Бастакы үөрэҕинэн физкультура учуутала, онтон социальнай педагогикаҕа үөрэнэн, СӨ социальнай страхованиетын пуондатыгар үлэлээбитэ, салгыы иккис үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, экэнэмиис идэтин баһылаабыта.
17 сылтан тахса үчүгэй дуоһунаска бүддьүөт эйгэтигэр үлэлээн баран олоҕун тосту уларытарга санаммыта, 40 сааһыгар уйулҕаны, истиили үөрэтэр оскуолаҕа тардыспыта. Духуобунай үөрэҕи утаппыттыы чинчийэн, уйулҕа академиятын бүтэрэн, диплом ылбыта. Сэртипикээт ылан, энергопрактик быһыытынан дьону кытта үлэлиир, сүбэ-ама биэрэр кыахтаммыта.
Дьону сэрэйэр дьоҕур
2020 сылга олоҕор улахан тосту уларыйыы кэнниттэн дьон санаатын, ис эйгэтин сэрэйэн билэр, суолларын арыйар дьоҕура аһыллыбыта. Духуобунай учууталын Сайыы Кутун көрсөн, дьону эмтиир, ыраастыыр дьоҕурдааҕын билбитэ.
Санаалара наһаа түспүт, олохтон илистибит, эниэргийэлэрэ намтаабыт, эбэтэр бүтэн эрэр дьон кэнниттэн бэйэтэ сылайан, илистэн хаалан, сытан эрэ элбэҕи толкуйдуура. Онтон чакралары, чараас эйгэни үөрэтэн, кимиэнэ тоҕо бүөлэммитин, сабыллыбытын этэн биэрэн, көмөлөһөр кыахтаммыта. Тапталы, уйгу-быйаҥ олоҕу тардар, дьахтар эниэргийэтин күүһүрдэр ааптарскай медитация суруйар буолбута.
Истиил терапията диэн ааптарскай ньыманан үлэлиир, кэлбит киһини кытта бастаан дириҥ кэпсэтиини ыытар, кинигэ сирэйдэрин арыйталыы олорон, күн бүгүн эйиэхэ саамай чугас иэйии ойуутун талан ыларгар этэр. Ол кэнниттэн ис уйулҕаҥ тас уобараскар төһө сөп түбэһэрин кэпсиир.
Духуобунай учууталын кытта дьылҕата билиһиннэрэн, дьылҕа матрицатын үөрэппитэ. Оттон истиил хайысхатынан үлэлииргэ дьоҥҥо туох туһалааҕы оҥоруон, тугунан дьарыктаныан сөбүн толкуйдуу сылдьан кэлбитэ.
«Таҥас көннөрү мал буолбатах, киһи бэйэтин иһиллэнэн, сөпкө таҥыннаҕына сыалын-соругун чэпчэкитик ситиһиэн, ресурснай турукка киириэн сөп. Кэрэ аҥаардар бэйэлэрин сыаннастарын арыйан, олоххо истииллэрин булалларыгар көмөлөһөбүн, бу хайысханан үстэн тахса сыл үлэлээтим.
Коучинг көмөтүнэн бэйэ кыаҕар эрэллээх, кыраттан даҕаны дьоллоох буоларга, гармонияны ситиһэргэ сирдиибин. Саҥа таҥас атыылаһан кэттиҥ да онон бүппэт, киһи бэйэтин санаатын сөпкө салайа үөрэниэхтээх, сыаннаһын булан, бигэ тирэхтээх буолуохтаах», — диэн кэпсиир.
Ис эйгэҕэр чугас дьон кэлэллэр
Люба бородууктаны атыылыыр маҕаһыыннаах буолан, урбаана сайдарыгар үгүс күүһүн-уоҕун, бириэмэтин биэрбитэ, онтон билигин күннээҕи түбүгүн үлэһиттэригэр үллэрэн, бэйэтэ сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктанар, сүрэҕэ тугу этэринэн олорор. «Молочный дождик» хампаанньаны кытта үгүстүк үлэлэһэн, үрүҥ аһы атыылаан, амбассадор таһымыгар тахсыбыта.
Үлэттэн сылайдаҕына сайын сөтүөлүүрүн, бассыайынҥа харбыырын, айылҕаҕа тахсан чуумпуга сылдьарын сөбүлүүр.
«Мин санаабар, дьиҥнээх истилиис аҕыйах да таҥастан сөптөөх гардеробу хомуйар, киһи бэйэтин хайдах баарынан ылынарыгар, таптыырыгар, көрүнэригэр үөрэтэр. Тас көрүҥүҥ ис уйулҕаҕын көрдөрөр. Миэхэ кэлбит дьону маннык таҥныҥ диэн баран ыытан кэбиспэппин. Киһи личноһын, туох сыаллааҕын-соруктааҕын, кини сайдарыгар туох мэһэйдиирин көрөбүн, туохтан эрэ куттанарын босхолоон, таҥас нөҥүө бэйэтин арыйарыгар көмөлөһөбүн.
12 араас истиил баар, киһи туругуттан көрөн хас даҕаны истиили дьүөрэлиэн сөп. Таҥас эн ис туруккар быһаччы дьайар кыахтаах. Сорох дьон туох эрэ санааҕа ылларан, таҥаһы солуута суох ыл да ыл буолаллар, онон бэйэлэрин уоскутуна, санааларын бөҕөргөтө сатыыллар.
