Мин сахалыы эйгэҕэ иитиллибитим, эһэлээх эбэм атах тэпсэн олорон уу сахалыы былыргыларын ахтан-санаан кэпсэтэллэрин истэн улааппытым. Онтон Дойдунуускайга начаалынай оскуолаҕа үөрэнэ киирбиппэр, үлэлэригэр олус бэриниилээх маҥнайгы учууталларым Аринкина Фаина Сергеевна, Мохначевская Анастасия Ивановна, Татаринова Валентина Николаевна саха тылыгар тапталы иҥэрбиттэрэ. Бэһис кылаастан Балыктаахха саха тылын, литературатын Габышева Парасковья Прокопьевна үөрэппитэ. Алта сыл устата сахалыы сыыһата суох суруйарга, саха поэттарын, суруйааччыларын айымньыларын ааҕан-үөрэтэн, истибиттэн, өйтөн суруйтаран, учууталбыт биһиэхэ элбэх сыратын биэрдэҕэ. Төрөөбүт төрүт тылбытыгар тапталы иҥэрбит учууталларбар махталым муҥура суох, кинилэр сыралара таах хаалбатах дии саныыбын.
Кыралаан суруйарга холонон, оройуон хаһыатыгар "Эркээйигэ" Балыктааҕым туһунан сырдатан, сонуннары ыытабын. Иэйиим киирбит кэмигэр айыллыбыт аҕыйах хоһооннордоохпун.
Сахам тыла хайдах курдук күндүтүн ыраах Сахам сириттэн тэлэһийэ сылдьаммын эппинэн-хааммынан билэн турардаахпын. Оскуола кэнниттэн тута Ленинград куоракка тиийэн үөрэнэн-үлэлээн, Латвия столицатыгар Ригаҕа олорон ааспыт кэмнэрбэр, дойдубутун, дьоммутун аҕыннахпытына, сахалыы кэпсэтэн-ыллаан ыллахпытына, ахтылҕаммыт ааһарга дылы буолара. Ол кэмнэри билигин өйдөөн кэллэххэ, элбэх омук быыһыгар биһиги төрөөбүт сахабыт тылын өрө тутан, киэн туттан, Саха сирин туһунан кэпсиирбитин бииргэ сылдьар доҕотторбут сүрдээҕин сөҕө-махтайа истэллэрэ, оччолорго омугунан хайдыһыы диэн суоҕа.Сахалыы ырыаны сөбүлээн истэллэрэ. Араас омук оҕолоро бары эйэлээхтик олорбуппут. Бэйэтин төрөөбүт тылын билэр киһини ханна баҕарар ытыктыыллар эбит диэн өйдөбүл эмиэ үөскээбитэ.
Онон ханна да тиийдэрбит, төрөөбүт төрүт тылбытын, сахабыт тылын өрө тутуоҕуҥ, дьиэбит иһигэр уу сахалыы тылынан оҕолорбутун- сиэннэрбитин кытта кэпсэтиэҕиҥ!
Тылбыт умнуллубатын, сахалыы саҥа сатарыы турдун, сахабыт тыла барахсан санаабытын сылаанньыттын, сүргэбитин көтөхтүн!
Балыктаахтан Мария Захарова.
13.02.2021 сыл.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0