Балаҕан ыйын 14 күнэ православнай таҥара итэҕэлинэн, Семеон столпник, сахалыы эттэххэ, Сэмэнэп таҥара күнэ. От үлэтэ сүрүннээн бүтэн, ыаллар кыдама сууйуута диэн алаадьы буһаран сииллэр. Сайылыктан кыстыкка көһүү саҕаланар. Бу күнтэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри кэм күһүн үгэнэ дэнэр. Айылҕа алтан көмүс аалыытынан симэнэр, кураанах кус маассабайдык төннөр. Халлаан сайыҥҥылыы сылаанньыйар, ону “дьахтар быттанар кэмэ” дииллэр. Ол аата улахан түбүктэрэ бүтэн, ыаллар кыстыкка бэлэмнэнэн, дьиэлэрин-уоттарын өрө тардыналлар, сууйаллар-сотоллор, хотоннорун сыбыыллар. 21-стэн сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр, түүн баһыйан барар, онон күн-дьыл хонугунан ааҕыллар буолар. Былыргынан эттэххэ, эргэ дьыл саҕаланар. Балаҕан ыйын 26 күнүттэн алтынньы 5 күнүгэр диэри кэми ыкса күһүн, салгыы алтынньы 22 күнүгэр диэри кыһыары күһүн дэнэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0