Оройуон сэбиэтигэр 2018 сыллаахха 50 киһини 5 сыл болдьоххо мажоритарнай систиэмэнэн талбыттар. Үс фракциялаахтар: «ньыгыллар», «аграрнайдар» уонна хомуньуустар. Барыта 10 хамыыһыйа тэриллэн үлэлиир.
Бэрэссэдээтэл туһунан сырдаттахха, Гаврил Семенович Корякин – уопуттаах салайааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү куоратын уонна Чернышевскай нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, көҥүл тустууга ССРС спордун маастарыгар хандьыдаат.
Бүлүү оройуонун дьокутааттарын сэбиэтин түөрт ыҥырыытын дьокутаата. Ол курдук, маҥнайгы ыҥырыыга (2002-2008 сс.) бэрэссэдээтэл солбуйааччыта, сокуону уонна нуормалары оҥоруу кэмитиэтин, II, III, IV ыҥырыыларга оройуон дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
Гаврил Семенович Олохтоох бэйэни салайыныы өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэтин Бырабылыанньатыгар чилиэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, дойду үрдүнэн Олохтоох бэйэни салайыныы сэбиэтин Эрэгийиэннээҕи бюротун чилиэнэ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа эрэгийиэннээҕи бэлитиичэскэй сэбиэтин чилиэнэ.
Мантан салгыы кини кэпсээнин ааҕыҥ.
–Оройуон сэбиэтин дьокутааттара бары тэҥҥэ араас боппуруостары быһаарсабыт. Нэһилиэнньэни үлэбитигэр чугаһатар сыалтан элбэхтэ көрсөбүт, санааларын истэбит. Оттон бэрэстэбиитэллээх уорган буоларбыт быһыытынан, сокуону оҥорсорго кыттыһабыт, тутуһалларын хонтуруоллуубут уонна бырааптарын көмүскүүбүт.
Коронавирус хамсыга туран, мунньахтарбыт дистанционнай киэбинэн бараллар. Ол курдук, 2021 сыллаахха 8 сиэссийэ ыытылынна, онно 68 быһаарыы ылылынна.
Былырыын балаҕан ыйын 19 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дьокутааттары талбыппыт. Онно тэҥинэн Мастаах уонна Бүлүү куоратыгар устудьуоннар быыбардыыр учаастактарыгар оройуон сэбиэтигэр дьокутааттары талар быыбар буолбута. Уопсайа 9363 быыбардааччы кыттыбыта, бу уопсай ахсаантан 51, 91 %-на буолар.
Сыыппаранан сэһэргээтэххэ
–Биллэрин курдук, ханнык баҕар үлэ үптэн быһаччы тутулуктаах. 2022 сылга улуус бүддьүөтүн үбэ, сабаҕалааһын быһыытынан, 4 млрд. 62 мөл. 125 тыһ. 467 солк. Итинтэн төннөрүллүбэт үбэ (безвозмездные поступления) – 3 млрд. 480 мөл. 549 тыһ. 390 солк. Бүддьүөт икки ардыларынааҕы трансферт быһыытынан көрүллүбүт үп – 3 млрд. 457 мөл 825 тыһ. 770 солк.
Олохтоох бүддьүөт ороскуота – 4 млрд. 117 мөл. 895 тыһ. 589 солк. Олохтоох бүддьүөккэ дэписсиит 55 мөл. 770 тыһ. 121 солк.
Ааспыт сыллааҕы бүддьүөтү ырытан көрөр эбит буоллахха, оройуон бүддьүөтэ 30 мөл. 512 тыһ. дэписсииттээх ылыллыбыта. Дохуоттаах чааһа 3 млрд. 614 мөл. 999 тыһ. солк., ол иһигэр бэйэбит дохуоппут 215 мөл. 275 тыһ., төннөрүллүбэт үп араас бүддьүөттэртэн – 3 млрд. 399 мөл. 724 тыһ. солк. Ороскуоттаах чааһа – 3 млрд. 645 мөл. 511 тыһ. солк., ол иһигэр бырагыраамалаах чааһа – 3 млрд. 19 мөл. 451 тыһ. солк., эбэтэр 82,8%.
Оҥорон таһаарааччылары өйөөн
–Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус буолабыт. Сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы иитэр, элбэтэр сүрүн сорук турар. Маны тэҥэ оҕуруот аһын араас суордун олордобут.
Агропромышленнай хайысхаҕа улууска 7 оҥорон таһаарар кэпэрэтиип, 1 ХЭТ, нэһилиэктэргэ 18 потребительскэй кэпэрэтиип, сибиинньэ иитэр 4 базовай хаһаайыстыба, оҥорон таһаарар 3 тэрилтэ уонна балтараа тыһыынча кэриҥэ кэтэх хаһаайыстыба баар.
Ааспыт 2021 сылга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бүддьүөттэн 303,459 мөл. солк көрүллүбүтэ. Ити үптэн оҥорон таһаарааччыларга 195 мөл. 190 тыһ. солк. тыырыллыбыта, кэтэх хаһаайыстыбаларга – 97 мөл. 195 тыһ. солк., ынах, сылгы иитэр уонна оҕуруот аһын үүннэрэр кэпэрэтииптэргэ – 11 мөл. 74 тыһ.солк.
Тыа хаһаайыстабатын сайыннарыыга анал муниципальнай бырагыраама үлэлиир. Онно оройуон бүддьүөтүттэн бу сылга 80 мөл. 260 тыһ. солк. көрүлүннэ. Мантан 20 мөл. 210 тыһ. солк. – ынах, сылгы иитиитигэр, 35 мөл. 750 тыһ. солк. – үүнээйи үүннэриитигэр, 21 мөл. 300 тыһ. солк. – оҥорон таһаарар уонна ас-үөл бырамыысыланнаһыгар, 3 мөл. солк. – эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ.
Ааспыт сылы ылан көрөр буоллахха, ити сыалга былырыын 25 мөл. 881 тыһ. солк. тахса үбүлээһини ыыппыппыт. Эбии аһылыгы оҥорууга – 3 мөл. солк., бааһыналары чөлүгэр түһэриигэ – 171,50 тыһ. солк., олбуордары тутууга – 294,00 тыһ. солк., үүнээйи сиэмэтин атыылаһыыга – 1 мөл. 501,30 тыһ. солк., оту харайар дьиэлэри тутууга – 770,00 тыһ. солк., анал тиэхиньикэлэри атыылаһыыга – 263,199 тыһ. солк. Маны тэҥэ хороҕор муостааҕы тиэйэн аҕалыыга – 1 мөл. 190 тыһ. солк., комбикорм атыылаһыытыгар – 1 мөл. 900 тыһ.солк., бонитировкаҕа – 116 тыһ. солк., лабораторнай чинчийиигэ – 450 тыһ. солк., оҥорон таһаарааччыларга дьиэлэрин-уоттарын тутуу уонна чөлүгэр түһэрии үлэлэригэр – 6 мөл. 800 тыһ. солк., тыа хаһаайыстабатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар тиэхиньикэ атыылаһалларыгар – 5 мөл. 889, 256 тыһ. солк.
Хаһаайыстыбалар хайысхалара кэҥиир
–Бу сыллааҕы дааннайынан, улуус үрдүнэн 11 тыһ. 686 ынах сүөһү баар, олортон 4494-дэ – ыанар. Сылгы ахсаана – 8008 төбө, сибиинньэ – 249, көтөр – 1139.
Киһи доруобуйатыгар ас хаачыстыбата улахан суолталаах. Онон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларбыт бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһааралларын өйүүбүт. Ол курдук, улууспутугар бэйэ оҥоһуга эт, үүт, бурдук ас дэлэй.
Үүт аһылыгы улууска үс кэпэрэтиип бэлэмниир: «Сыа Бүлүү», «Уйгу» уонна «Мастаах-Агро». Сыллааҕы былааннара 3853,80 туонна үүт. Былырыын 3903,8 туоннаны туттаран, былааны 101,3% толорбуттара. 133,28 туонна арыыны оҥорон, былаан 157,2% туолбута. Маны тэҥэ үрүмэ, сүөгэй, иэдьэгэй, сыыр, о.д.а. үрүҥ аһылыгынан нэһилиэнньэни хааччыйаллар.
