Биэс ыарахан тиэхиньикэнэн сэбилэммит эрчимнээх биригээдэ от ыйын 18 күнүттэн саҕалаан тиргиччи үлэлээтэ. Ол түмүгэр, ханааллар ыраастанан, үрэхтэр сүнньүлэрэ көннөрүллэн, бөһүөлэктэн уу түһэрэ хааччыйылынна, быһыт бөҕөргөтүлүннэ. Бөһүөлэк иһинээҕи суол-иис чөлүгэр түһэрилиннэ, сөмөлүөт түһэр былаһаакката уонна бөһүөлэги ойуур баһаарыттан араҥаччылыыр минбалаһа оҥоһулунна. Ону таһынан хампаанньа халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмө быһыытынан, кыһыҥҥы таҥас кэмпилиэгин биэрдэ.
– Ламыҥха эбээн национальнай нэһилиэгин уонна Кэбээйи улууһун дьаһалтатын аатыттан генеральнай дириэктэр Вадим Ильчугунан сирэйдээн, «Прогноз» аахсыйалаах уопсастыба кэлэктиибигэр сүҥкэн көмөлөрүн иһин, барҕа махталбытын биллэрэбит. Үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт, – диэн иһитиннэрэр Кэбээйи улууһун дьаһалтата.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0