Холобур, скандинавскай истииллээх баайыы бээһиҥкэлэри, сибиитэрэли, сымнаҕас таҥаһы, сылаас сырдык дьүһүнү талар дьон бэйэлэрин тула куттала суох эйгэни тэрийэргэ дьулуһаллар. Куруубай джинсыны, киэҥ худи, бэйэҥ киэҥҥиттэн хас да размер улаханы оверсайс таҥаһы кэтэр дьон бэйэлэрин кыраныыссаларын көмүскэнэ, холкутуйа сатыыллар», — диир кини.
Люба киһи бэйэтин иһиллэнэ сылдьыахтаах, аччыктаатаҕына аһаан, сылайдаҕына сынньанан, ону таһынан, көмпүүтэргэ, смартфоҥҥа өр олорбокко куруук хамсана сылдьыахтаах диэн этэр. Олоҕу уустугурдубакка ылынар, таптыыр, махтанар, кыраттан да үөрэр, дьону кытта сатаан үллэстэр, ис сүрэхтэн доҕордоһор буолары сатыахха наада, сэниэ бүттэҕинэ айылҕаҕа сылдьан, эбэтэр чуумпуга уоскуйан олорон, кыахпытын мунньуохтаахпыт.
Оччоҕуна, кини этэринэн, ис күүрүү ааһан, холкутуйан, наадата суох бэйэтэ туораан, ис эйгэҕэр чугас дьон кэлэллэр, сөбүлүүр дьарыгыҥ көстөр, айар дьоҕуруҥ аһыллар.
Бэйэҕиттэн ураты эйигин ким да дьоллоох оҥорбот
«Сорох дьон хайдах истииллээхтэрин да билбэттэр, араас таҥаһы аҥаар кырыытыттан ылан, төһө да барсыбатын иһин кэтэн иһэллэр. Араас саастаах үгүс дьахталлар хаамарга табыгастаах диэн сайыннары-күһүннэри кроссовканан, ыстаанынан сылдьаллар уонна дьахтар курдук кэрэ нарын буолуохтарын, үлэлэригэр сыаналаныахтарын баҕараллар.
Оттон ким эрэ олоҕор уустук тургутугу, хара балаһаны ааһар, ол иһин таҥаһын барытын уларытыан, бигэ тирэх булуон баҕарар. Атын дьахтар сааһыран баран чаҕылхай өҥү сөбүлүүр, эдэримситэр таҥаһы таҥнар, онтуттан кыбыстар, тоҕо миэнэ оннугуй диэн ыйытар. Мээнэ араас таҥаһы атыылаһан баран тугу кытта дьүөрэлээн кэтиэн билбэт. Олохтон сылайбыт, туохтан эрэ саарбахтыыр, истэригэр дууһаны кэрбиир быһаарыллыбатах боппуруоһу илдьэ сылдьар дьон кэлэллэр.
Дьиҥэр, ханнык таҥаһы, өҥү таларбыт ис турукпутун туоһулуур. Бэйэҕиттэн ураты эйигин ким даҕаны дьоллоох оҥорботун өйдүөххэ наада. Бэйэни итэҕэйэ, эрэнэ, таптыы үөрэниэхтээхпит. Маны сатыыр киһи дьоллоох буолар. Ону ситиһэргэ дьахтар бэйэтин бастакы миэстэҕэ туруоруохтаах, тугу баҕарарын өйдүөхтээх, баҕа санаатын толоруохтаах, сыаннаһын билиэхтээх», — диэн сүбэлиир Люба.
Хас биирдии кэрэ аҥаар бэйэтин көрүнүөхтээх, олох устун үөрэ-көтө, астына-дуоһуйа олоруохтаах. Дьахтар сөбүлүүрүн оҥорор, онтон астынар түгэнигэр, кини туруга атын дьону тардар, килийиэннэри аҕалар, харчыны киллэрэр эбит.
Оннук турукка киирэргэ бастаан бэйэҕэр, онтон дьоҥҥо мичээрдии үөрэнэн, сүргэҕин туох көтөҕөрүн, сүрэххин үөрдэрин, дьоллуурун билэн, ону элбэттэххинэ, сүөм түһэн сөҥүөрэн олорор туругуҥ сыыйа-баайа уларыйан, сырдаан иһэр. Олоҕу, чугас дьоммутун, үлэбитин, тулабытын барытын хонтуруоллуу сылдьартан босхолонон, холкутуйуу туругар киириэхтээхпит. Оччоҕуна ис эниэргийэбит улаатар, үрдүүр. Онон дьахтар айылҕатынан таптал, олохтон астыныы сылаас тыынынан сыдьаайа сылдьыахтаах, кини дьоллоох буоллаҕына, аттыгар баар дьон эмиэ дьол туругар киирэллэр. Оттон кыыһыран тымта, куруук мөҕө-этэ, киҥэ-наара холло сылдьар, эбэтэр саҥата суох куруук санаата түһэн олорор дьахтар чугас дьонун эмиэ баттыыр, эрэйдиир.
Коуч истилиис кириисискэ киирбит, саҥаны саҕалыан, сайдар суолун тобулуон, ис кыаҕын арыйыан, бэйэтин күүстээх өрүтүн таба тайаныан, олоххо тирэҕин булуон баҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөр. Олоххор сөпкө баран истэххинэ, саҥа суол аһыллан, наадалаах дьон кэлэллэр, барыта уурбут-туппут курдук сатанан-табыллан иһэр диэн кини бүгүҥҥү сэһэргэһиибитин түмүктүүр.
Хаартыска Любовь Васильева тус архыыбыттан.
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0