (37 тыһ. солк. этэ), хотугу улуустарга 45 тыһ. солк. (37 тыһ. солк. этэ) буолла. Маны таһынан, араас хайысхаларынан, саха сүөһүтүттэн саҕалаан, таба салаатыгар, балыктааһыҥҥа тиийэ базаны хаҥатыыга, мин санаабар, сөптөөх үп-харчы көрүлүннэ. 2023 сылы 14 млрд 180 мөл. солк. бүддьүөттээх көрсүбүппүт, оттон 2024 сылга 14 млрд. 933 мөл. солк. харчылаах киирэн эрэбит. Манан муҥурданыллыбат, үлэ салгыы барар, кэккэ дьаһалларга эбии үбү көрөргө этиилэр бааллар.

Инники үлэ былааныттан сырдаттахха, мелиорация, кэтэх хаһаайыстыба уонна сайылык туһунан сокуоннарга кэккэ уларытыылары киллэриэхтээхпит. Олунньуга кыстык туругар Бырабыыталыстыба чааһын, кулун тутарга АГАТУ базатыгар өйөбүл ырычааҕар, муус устарга каадыр боппуруоһугар «төгүрүк остуоллары» тэрийиэхпит. Күн бүгүн тыа хаһаайыстыбатын хабар араас сылларга ылыллыбыт 16 федеральнай, 14 өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннар бааллар. Дьэ олор төһө көдьүүстээхтик үлэлииллэрин үөрэтэ сылдьабыт.

А.jpeg

Дьон оҕустарыа суохтаах

– Ахсынньы саҥатыгар Госдумаҕа тыа хаһаайыстыбатын производствотын дохуотун уонна барыһын үрдэтиини сокуонунан хааччыйыы боппуруостарыгар анаммыт парламентскай истиигэ кытынныҥ дии?

– Госдумаҕа өрөспүүбүлүкэ аатыттан үс этиини киллэрдибит. Биир кэлим тыа хаһаайыстыбатын (ЕСХН) төлүүр хаһаайыстыбалар, кэпэрэтииптэр сылга 60 мөл. солк суумалаах бородууксуйаны оҥорор буоллахтарына, 20 %-наах НДС (эбиллибит сыана нолуогун) төлүүллэр, ити кинилэргэ охсуулаах. Ол иһин, 120 мөл. солк. суумалаах бородууксуйаны оҥорон таһаарар, атыннык эттэххэ, улахан эргиирдээх, бөдөҥ хаһаайыстыбалары эрэ нолуоктуур наада.

Иккиһинэн, Ревсойуус диэн кэпэрэтииптэри ыйан-кэрдэн, сүрүннээн, сыыһа-халты тахсарыттан араҥаччылыыр олус наадалаах тэрилтэ баар. Ону учуоттаан, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ судаарыстыбаннай биитэр муниципальнай өйөбүлү ыларыгар Ревсойуус чилиэнэ буолара ирдэниэхтээх.

Үсүһүнэн, быйыл киллэриллибит «Сүөһү иитиитин ойоҕос бородуукталарын уонна Арассыыйа Федерациятын кэккэ сокуоннарыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» федеральнай сокуоҥҥа «сүөһү иитиитин ойоҕос бородуукталарын бас билээччи» диэн өйдөбүлү чопчулуурга эттибит. РФ Бырабыыталыстыбата 2022 с. алтынньы 31 к. таһаарбыт 1940 №-дээх уурааҕынан, дьоҕус хаһаайыстыбалар уоҕурдуу буолар сүөһү иитиитин ойоҕос бородуукталарын бас билээччи быһыытынан Россельхознадзор реестиригэр киириэхтээхтэр. Бу уураахха тирэҕирэн, биһиги 200-скэ диэри сүөһүлээх хаһаайыстыбаларбыт ити сокуонтан араҥҥаччыланыахтаахтар.

ал_Атл.jpeg

Этии элбэх

-- Быыбардааччыларгын кытары төһө көрсөҕүнүй?

– Көрсөн, дьон кэккэ этиилэрдээх кэлэллэр. Холобур, Амматааҕы бурдук хаһаайыстыбатын бэрэстэбиитэллэрэ сылдьыбыттара. Кинилэр сорох бааһыналара овсюк диэн сыыс окко ылларбыт, оннук бааһына үүнүүтэ мөлтүүр, атыыламмат, сиэмэҕэ туһаныллыбат. Ол иһин, анал бырагыраама оҥорбуттар. Агротехнология ирдэбилинэн, овсюктаах бааһына химиянан эмтэнэрин таһынан, хас да сыл хаста да төхтүрүйэн хорутулуннаҕына ыраастанар, онуоха үп наада.

Агрооскуолалар бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматыгар хайдах кыттар туһунан сүбэлэһэн барбыттара. Урут ТХМ көмөтүнэн агрооскуолалар тыраахтарга тиийэ атыылаһар этилэр. Тыа хаһаайыстыбатын федеральнай сокуонугар бородууксуйаны оҥорор хаһаайыстыбаларга эрэ болҕомтону уурар туһунан уларыйыы киирэн, 2016 сылтан ол тохтотуллубута. Биһиги миниистирдээн олорон Ил Түмэн ааспыт ыҥырыыга вице-спикерэ Антонина Григорьеваны кытары бу боппуруоска үлэлэспиппит да кыаллыбатаҕа, онон билигин өссө төгүл дуксуйан көрүөхпүт.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением