Ол курдук, Битим уонна Өлүөхүмэ өрүстэрин уута суукка иһигэр 15 – 85 см тиийэ үрдээбит. Ленскэй оройуонугар уу муҥутуур таһымҥа тахсыбыт. Өлүөнэҕэ бу күннэргэ уу эмиэ эбиллэн иһэр. Онон Өлүөнэ сүнньүнэн олорооччулар сэрэхтээх буолаллара ирдэнэр. Хаҥалас, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан уонна Дьокуускай тулатынааҕы намтал сирдэр ууга барар кутталлаахтар. Отчуттарга, сүөһү көрөөччүлэргэ бэлэмнээх буоллаллара наада диэн Суһал сулууспа начаалынньыга Владимир Семенов сэрэтэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0