Киинэ саҕаланыан иннинэ киинэни устубут дьон, артыыстар таҕыстылар. Кэпсээтилэр, Ил Түмэн депутата Мария Христофорова тахсан эҕэрдэлээтэ, киинэни устубут режиссер Степан Бурнашевка грамота туттарда.
Киинэ саҕаланна. Кыһыҥҥы тымныы, туман куорат үрдүнэн сатыылаабыт каадырдара. Эдэр ыал олоҕо көстөр. Икки хостоох тупсаҕай оҥоһуулаах саҥа дьиэлээхтэр, аныгылыы интерьер, үчүгэй миэбэл.
Кэргэнниилэр бэйэлэрэ да үчүгэйкээн бэйэлээхтэр. Кыыһы Лиданы П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыската Ирина Михайлова, уолу Диманы Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Илья Яковлев оонньууллар. Көрдөххө, туох да уһулуччу событие буолбат. Эдэр кэргэнниилэр олохторо: тураллар, аһыыллар, үлэлэригэр бараллар, үлэлииллэр, киэһэ кэлэн аһаан баран утуйаллар диэбит курдук. Көннөрү дьон күннээҕи олоҕо.
Саха биллиилээх режиссера Федот Федотович Потапов биирдэ кэпсээбитин өйдүүбүн. Дьоппуон режиссерун киинэтин көрдөрбүттэр. Сэрэйдэххэ, Акира Куросава киинэтэ буолуо. Эмиэ ити курдук көннөрү дьоппуоннар күннээҕи олохторо. Көрөөччүлэр саалаттан тахсыталаабыттар эҥин, чуҥкук диэтэхтэрэ буолуо. Федот Федотович ити киинэ сүрдээх дириҥ философскай өйдөбүллээҕин кэпсээбитэ. "Киһи эрэ дэбигис өйдөөбөт киинэтэ", -- диэбитэ. Соннук тыал курдук истэн эрэ кэбиспитим. Ол киинэни көрбөтөҕүм, манна диэн эттэххэ, ол сахха Куросава эрэ, ким эрэ соччо быһаарбаппын.
Оннук курдук киинэ хаамыыта эдэр ыал сыһыаннара улам-улам сойон иһэрин көрдөрөр. Ардылара атан, арахсарга тиийэллэр. Хайалара да кэбирэх баҕайытык арахсыахха дэһэллэр. Соннук улахан туох да иирсээнэ, конфлига суох ыллылар да арахсан хаалаллар. Барыта "серо, буднично". Лидабыт: ''Туох да уларыйбат'', - диэн чуҥкук олоҕун этэр. Урут итинник туокката суох сылтахтан ыал олоҕо алдьанарын истэ да, ааҕа да иликпин. Ити аныгы сайдыылаах кэм ыччатын бара сатаан оҥостор кыһалҕалара быһыылаах. Эппиккэ дылы, тотон өлөн. Үчүгэй олох биир өрүтэ. Аһыыр ас, таҥнар таҥас, олорор дьиэ, үчүгэй үлэ барыта баар. Онно эбии өссө туох эрэ наада, туох эрэ тиийбэт. Дьоммут муунтуйаллар, наар бииртэн салҕаллар. Оҕолоохторо буоллар, кэм аралдьыйыа этилэр, оҕо барахсан кинилэри хамсатыа этэ. Олохторо араас кыраасканан оонньуо хааллаҕа. Ол суох. Дима кэргэнин кытта кэпсэтэригэр: ''Массыынабын атыылаабаппын, бэйэм ылбытым, эн саҕынньахтаргын атыылаа диэбэппин дии'', - диэн эмиэ да оруннаахтык этэр. Бүтэһигэр хайыай, атыылаабыт, аҥаарын Лидатыгар биэрбит.
Бу киинэ психологическай. Улахан событийнайа суох киинэҕэ оонньуур уустук буолуохтаах. Дууһа хамсааһынын улахан саҥата суох тиэрдии. Артыыстар бэркэ оонньоотулар. Барахсаттар, эчи, көрүҥнэрэ үчүгэйэ, киһи сэргии көрөр. Урут хаһан эрэ суруйан турабын: "Ирина Михайлова киинэҕэ оонньотуохха баара, билиҥҥи кэрэ дьүһүнүн, быһыытын-таһаатын үйэлэргэ үйэтитэр гына" диэн. Кини атын кэрэ артыыскалар курдук мичилийэ-чаҕылыйа сылдьыбат. Дьоһуннук туттан, сиэрдээхтик хамсанан, чуумпутук да диэххэ сөп, уобараһын итэҕэтиилээхтик арыйар. Урукку аристократтар итинник буолаллара буолуо дии саныыбын. Көннөрү дьон, простолюдиннар курдук, иэйиитин ыһа-тоҕо көрдөрө сылдьыбат.
