Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

АГАТУ бэтэринээрийэҕэ факультетын бастакы кууруһун бүтэрбит Юлия Гололобова Уус Алдан улууһун бэтэринээринэй чинчийэр лабораториятыгар быраактыкатын бара сылдьар.

АГАТУ бэтэринээрийэҕэ факультетын бастакы кууруһун бүтэрбит Юлия Гололобова Уус Алдан улууһун бэтэринээринэй чинчийэр лабораториятыгар быраактыкатын бара сылдьар.

Онон аудиторияҕа ылбыт билиитин чиҥэтэн, талан ылбыт идэтин бастааҥҥы үөрүйэхтэрин уонна сатабылларын иҥэринэр. Ол курдук, бэтэринээринэй санитарнай экспертиза салаатыгар үүтү чинчийии быраабылаларын үөрэттэ. Уопуттаах бэтэринээр быраас Марианна Иванова салалтатынан үүттэн боруобаны ылан, үүт састаабын чинчийэргэ уонна быһаарарга үөрэннэ.

Юлия_-_2.jpeg

Химия-токсикология салаатыгар Юлия Гололобова от хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээһин ирдэбиллэрин үөрэттэ, ходуһаттан бэйэтэ боруоба ылан, от хаачыстыбатын бэрэбиэркэлииргэ холонно. АГАТУ устудьуоннара бу курдук араас улуустарынан  быраактыкалана сылдьаллар диэн Бэтэринээрийэ департамена иһитиннэрэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38