Оттооһун эмиэ ааспыт сайын бэркэ барда. Маныаха отчуттар улахан баһаардартан чаҕыйбатахтара үөрдэр. Ол курдук, 27 788 туонна оту бэлэмнээн, былаан 102% туолла, биир га сиртэн 17,4 цн ыллыбыт. Сиилэс - 1245 туонна, сенаж – 424 туонна.
Уопсайа 15 910 га сири оттоотубут. Мантан 15766 га – улуус иһигэр. Дьокуускай куорат Бугур арыытыгар А.К. Харлампьев биригээдэтэ 142 га сири оттоото.
Ыраах учаастактарга 22 мобильнай биригээдэ үлэлээтэ. 2 644 туонна оту бэлэмнээбиттэриттэн, атыыга диэн, 1076 туоннаны уурдулар. Итинтэн 996 туонната Горнай оройуонугар анаммыта.
Киһи сиир бурдугун үүннэриинэн кэнники бу икки сылга дьарыктанан эрэбит. Былырыын 37 туоннаны хомуйбуппут. Маныаха анал комбайн уонна миэлиҥсэ оройуон бүддьүөтүттэн көрүллүбүтэ.
Былырыын 1283,8 туонна хортуоппуйу, 414,1 туонна оҕуруот аһын ылбыппыт. Сыл быһа үлэлиир тэпилииссэлэр баар буоллулар. Урбаанньыт Айталина Томская Кыадаҥдаҕа сайыннары-кыһыннары дьэдьэн, оҕурсу, помидор үүннэрэр. Иккис кыстыгын этэҥҥэ аһардан эрэр. Онон аны оҕуруот аһын харайарга анал дьиэ-уот боппуруоһа турда. Быйылгыттан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн анал база тутары туруорсуохпут.
Түргэнник ситэр салааны сырдаттахха, урбаанньыт И.А. Казаков былырыын 1833 төбө кууруссаны, 103 төбө сибиинньэни аҕалан түҥэппитэ. Маны тэҥэ 3,92 туонна комбикорму улууска тиксэрбитэ. Тигээйи племенной хаһаайыстыбатын тэрийэргэ үлэ бара турар. Бу салаа көдьүүстээҕин көрдөрдө.
Суол-иис тупсар
– Суолга-иискэ 2023 сылга диэри анал муниципальнай бырагыраама үлэлиир. Быйыл эмиэ үгүөрү соҕустук үбү көрдүбүт.
Нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы суоллары көрүүгэ-харайыыга 10 мөл. 191 тыһ. солк. көрүлүннэ. Онтон саҥа суоллары тутууга – 269 мөл. 506 тыһ. солк.
Дьиппэ үрэҕин туоруур муостаны быйыл ситэрэр соруктаахпыт. Эбийиэк тутуутун уопсай суумата – 135 мөл. 110 тыһ. солк. Былырыын 44 мөл. 506 тыһ. көрүллүбүтэ, мантан 14 мөл. 506 тыһ. өрөспүүбүлүкэ суолун пуондатыттан. Үлэни быйыл ахсынньыга түмүктүөхпүт. Муоста уопсай уһуна 67,45 м., киирии суоллара – 603 м.
"Эдьигээн" массыына суолун уонна Уһун нэһилиэгин суолун учаастагын тутуутугар 163 мөл. 917,42 тыһ. солк. тыырыллыбыта. Бу учаастакка Дьабыдахына үрэҕин туоруур күргэ тутуллуо. Маныаха 79 мөл. 081,430 тыһ. солк. уурулунна. Муоста уһуна 37,69 м., киирии суоллара 467,89 м.
Оҥоһуллубут үлэлэри аҕыннахха, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суоллары өрөмүөннүүргэ 11 мөл. 147,5 тыһ. солк. суумаҕа үлэ түмүктэннэ. Бу – Уһун нэһилиэгиттэн Көтөххө диэри 6,5 км. усталаах суол. «Эдьигээн» массыына суолуттан Киров нэһилиэгэр диэри уу барар турбалара уларыйда.
Нэһилиэктэр икки ардыларыгар олохтоохтору таһарга 7 мөл. солк. суумаҕа икки ПАЗ оптуобуһу атыыласпыппыт. Бүлүүттэн Чинэкэҕэ уонна Бүлүүттэн Кыһыл Сыырга диэри сылдьаллар.
Улуус дьаһалтата суолу тутарга муниципальнай тэрилтэни тэрийэр сыаллаах. Маныаха былырыыҥҥы бүддьүөккэ 92 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Бу суумаҕа анал тиэхиньикэни ыларга аукцион биллэрилиннэ. Бульдозер, автогрейдер, К-701 тыраахтар, экскаватор, погрузчик, самосвал атыылаһыахпыт.
Дьиэ тутуута тэтимирдэ
–Кэтэх дьиэни тутуу бырагырааматынан Бүлүү оройуонугар 4 мөл. 200 төннөрүллүөхтээх үп киирдэ. Дьиэ-уот субсидиятын анаарар улуус дьаһалтатын иһинэн үлэлиир хамыыһыйа быһаарбытынан, бу үп 7 олохтоох дьоҥҥо бэриллиэҕэ.
Маны тэҥэ хаачыстыбьалаах дьиэнэн хааччыйыы бырагырааманан 24 эдэр ыал олорор усулуобуйатын тупсарда. Кинилэргэ бэриллибит уопсай үп суумата – 16 мөл. 133 тыһ. 985 солк. Бу иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 8 мөл. 954 тыһ. 076,50 солк., олохтоох бүддьүөттэн – 7 мөл. 179 тыһ. 908,50 солк.
Тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыыга былааннаах үлэ барар. Ааспыт сылгы Тутуу министиэристибэтин кытары сөбүлэҥ түһэрсэн, урукку сылларга бэриллибэтэх үбү кытары холбоон, 29 мөл. 098 тыһ. 691,83 солк. субвенция кэлбитэ. Бу харчыга 10 кыбартыыралаах уопсай дьиэҕэ түөрт кыбартыыраны атыыласпыппыт. Икки кыбартыыраны – «вторичнай» ырыынактан .
Саҥа дьыл иннинэ 20 кыбартыыра күлүүһүн туттубут, маны төрөппүттэрэ суох хаалбыт 20 оҕо ылыаҕа.
Маны тэҥэ 29 мөл. 778 тыһ. 340 солк. суумаҕа 10 кыбартыыра атыылаһарга муниципальнай хантараак түһэристибит. Уопсай иэнэ 355 кв.м. Бу сабыс-саҥа тутулла турар дьиэ, сэтинньи 30 күнүгэр киириэхтээх.
Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата эмиэ күүскэ үлэлиир. Соторутааҕыта Бүлүү Хампатыгар, ол эбэтэр Арыылаах нэһилиэгэр, 6 кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах саҥа дьиэни "Элитстройком" ХЭТ тутан, үлэҕэ киллэрдэ.
Социальнай эбийиэктэр дьэндэйэллэр
–Бүлүү куоратыгар Култуура дыбарыаһын үөрүүлээх аһыллыыта ааспыт сыл олунньу 25 күнүгэр буолбута. Бу эбийиэк олохтоох бүддьүөттэн толору үбүлэннэ (342 мөл. солк.).
Уһун нэһилиэгэр 150 миэстэлээх, икки этээстээх, 3 тыһ. тахса кв. м. иэннээх оскуола тутуллар. Аукциону «Приоритет» ХЭТ 298 мөл. тахса суумаҕа кыайбыта. Бу дьыл кулун тутарыгар үлэҕэ киириэхтээх.
Күбэйиндэҕэ 50 миэстэлээх уһуйаан «Тыа сирин кэлим сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагыраама иһинэн үлэлиир «Тыа сирин аныгылыы көстүүтэ» хос бырагыраама чэрчитинэн тутулла турар. Уопсай иэнэ 1 тыһ. 32 кв. м., икки этээстээх, 50 оҕо батар миэстэлээх. Бэтэрээтчит эмиэ «Приоритет» ХЭТ. Кулун турарга үлэҕэ киириэхтээх.
«Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2021 сыллаахха Тааһаҕарга «Эйгэ» култуурунай киин тутуута саҕаламмыта. Үбүлээһинэ федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн. Судаарыстыбаннай хантараак суумата 60 мөл. 460 тыһ. 599, 42 солк. Дьиэ уопсай иэнэ 751,02 кв. м, тутуу былаһааккатыныын 824,39 кв. м. Эбийиэк тутуута икки түһүмэҕинэн барар. Быйыл сыл бүтүүтэ олоххо киириэхтээх.
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүт үбүлээһининэн эмиэ тутуулар бараллар. Ол курдук, Бүлүүгэ 200 миэстэлээх уһуйаан 2021 сыллаахха оройуон балаансатыгар киирбитэ. Үөрэх лиссиэнсийэтин 2022 сыл маҥнайгы кыбаарталыгар ылыахтаахпыт. Манна даҕатан эттэххэ, бу эбийиэк киирэригэр харгыстары көрсүбүппүт. Ол эрээри Бырабыыталыстыба, оройуон дьаһалтата бииргэ үлэлэһээннэрин түмүгэр тутуу этэҥҥэ түмүктэннэ.
Бүлүүгэ 73 куойкалаах балыыһа комплекса тутулла турар, сэтинньигэ үлэҕэ киириэхтээх.
Сосновкаҕа 150 миэстэлээх психоневрологическэй диспансер ааспыт сыл бэс ыйыгар үлэҕэ киирбитэ. «Демография» национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Аҕам саастаахтарга» эрэгийиэн бырагырааматын чэрчитинэн тутулунна. Дьиэ үс этээстээх, таас. Уопсай иэнэ 4648,72 кв. м. Ороскуота 531, 8 мөл солк., онтон 500,7 мөл. солк. – федеральнай бүддьүөттэн.
Көстөрүн курдук, тутуу күүскэ баран эрэр. Ол эрээри электрическэй уот кыамтата кыһын мөлтөҕө атахтыыр. Кэлиҥҥи сылларга производство тэрийэргэ, дьон дьиэ-уот тутарга күчүмэҕэйдээх буолла. Боппуруоһу туруорбуппут ыраатта. Онон газопоршневой электростанцияны тутар туһунан улуус баһылыга СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлигэр этэн турар. Дьыала миэстэтиттэн хамсыах курдук буолла. АЛРОСА хампаанньа кыттыһарга сөбүлэҥин биэрэн, элбэҕи эрэннэрэр.
Ыччаты кытта үлэ
–Эдэр дьону кытары үлэ күүһүрэр. Былырыын улууспутугар Дойдуга бэриниилээх буолуу сыла этэ. Маны кытары Саха Сиригэр хомсомуол 100, Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгин 100 сылларын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээбиппит. Никииппэр Ханды аатын үйэтитэр «Тылгыны – Бүлүү - Хохочой» суолларынан массыынанан айан уонна миитин буолбута. Улуу Кыайыы 76 сылыгар анаммыт араас тэрээһиннэр тиһигин быспатахтара. Маныаха ыччаттар көхтөөх кыттыыны ылбыттара.
Бүлүү оройуонун волонтердара актыыбынайдык үлэлээтилэр. 66 этии киирбититтэн, кырдьаҕас дьоммутугар уонна коронавируһунан хааччахтааһыҥҥа олорооччуларга көмө оҥоһулунна. Астарын, эмтэрин, туттар малларын атыылаһарга көмөлөстүлэр.
Улуус баһылыгын иһинэн үлэлиир Ыччат сэбиэтэ тэрилиннэ. Састаапка 30 эдэр дьон киирдэ: бырамыысыланнаска, култуураҕа, спорт, үөрэҕириигэ, доруобуйа харыстабылыгар үлэлииллэр, урбаанньыттар, улуус дьокутааттара, лиидэрдэр бааллар. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ аахсыйаларыгар, авто-квестарга кытыннылар. Улуус таһымнаах «Эдэр ыччат – биир сомоҕо» култуурунай-спортивнай квест-ооньууну ыыттылар. Кыттыыны 200 тахса актыыбынай ыччат ылла. «MUUS USTAR» ыччат бэстибээлигэр телемост нөҥүө эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Былырыын Аҕа сыла олус бэркэ ааста. Спорт көрүҥнэригэр Аҕа күрэҕэ, булчуттарга Байанай күрэҕэ ыытылынна. Күрэхтэһиилэр кыайыылаахтарынан Дмитриевтэр дьиэ кэргэн тахсан, өрөспүүбүлүкэҕэ ХХI төгүлүн ыытыллыбыт «Аҕа күрэҕэ-2021» куонкуруска кыттар чиэскэ тиксибиттэрэ. Тэрээһин Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Тиэлиги нэһилиэгэр ыытыллыбыта.
