Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо, күндү дьоммут! Эһигини барыгытын тапталлаах Арассыыйабыт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо, күндү дьоммут! Эһигини барыгытын тапталлаах Арассыыйабыт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Ил Түмэн дьокутааттара Андрей Находкин, Юрий Баишев:

c8aaed6a 9a49 41c4 a805 8ec368175bd4

--Бэс ыйын 12 күнүгэр бүттүүн Арассыыйа норуота бу бэлиэ күнү ылынан бэлиэтиир буолбута үтүө үгэскэ кубулуйда. Аан дойдуга саамай киэҥ иэннээх сиргэ үгүс норуот биир дьиэ кэргэн курдук олороллоругар, үлэлииллэригэр, үөрэнэллэригэр бары усулуобуйа баар, Төрүт сокуоммут ону мэктиэлиир.

Биһигиттэн ирдэниллэр – үтүө үгэстэрбитигэр олоҕуран, биир дьиэ кэргэн курдук хайдыспакка олоруу, аҕа дьоммут оҥорбуттарын, ситиспит кирбиилэрин түһэрбэт, өссө элбэтэр курдук үлэлээһин.

Хас биирдиибититтэн элбэх тутулуктааҕын өйдүөх тустаахпыт, ыччаттарбытын эйэлээх, сүрэхтээх буолуу тыыныгар иитиэхтээхпит. Историябытын дириҥник билэр, ытыктыыр, кыайыылар хайдахтаах курдук эрэйинэн кэлбиттэрин өйдөтөр – барыбыт ытык иэспит.

Арассыыйа аатын үрдүктүк тутан, салгыы да дьоллоохтук-соргулаахтык, эйэлээх халлаан анныгар олоруоҕуҥ! Эдэрдэрбитин харыстабыллаахтык иитиэҕиҥ, кырдьаҕастарбытыгар кыһаллыаҕыҥ!

Бырааһынньыгынан, Арассыыйа күнүнэн!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением