Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгин Уол Табаҕатыттан сыдьааннаах 147 киһи ыҥырыллыбытыттан, 83 киһи сэрии хонуутугар көмүс уҥуохтара хаалбыта. Табаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатыттан 25 учуутал, техүлэһит сэриигэ кыттыбыта. Кинилэртэн биирдэстэрэ Спиридон Васильевич Шишигин буолар.

Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгин Уол Табаҕатыттан сыдьааннаах 147 киһи ыҥырыллыбытыттан, 83 киһи сэрии хонуутугар көмүс уҥуохтара хаалбыта. Табаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатыттан 25 учуутал, техүлэһит сэриигэ кыттыбыта. Кинилэртэн биирдэстэрэ Спиридон Васильевич Шишигин буолар.

Фроҥҥа тылланан барбыта

Спиридон Васильевич Шишигин 1923 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Тараҕай нэһилиэгэр элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Убайдара Василий уонна Спиридон ийэлэрин быраата, Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы кытта бииргэ үөрэммит Артем Керемясов сабыдыалынан Сэбиэскэй былааһы көмүскээбиттэр. Бүтэйдээх оскуолатыгар үөрэммит 18 саастаах Спиридон хомсомуолга, кыһыл дружинаҕа киирэн, анал сорудаҕы толоро сылдьан, 1922 сыл саас бандьыыттарга түбэһэн, өлбүт. Аһыыга-абаҕа ылларбыт ийэтэ Үчүгэй Үлүксээс 50 сааһын туолуута төрөппүт уолун  Спиридон диэн ааттаабыт.

Спиридон 1938 сыллаахха Бүтэйдээх сэттэ кылаастаах оскуолатын туйгуннук  бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа үөрэнэ киирэр. Хомсомуол кэккэтигэр ылыллар. Техникуму 1941 сыллаахха бүтэрэр. Бииргэ үөрэммит уолаттара тута сэриигэ ыҥырыллыбыттар. Спиридон 18 сааһын туола илик буолан уонна муҥурдааҕын быстаран, барбатах. 1941-1942 сыл үөрэх дьылыгар Табаҕа оскуолатыгар учууталынан, пионер баһаатайынан үлэлээбит. Ас-үөл кырыымчык буолан, кыаммат оҕолорго көмө оҥорон ый аайы хамнаһыттан 5 солк. биэрэр эбит.

1942 сыл бэс ыйыгар тылланан туран, уоттаах сэриигэ барбыт. Үһүс гвардейскай армия 204-с гвардейскай стрелковай полкатын байыаһа буолан, 1942 с. балаҕан ыйын 1-2 күннэригэр Полтава куорат чугаһыгар Михайловка хутор арҕаа өттүгэр гитлеровецтар бөҕөргөтүммүт үрдэллэрин ылыыга бойобуой сүрэхтэниини ылбыта. Пулеметунан ньиэмэстэри кыдыйа сылдьан, ыараханнык бааһырбыта. Госпиталь кэнниттэн, Мариуполь куоракка резервнэй чааска ыыппыттар, манна «Азовсталь» собуокка үлэлээбит. Учуутал буоларынан 1944 с. демобилизацияламмыт. 

Дойдутугар бэс ыйыгар кэлэр, ити сыл бүтүүтэ холкуоска биригэдьиирдиир Зоя Николаевна Аргунованы кэргэн ылан уруу тэрийбит. Дьэ ити кэмтэн ыла Спиридон Васильевич үс сыл I Мэлдьэхси оскуолатыгар үлэлээбитин аахсыбатахха, наар Табаҕа оскуолатыгар учууталынан, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, дириэктэринэн, интэринээт сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1965-1973 сс. Моорук олохтоох сэбиэтигэр бэрэссэдээтэллээбитэ.

