Муус үөһээ кытыыта Иркутскай уобалас Киренскэйдээҕи оройуонун Визирнэй бөһүөлэгин аннынан устар, итинтэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыраныыссатыгар диэри 71 км.
Уу таһыма Пеледуй аннынан 395 см., көмүөл хойуу, устата 110 км. Ааспыт сууккаҕа 39 км. хамсаабыт.
Бэҕэһээ, ыам ыйын 7 күнүгэр, өрүс Битиим бөһүөлэгин аннынан биир суукка эрдэлээн эстибитэ. Гидрометсулууспа управлениетын чопчуламмыт билгэтинэн, Ленскэй — Ньүүйэ учаастагынан муус ыам ыйын 9-13 күннэригэр устара сабаҕаланар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1