Хаама сылдьар эмтиэкэ
Анал үөрэхтээх учуонай төрүт ынахпыт киһи доруобуйатыгар туох туһалааҕын өр сылларга кэтээн көрбүт, үөрэппит санаатын кинигэтигэр үллэстэр, сүбэлэри биэрэр. Олоҕун аргыһа Анатолий Чомчоев саха ынаҕын хаама сылдьар эмтиэкэ диэн бэргэнник ааттыыр, этин-үүтүн өлбөт мэҥэ уутугар тэҥниир.
Хаһаайыттар далбар остуолларыгар саха ынаҕын сымнаҕас этэ эчи минньигэһин, амтана үчүгэйин, төрүт аспытын амсайдахха, киһи куртаҕа кытта үөрэн сэгэс гына түһэр эбит. Аны минньигэһиргээн элбэҕи аһаатаххына, атын ас курдук куртаҕыҥ ыараан хаалбат. Төрүт аспытын куртахпыт үчүгэйдик ылынар, ыарырҕаппат эбит. Барбыт миин, амтаннаах соркуой кэнниттэн сэниэ киирэн, хойукка диэри үөрэ-көтө сылдьар турукка киирэн хаалаҕын.
Дьокуускайтан тэйиччи, тыа быыһыгар туспа буруо таһааран олорор ыал туһунан билиһиннэрдэххэ, оччолорго өрөспүүбүлүкэ гражданскай оборонатын ыстаабын салайааччытын солбуйааччы Анатолий Чомчоев Чернобыль саахалын туоратарга быһаччы үлэлэспитэ. ССРС Сэбилэниилээх күүһүгэр өр кэмҥэ эҥкилэ суох үлэлээбит, I, II, III истиэпэннээх мэтээллээх полковник Ил Түмэн саамай бастакы ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата, ону таһынан эколог, физик-ядерщик, саҥаны айар инженер-учуонай быһыытынан киэҥник биллэр.
Анатолий Игнатьевич кэргэнин Диана Васильевнаны кытта уонтан тахса сыл устата айылҕа кэрэ туонатыгар, Бүлүүлүүр айан суолун 46 км. баар Кэҥкэмэ үрэх үрдүгэр олороллор. Куораттан биир чаас айаннаан тиийэр, ытыс таһынар уот суох сиригэр кинилэр күн уонна тыал күүһүнэн уоттанан, тэлэбииһэри көрөллөр, аан дойдуга туох буола турарын билэллэр.
Учуонай дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйа бырайыагын оҥорон таһаарбыта. 15 кВт кыамталаах генератор сүүс дьиэлээх бөһүөлэги 50 сыл устата уотунан, ититиинэн, сылаас уунан хааччыйыан сөп. Дьоҕус реактор былаана билиҥҥитэ кумааҕыга эрэ баар, ону олоххо киллэрэргэ үбүлээһин ирдэнэр.
Көҥүл сылдьарын сөбүлүүр
Кинигэ ааптара Диана Васильевна кинигэ суруллан тахсара былааннаммыта ырааппытын эттэ. Саха ынаҕа хаама сылдьар эмтиэкэ буоларын дьон бэйэ-бэйэтиттэн истиһэн, араас ыарыытыттан босхолонуон баҕалаах дьон тиһигин быспакка Чомчоевтарга кэлэ турар.
Аны саха ынаҕын иитиэн баҕалаах элбээн, ынаҕы хайдах баайабытый, ыыбытый, үүтүн хайдах иһэбитий диэн дьиэлээх хаһаайканы үүйэ-хаайа туталлар. Ынах диэни үйэлэригэр көрбөтөх да дьон кэлэллэр. Эмтэнээри саха ынаҕын сылаас гарааска тутуохпут дэһэр дьон эмиэ бааллар.
«Саха ынаҕа саха киһитин курдук көҥүл босхо көччүйэн, мэччийэн бэйэтэ сөбүлүүрүн аһаан, талбытынан утуйан, сынньалаҥнык сылдьарын сөбүлүүр. Төрүт ынахпытын көрөргө сүбэ-ама көрдөөччү үксээн, кинигэтэ суруй диэн көрдөспүттэрэ», — диэн кинигэ хайдах күн сирин көрбүтүн Диана Васильевна сэһэргээтэ.