С.В.Шишигин

Уостубат ытыктабыл

Мин бу 75 сааспын ааһыахпар диэри, киниэхэ, Учууталбар махталым уостубат. Оо, барахсан үтүө да майгылааҕа, киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ! Биһиэхэ история уруогун үөрэппитэ, оҕону тардар, умсугутар  гына кэпсиир киэҥ билиилээх этэ. Кэргэнэ Зоя Николаевна оҕолоро кыра эрдэхтэринэ, 1959 с.  ыараханнык ыалдьан олохтон туораабыта. Онон, уу кырбас алта оҕотун кытары туран хаалбыта. Икки сыл буолан баран, Евдокия Федоровна Афанасьева диэн нуучча тылын учууталынан кэлбит кыыһы кэргэн ылбыта. Алта оҕолоох огдообо, сэрии инбэлиитэ киһиэхэ чахчы хорсун кыыс буолан уонна кини үтүө майгытын сөбүлээн, улаханнык таптаан кэргэн таҕыстаҕа. Кинилэр өссө Евдокия Федоровна балтын кыыһын иитэ ылан, барыта сэттэ оҕону көрөн-истэн, олох үөһүгэр үктэннэрбиттэрэ.

Саха норуодунай артыыһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Федор Колесов: «Спиридон Васильевич Шишигини  кытта, аҕыйахтык да буоллар, дьылҕам биирдэ алтыһыннарбытынан дьоллоохпун», – диэн хаһыакка ахтан турар. Оскуолаҕа хойутаан киирэн уонна кылааска хаалан, сааһа балай да ырааппыт уол 1955 с. Табаҕа оскуолатыгар кэлэн үөрэххэ ыларга көрдөспүтүн саабыс аккаастаабытыгар, Спиридон Васильевич: «Бу оҕону мин билэбин, төгүрүк тулаайах, үөрэххэ ылыахха,» – диэн туруорсан оскуолаҕа, өссө эбиитин интэринээккэ  ылларбытын ис дууһатыттан махтана ахтар.

«Строду көрбүтүм» 

Учууталым сэриигэ кыттыбыт, тыылга үлэлээбит биир дойдулаахтарын сырдык ааттарын үйэтитиигэ эрдэттэн үлэлээбитэ. Нэһилиэккэ тэрийбит «Бойобуой уонна үлэ албан аатын мусуойа» билигин кини аатын дьоһуннук сүгэр.

Өр сылларга хаһыакка таһаарбыт ыстатыйаларын түмэр буоллар, бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох кинигэ буолуо этэ. Саха АССР 60 сылын көрсө Спиридон Васильевич «И.Я.Строд Табаҕанан ааспыта» диэн ыстатыйата 1982 с.  ыам ыйын 20 күнүгэр «Ленинскэй Знамя» хаһыакка тахсыбыта. Онно ааптар номоххо киирбит дьоруой доҕотторун кытары 1932 с. от ыйыгар, Аммаҕа ааһан иһэн, «Табаҕа» холкуоска ыалдьыттаабыттарын туһунан маннык суруйбут:

«Мин оччолорго 9 саастаах этим. Ол гынан баран бу кэрэ-бэлиэ түбэлтэни чуолкайдык өйдүүбүн. И.Я.  Строд бэйэтин бойобуой доҕотторунаан Е.И. Курашовтуун, Г.В.  Егоровтуун  кэлбиттэрэ. Тылбаасчыт быһыытынан киэҥник биллэр поэт В.Г. Чиряев сылдьыһара. От ыйа буолан өҥүрүк куйаас сатыылаан турбута. Холкуос кэнсэлээрийэтэ Араҥаска баара. Строд кэлэр үһү диэн сурах эрдэттэн иһиллэн, бэлэмнэнии үлэ барбыта. Көнө кырдалга араатардыыр сир – трибуна оҥоһуллубута. Трибунаны тула «Туругурдун Саха АССР 10 сыла!», «И.Я. Стродка – албан аат!», «От хомууругар охсуулаахтык үлэлиэҕиҥ!» диэн луоһуннар кыһыл таҥаска суруллан ыйаммыттара. Кэнсэлээрийэ үрдүгэр кыһыл былаах кыыһа оонньообута. Гражданскай сэрии дьоруойдара күнүскү чэй иннинэ ыҥыыр аттаах кэлбиттэрэ. Сорохторо саабылалаах, бэстилиэттээх, сорохторо бинтиэпкэлээх этилэр. Кинилэр манна тохтоон ааһыылара С.В. Шишигин I (Спиридон Васильевич бииргэ төрөөбүт убайа) сырдык кэриэһигэр аналлааҕа. Нэһилиэк, холкуос салалталара күндү ыалдьыттары биһиэхэ түһэрэргэ былааннаабыттара. Ийэм алаадьы оҥорон, эт буһаран түбүгүрбүтэ. Аҕам уонна убайым Егор дьиэ таһын бэрээдэктээбиттэрэ, бөҕү-сыыһы ыраастаабыттара. Ити курдук тэринэн чэйдэппиттэрэ. Күнүс 2 чаас саҕана үөрүүлээх миитин буолбута. Элбэх киһи мустубута. Оччолорго эдэр ыччат балачча сүһүөҕэр туран эрэрэ. Дьон туох баардаахтарынан таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ. И.Я. Строд Саха АССР тэриллибитэ 10 сылын уонна гражданскай сэрии сорох түгэннэрин туһунан кэпсээбитин В.Г. Чиряев  тылбаастаан биэрбитэ. Олохтоохтор эмиэ тыл эппиттэрэ. Миитин кэнниттэн илии-атах оонньуута тэриллибитэ. Биһиги дьоруойдары чугастан көрөөрү үмүөрүһэрбит. Кинилэр уордьаннарын иилинэ сылдьаллара көрүөххэ эриэккэһэ. И.Я. Строду үрдүк уҥуохтаах, сытыы-хотуу көрүҥнээх, имигэс туттунуулаах-хаптыныылаах киһи курдук өйдөөн хаалбыппын. Сөтүөлээн, аһаан, сынньанан  баран, киэһэлик Амма диэки бара турбуттара...»

