«Кыһыл көмүс бөрүө» — Саргылаана Ивановна Багынанова, «Кыым» хаһыат кэрэспэдьиэнэ;
«Кыһыл көмүс микрофон» -- Анна Юрьевна Ярыгина, «Саха» ГТРК ыытааччыта уонна эрэдээктэрэ;
«Сыл дебюта» — “Саха” НКИХ “#СайынTRIP” бырайыага;
«Сыл дизайна» — Сардаана Владимировна Бурнашева, “Сахабэчээт” Уус Алданнааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыатын тиэхиньиичэскэй эрэдээктэрэ;
«Сыл бастыҥ таһаарыыта (өрөспүүбүлүкэтээҕи)» -- «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал (сүрүн эрэдээктэр А.Г.Гуринов);
«Сыл бастыҥ таһаарыыта (улуустааҕы)» -- Өлүөхүмэ улууһун «Олёкма» хаһыата (бас эрэдээктэр Д.В. Тимофеева);
«Көдьүүстээх, түмүктээх үлэ иһин» — Ольга Егоровна Шепелёва, Уус Алдан «Мүрү саһарҕата» хаһыат кэрэспэдьиэнэ;
«Бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн» — Валентина Николаевна Соломонова, «Ил Түмэн» парламент хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.
«Сыл фотографа» — Андрей Андреевич Сорокин, ЯСИА фотокорреспондена.
«Бастыҥ пресс-сулууспа» — Ил Түмэн пресс-сулууспата, (начаалынньык Ч.Н.Гаврильев)
Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит. Манна даҕатан эттэххэ, СӨ Суруналыыстарын сойууһа Галина Алексеевна Бочкарева салайыытынан бэрт көдьүүстээхтик үлэлиир. Ол курдук, 2020 сыллаахха РФ Бэрэсидьиэнин граныгар кыттан, “Сохранение исторической памяти” диэн хайысхаҕа «Увековечивание памяти основоположника якутской литературы Алексея Елисеевича Кулаковского-Ексекюляха через создание культурного пространства 11 литературных героев А.Е. Кулаковского» диэн бырайыага 1 мөл. 992 тыһ. солк. суумалаах граҥҥа тиксибитэ. Ол үбүнэн бырайыак ааптара Луиза Саввична Протопопова Таатта улууһун Чычымаҕар, Амма өрүс кытылыгар, Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларынан арт-эбийиэктэри оҥорторбута. Скульптор -- кэргэнэ Вячеслав Иванович Кулачиков. “Өксөкүлээх алгыстаах аартыга” паарка 2021 балаҕан ыйыгар аһыллыбыта.
Аны бу ааспыт сылга СӨ Ил Дархана гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга туһуламмыт граныгар кыайан, Саха Сирин суруналыыстарын энциклопедията тахсар буолла.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1