Олоҕун аргыһа кинигэ туох уратылааҕын, киһи болҕомтотун тардар өрүттээҕин кэпсээтэ. Ааптар киһи эти амсайан араарар диэн суруйар. Холобур, минньигэс, аһыы, аһыйбыт, туустаах, үөлүллүбүт (умами) амтаннаах.
Сүһүөҕү эмтиир сүөһү хойуута
Анатолий Игнатьевич кэргэнин кинигэтин билиһиннэрэ туран, атаҕын сүһүөҕэ ыалдьар киһи баар дуо? — диэн мустубут дьону эргиччи көрдө. Оннооҕор эдэрчи көрүҥнээх дьон утуу-субуу илиилэрин көтөхтүлэр. Тымныы тыйыс айылҕалаах дойдуга олорон, оҕо сааспытыттан үгүстүк тоҥон-хатан, сүһүөҕэ ыалдьыбат киһи Сахабыт Сиригэр, бука, суоҕа буолуо.
«Бу соторутааҕыта икки атаҕа ыалдьан, кыайан хаампат буолбут киһини кыыһа массыынанан аҕала сылдьыбыта. Ону Диана Васильевна саха ынаҕын хойуутунан эмтэниллэр, ону хайдах туттар туһунан кэпсээбитэ. Аҕыйах хонугунан киһибит сүүрдэн кэллэ уонна: “Саха ынаҕын хойуутун ыла кэллим”, — диир. Сотору-сотору кэлэн тиэнэн барар», — диэн кэпсээн Анатолий Игнатьевич дьону күллэртээтэ.
Ынах хойуутугар кыһыл арыгыны, чуолаан «Кагор» эбэллэр эбит, ону буккуйан, маас оҥостон ыалдьар сүһүөхтэригэр сыбыыллар. Аҥаардас хойууну тутуннахха, киһи атаҕын быһа сиир, көҕөрөн тахсар, онон сэрэниэххэ наада. Кытайдар сүһүөҕү эмтииргэ араас пластырь атыылыыллар, ити барыта Тибет ынаҕын хойуута диир кини.
Ааптар кинигэҕэ Омега-3, Омега-6 туһунан суруйар, ити киһи үйэтин уһатар эттиктэр, учуонайдар этэллэринэн, састааба аҕыйыа да, элбиэ да суохтаах. Аҕыйаатаҕына уонна элбээтэҕинэ киһи ыалдьар. Ону үгүс дьон туһалаах үһү дии-дии көтөҕүнэн битэмиин ылан иһэллэр, кыһыны супту сыалаах убаһа этинэн аһылыктаналлар. Түмүгэр ыалдьан хаалаллар.
Маны таһынан, саха ынаҕын уонна боруода сүөһүлэр уратылара кинигэҕэ арыллар. Ону истэн баран Москуба куоракка бэйэтэ килииникэлээх Никита Истомин диэн аатырбыт быраас кэлэ сылдьыбыт.
Киһи улахан аҥаара ууттан турарын быһыытынан, хараҕыҥ мөлтөөтөҕүнэ хараҕыҥ уутун эмтиэхтээххин, этиҥ-сииниҥ уутун чөлүгэр түһэриэхтээххин диэн санааны тутуһар.
Анатолий Чомчоев аныгы олохпут биир көстүүтэ оҥоһуу өй (искусственнай интеллект) киирдэҕинэ, киһи-аймах эмискэ аҕыйаабытынан барыа диэн сэрэттэ. Учуонайдар сабаҕалыылларынан, 2037 с. сиргэ 300 мөл. эрэ киһи хаалыа, билигин 8,2 млрд. кэриҥэ баар.
Ити халлаантан ылан суруйуу буолбатах, билим чинчийиитэ.
Ынаҕы көрөр дьоҥҥо босхо сири, дьиэни-уоту
Салгыы социология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, Ил Түмэн бастакы, иккис ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата Ульяна Винокурова саха ынаҕын суолтатын, норуот доруобуйатын, кэскилин харыстыырга сүҥкэн оруолун туһунан тыл эттэ. Кини «Суораттааҕым барахсан» диэн кинигэҕэ өбүгэбит бэлэҕин туһунан киирии тылы суруйбута.
Бэрэпиэссэр кэнники кэмҥэ саха баһыйар өттө куоракка көһөн киирбитин, тыа сиригэр олох хаачыстыбата Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин кытта тэҥнээтэххэ, быдан мөлтөҕүн, аныгы олох ирдэбилигэр табыгаһа суоҕун, оннооҕор гаас олох аҕыйах нэһилиэккэ тардыллыбытын бэлиэтээтэ.
Саха ынаҕын иитэр, тарҕатар туһугар анал туһаайыыны оҥорор наадатын иһитиннэрдэ. Тыа сиригэр төрүт ынаҕы иитэр ыалларга сир биэрэн, толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутан, дьону олохсутарга тус сыаллаах судаарыстыбаннай көмөнү оҥорорго этии киллэрдэ. Билигин улуустарга саха ынаҕын иитэр ыал олох аҕыйах. Судаарыстыба сири-уоту, дьиэни, сайылыгы, уһаайбаны буор босхо тутан биэрэрин көҕүлүүргэ санаатын үллэһиннэ.
Оччоҕуна дьон үтүө холобуру батыһан, куораттан тыа сиригэр тахсан, саха ынаҕын иитэн, төрүт дьарыкпытын өрө тутан, иҥэмтэлээх эти-үүтү дэлэтэн, саха үйэтин уһатыа, кэскилин кэҥэтиэ этилэр. Ону таһынан, итинник дьаһал оҕону-аймаҕы, ыалы түмүө, дьиэ кэргэни, ыччаты сомоҕолуо, быраҕыллан эрэр, өтөхсүйэн турар сайылыктары сөргүтүө. Ульяна Винокурова этэринэн, биһиги төрүт ынахпытыгар, төрүт аспытыгар тирэниэхтээхпит, Кэҥкэмэ ыалыттан ити үтүө саҕалааһын салҕанан, тэнийэн иһиэхтээх.
Баҕа санаа олоххо киирэрин туһугар
Чомчоевтар Кэҥкэмэҕэ саха ынаҕын иитэн, төгүрүк сыл олороллоругар икки этээстээх дьиэ тутуутун көҕүлээбит Ил Түмэн VI ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ Мария Христофороваҕа махтанан туран дьиэлээх хаһаайка тыл биэрдэ.
Мария Николаевна кинигэ тахсарын оҕо төрүүрүн кытта тэҥнээн, үһүс кинигэ сүрэхтэниитинэн эҕэрдэлээн туран, Диана Васильевна саха төрүт дьарыга сайдарын туһугар дириҥ суолталаах үлэни оҥорбутун үрдүктүк сыаналаата.
Саха саргытын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммутун биһиги өйүөхтээхпит, биирдэ оҥоһуллан баран умнуллан хаалбатын курдук тиһигин быспакка ыытыллар бырайыактары толкуйдуохха наада диэн санаатын үллэһиннэ.
Икки сыллааҕыта Анатолий Игнатьевичка тиэргэнигэр саба түһэн, быһаҕынан бааһырдыбыт ыксаллаах кэмнэрин кэнниттэн Мария Николаевна сүбэтинэн «Аврора» мэдиссиинискэй килииникэтэ суһал көмө курдук кэмиттэн кэмигэр куораттан быраас миэдсиэстэрэ ыытан, доруобуйатын туругун өрүү кэтии сылдьалларыгар Диана Васильевна махтанна. Маны сэргэ бэлиэтиэххэ наада, ити ыарахан дьай Чомчоев дьылҕатыгар охсуутун “Кыым” хаһыат тиһигин быспакка сырдатан кэллэ, өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин долгутта.
Ил Түмэн Аартыка уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева кинигэҕэ суруллубут суоруллубат, уһун үйэлээх буоларын санатта. Аҕата суруналыыс, эрэдээктэр буоларын быһыытынан, «Кыым» хаһыат дьиэлэригэр өрүү баарын, бары сөбүлээн ааҕалларын кэпсээтэ. Уопсайынан Елена Христофоровна куруук Чомочоевтар тула араас эйгэ испэсэлиистэрин түмэр, үрдүкү былааска кинилэр туруорсар боппуруостарын тириэрдэр киһилэрэ буолар эбит.
Анатолий Игнатьевич баҕа санаата олоххо киирэрин туһугар кэнсиэпсийэ оҥорон, аныгы олох түргэн-тарҕан хамсаныыны эрэйэрин быһыытынан, аны күһүҥҥэттэн бары түмсэн үлэлииргэ ыҥырда.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0