Массыынаны – икки төгүл 

Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ араас боппуруостарга мэлдьи Спиридон Васильевичтан  сүбэлэтэллэрэ. Учууталым барахсан төһөлөөх үгүс киһи кыһалҕатын быһаарсыбыта буолуой?

Олортон биир түгэни холобурдуубун. Спиридон Васильевич 1960-с сс.  ССРС суолун-ииһин миниистирэ, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Борис Павлович Бещевка суругунан көрдөһүүнү икки төгүл ыыппыт. Бастакы сырыыга «Абалаах» кылаабынай бырааһа А.Т. Копылову, местком бэрэссэдээтэлэ Н.М. Янкованы кытары суол мөлтөҕүн этэн туран, санаторийга массыына көрдөһөн суруйбуттарыгар «УАЗ» массыына кэлбит, суолу оҥорторууга улуус бүддьүөтүттэн үп көрүллүбүт.

1966 с. бэс ыйыгар Москваҕа Норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар бара сылдьан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, Үлэ Кыһыл знамята уордьаннаах ыанньыксыт Анастасия Никифоровна Петрова аатыттан Борис  Павловичка Байкалов аатынан холкуоска оптуобус наадатын туһунан суруйбут. Бу да сырыыга дьокутаат дьыаланы таах хаалларбатах, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 50 сылын көрсө «Кубань» оптуобус кэлэн, уһуннук сүүрбүтэ. Ол оптуобуска мин элбэхтик олорсон турабын.    

Спиридон Васильевич 1965 с. олохтоох сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллан, аҕыс сыл ситиһиилээхтик үлэлээн, элбэх тутууну ыытан, Табаҕа оройуоҥҥа бастыҥ үлэлээх нэһилиэк буоларын ситиспитэ.

Буойун, учуутал, патриот аатын үйэтитэн, бюст оҥорторон,  Табаҕабыт саамай көстүүлээх сиригэр туруорарбыт буоллар үтүө дьыала буолуо этэ. Маны нэһилиэк, оскуола салалталара болҕомтоҕо ылалларыгар баҕарабын.

Лаврентий РОМАНОВ, Саха АССР үтүөлээх зоотехнига,

Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна сэттэ нэһилиэгин бочуоттаах гражданина

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Экономика

К повышению готовы?

Предстоящее повышение налогов напрямую затрагивает малый бизнес. Платить их обязаны все,…
05.10.24 11:45
Уопсастыба

Махтанабыт, сүгүрүйэбит

«Ыччаты иитэр уонна үөрэтэр үлэҕэ тутаах күүһүнэн учуутал буолар. Кини бэлэмиттэн,…
05.10.24 11:33