Аны бу киинэҕэ таҥна-симэнэ, тутта-хапта сылдьаллара, дьиэлэрэ-уоттара барыта аныгылыы ураты. Киһи Дьокуускайга буолбакка, ханна эрэ сайдыылаах сиргэ, Японияҕа дуу, Соҕуруу Кореяҕа дуу сылдьар курдуктар. Оннук ураты шарм, стиль биллэргэ дылы. Урут мин көрбүт киинэлэрбиттэн ''Мой убийцаҕа'' оннук баара. Баҕар, ол киинэ устааччылар бөлөхтөрүгэр Светланна Таайко баарыттан буолуо.
Светланна ''Мой убийца'' киинэ сценарийын суруйбута. Ол киинэ уһуллуута эмиэ "ноо"-лоох. Продюсер Марианна Скрыбыкина саха детективын устаары санаммыт. Сценарий сакаастаабыттар. Соҕурууҥҥу сценаристар уонунан сценарийын суруйан ыыппыттар. Наһаа үчүгэй сценарийдар буолан баран, "саха менталитета суох" диэн сирбит. Бэйэтэ суруйан барбыт. Ол кэмҥэ киниэхэ Светланна Таайко үлэлии кэлбит. Сценарийдарын ааҕан баран, бу сценарийы отут сыллааҕыта норуодунай суруйааччы Егор Неймохов суруйбута диэбит. Дьэ, онно соһуйан, миэхэ тахсыбыттара. Мин буоллаҕына орто уолум ааҕы кытта Швецияҕа сылдьарым. Үөрүүнү кытта сөбүлэстэҕим дии. Ол бэйэлэрэ оҥорбут сценарийдарын сюжета ''Озеро, камыши, труп женщины, виновата сестра'' диэн, аата да ''Туман над озером'' диэн. Олох үүт-үкчү ''Сайсары күөлгэ түбэлтэ'' сюжета. Дьэ, дьикти! Икки үйэ кэмигэр, бэйэ-бэйэлэрин билсибэт дьон биир сюжекка кэлбиттэр.
Марианна Скрыбыкина нууччалыы үөрэммит куорат кыыһа Егор Неймохов диэн суруйааччы баарын билбэт, эгэ, айымньытын ааҕыа дуо?! Ол аата, мин өйдүүрбүнэн, итинник тиэмэ итинник сюжеты ирдээн эрдэҕэ, ''Сайсары күөлгэ түбэлтэ'' дьиҥнээх классическай айымньы буолан тахсар. Светланна Таайко ''Бичиккэ'' үлэлии сылдьыбыт, ол кэмҥэ ити айымньы иккистээн тахсарыгар редактордаабыт эбит. Онон сүрдээх вкустаах, шармнаах кыыс Светланна Таайко бэйэтин кылаатын ити киинэлэргэ биэрдэҕэ.
Киинэбитигэр төнүннэххэ, киинэ геройдарын тыла-өһө аныгылыы сытыы, "хлестскай" да диэххэ сөп, репликалара сүрдээх юмордаахтар. Ыаллара оҕонньордоох эмээхсин (Петр Андреев, Зоя Багынанова) кыратык да киирдэллэр, киинэни киэргэттилэр. Барахсаттар эйэҕэстик хаадьылаһан кэпсэтэллэриттэн киһи күлэр. Оҕонньор кирилиэскэ кэннинэн түһэр, ону эмээхсинэ тутар. Соннук иилиҥкэйдэһэ сылдьаахтыыллар.
Бүтэһигэр оҕонньор поминкатыгар эмээхсин этэр тыллара киинэ тиэмэтин, тоҕо уһуллубутун, киинэ сүрүн санаатын, философиятын быһааран, чопчулаан биэрдилэр. "Тапталгытын, таптыыр киһигитин харыстааҥ, бэйэ бэйэҕитигэр үчүгэйдик сыһыаннаһыҥ" диэн. Дьэ, ол кэннэ уоллаах кыыспыт матасыыкылга мэҥэстэн бардылар. Көрөөччү: "Дьоммут үчүгэйдии буолаллар ини", -- диэн эрэнэ хаалла.
Бу киинэни көрөөт да, соччо санаа үллэстиэх курдук санаа киирбэтэҕэ. Сарсыарда биирдэ хайдах эрэ санаабын эттэхпинэ табыллыыһы диэн өйдөөтүм.
Режиссер Степан Бурнашев бу 12-с киинэтэ эбит. ''Нет Бога кроме меня. Ийэкээм'' киинэҕэ Давыдовка иккис режиссерунан сылдьыбыт. Ол киинэни көрбүтүм, сүрдээх үчүгэй киинэ этэ. Саха кинематографията бииртэн биир үчүгэй, хатыламмат туспа буочардаах режиссер тахсан иһэринэн үчүгэй, киһини үөрдэр.
Мария Неймохова
25.11.2022.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0