Ыччат министиэристибэтин кытары ыкса үлэлээн, Бүлүү куората уонна Лөкөчөөн нэһилиэгэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн устудьуоннар этэрээттэрин тэрийиигэ субсидия ылбыта. Уопсайа 26 ыччат үлэлээтэ. Олортон 16-та – Бүлүүгэ (499 328,00 солк.) уонна 10-на – Лөкөчөөҥҥө (312 тыһ. 080).
Соруктар
–Ааспыт сыл барыбытыгар да тургутуу сыла буолла. Ол эрээри хас биирдии салааҕа саҥа сүүрээннэр киирдилэр, бэлиэ дааталары бэлиэтээтибит.
Быйыл өрөспүүбүлүкэбит үбүлүөйэ. Маныаха патриотическай, үөрэтэр, сырдатар тэрээһиннэр былааҥҥа тураллар. Улахан тутуулар барыахтара. Муосталар, федеральнай, муниципальнай суолталаах суоллар саҥардыллыахтара, тутуллуохтара. Бүлүүгэ уонна Кыһыл Сыырга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллуохтара, Бөтүҥ нэһилиэгэр эдэр исписэлиистэргэ дьиэ дьэндэйиэ. Бүлүүгэ балыыһа комплексын маҥнайгы уочарата түмүктэниэ, Тааһаҕарга култуура киинэ, Бүлүүгэ 200 миэстэлээх уһуйаан, Уһуҥҥа оскуола, Күбэйиндэҕэ уһуйаан үлэҕэ киириэхтэрэ. Бүлүүгэ М.Н.Жирков аатынан муусука оскуолатын тутуута саҕаланыа.
Бу сыл Бүлүү оройуонун уһулуччу дьонугар ананар. Ол курдук, чулуу биир дойдулаахтарбыт ааттыыр буоллахха: судаарыстыбаннай диэйэтэллэр Степан Максимович Аржаков, Степан Филиппович Гоголев, Гавриил Иосифович Чиряев, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара Николай Алексеевич Кондаков, Николай Саввич Степанов, Алексей Афанасьевич Миронов, сахалартан маҥнайгы Үлэ Дьоруойа Петр Хрисанфович Староватов, Социалистическай Үлэ Дьоруойдара Алексей Николаевич Черканов, Варвара Петровна Трофимова, Семен Митрофанович Васильев, Петр Иванович Протопопов, Прокопий Иннокентьевич Быканов, синтетическэй каучугу айбыт бэрэпиэссэр Иван Лаврентьевич Кондаков, өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгы профессиольнай композитор Марк Николаевич Жирков, норуот суруйааччыта Иван Михайлович Гоголев-Кындыл, өрөспүүбүлүкэ өрөгөйүн ырыатын ааптара Михаил Елисеевич Тимофеев, ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев, Саха Сирин номоххо киирбит киһитэ, бурдугу олордубут Николай Семенович Таппагаров, РФ уонна СӨ үтүөлээх юриһа Николай Нифонтович Каратаев, СӨ Бочуоттаах гражданина Нина Иннокентьевна Протопопова.
Сылбытын М.Н.Жирков аатынан Култуура дыбарыаһыгар историческай сааланы арыйыынан саҕалаатыбыт.
Бу сыл биир улахан култуурнай бырайыагынан М.Н. Жирков «Сыгый Кырынаастыыр» оператын туруоруохтаахпыт. Бу испэктээк композитор төрөөбүтэ 130 сылыгар ананар. Операҕа Бүлүү олохтоохторо кыттыахтара. Норуот инструменнарын национальнай оркестра уонна С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын артыыстара төһүү күүс буолуохтара. Туруорууну Бүлүүгэ, Дьокуускайга, Москубаҕа көрдөрүөхпүт.
Онон бары салааҕа элбэх үлэ күүтэр. Иннибит диэки баран иһэбит!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0