Ханнык да атын дойдулардааҕар Арассыыйаҕа социальнай өҥө, өйөбүл, көмө оҥоһуллуута улахана, үгүһэ мэлдьэх буолбатах. Кыаммат ыалларга (элбэх оҕолоохторго, кыра дохуоттаахтарга), доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо (инбэлииттэргэ, кырдьаҕастарга, соҕотох хаалбыттарга, тулаайахтарга) болҕомто мэлдьи ууруллар. Бу да дьаҥ кэмигэр социальнай үлэһиттэр, инники күөҥҥэ туран, нэһилиэнньэ этэҥҥэ буолуутугар, босуобуйаны, биэнсийэни тиэрдиигэ, саастаах дьон дьиэтиттэн тахсыбакка, аһынан-үөлүнэн, эминэн хааччыллыытыгар төһүү күүс буоллулар.
Үгэс быһыытынан, бу күн СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ улуустарга баар үлэһиттэрин Дьокуускайга сийиэскэ түмэрэ. Оттон билигин дьаҥ хамсыга туран, уустук эпидемиологическай балаһыанньанан, бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр бүгүн онлайн эрэсииминэн бара тураллар. Ол курдук, бастаан үөрүүлээх быһыыга-майгыга миниистир Елена Александровна Волкова кыттыылаах видео-кэмпириэнсийэ буолла. Бастыҥ үлэһиттэр судаарыстыбаннай наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр. “Социальный работник глазами наших детей” уруһуй куонкуруһа түмүктэннэ. Дьиэҕэ олорооччулары көрөр-харайар “Республиканский комплексный центр социального обслуживания” тэрилтэ онлайн-тэрээһин ыытта. Инстаграм ситимигэр “Почему я выбрала профессию социального работника”, “Страницы истории социальной службы Якутии” аахсыйалар буола тураллар.
Социальнай эйгэ үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиибит!
Анисия Иевлева.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0