Оннооҕор массыына тоҥор -50-60С тыйыс усулуобуйаҕа нэһилиэнньэ куттала суох олоҕун-дьаһаҕын хайдах хааччыйабыт, саахал таҕыстаҕына, сылааһынан хааччыйар резервнэй ситим баарын-суоҕун тохсунньу 18 күнүгэр СӨ Уопсастыбаннай балаататын төгүрүк остуолугар дьүүллэстилэр.
Сүбэ мунньахха Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хомунаалынай өҥөнөн хааччыйар тэрилтэ салайааччылара, улуус баһылыктара, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Кэпсэтии саҥа сыл бастакы күнүгэр Саталга тахсыбыт саахалтан сылтаан, дьон дьиэтэ, гарааһа хам тоҥмутуттан саҕаланна. «Якутскэнерго» генеральнай дириэктэрэ Алексей Стручков быһаарбытынан, абоненскай ситимҥэ самыкаанньа тахсан, 7000 тахса Жатай, Тулагы-Киллэм олохтоохторо уота суох хаалбыттар. Энергетиктэр биир чаас иһигэр кинилэргэ уоту биэрбиттэр.
«Оттон Сатал СОНТ түөлбэни уотунан хааччыйыы схематын кэмигэр булан биэрбэтэҕэ, ол докумуона суох үлэһиттэрбитин куттала суох буолуу ирдэбилинэн, эбийиэккэ кыайан ыыппаппыт. Саталлар бэйэлэрин күүстэринэн саахалы туоратар кыахтара суох этэ. Биһиги куораттан автовышка аҕалбыппыт, онтубут тоҥон хаалан, Жатайга илдьэн ириэрэргэ бириэмэ баран, уоту 16ч. 05 мүн. Саталга биэрбиппит», — диэн чуолкайдаата.
«Якутскэнерго» генеральнай дириэктэрэ Алексей Стручков этэринэн, Сатал уонна аттынааҕы СОНТ олохтоохторо уоттарын төлөөбөтөхтөрө хас да сыл буолбут, иэстэрэ мунньуллан 40 мөл. солк. тиийбит, онтон саталлар иэстэрэ 14,5 мөл. солк. Уокка диэн хомуйуллубут 25 мөл. солк. «Якутскэнерго» тиийбэтэх.
Ол иһин ити иэс төлөннөҕүнэ, саталлар уоттарын ситимин этиллибит ирдэбилгэ эппиэттиирин курдук оҥордохторуна биирдэ «Якутскэнерго» Сатал уотун ситимин бэйэтин балансатыгар ылан, көрүөн-истиэн сөбүн биллэрдэ. Билиҥҥитэ түөлбэ уотун ситимэ СОНТ бас билиитигэр сылдьар.
Салгыы уот харчытын дьүүллэһиигэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев олох-дьаһах өҥөтүн төлөбүрэ 9% үрдээбитин бэлиэтээтэ. Кини судаарыстыба уот ситимин хонтуруоллуохтааҕын чиҥэтэн эттэ.
«Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун олох-дьаһах өҥөтүнэн хааччыйарга 30 млрд. солк. тахса субсидия көрүллэр, нэһилиэнньэ 6 млрд. солк. ситэ төлөөбөт. Өскөтүн хомунаалынай төлөбүр дьиэ кэргэн дохуотун 15% үрдүк түгэнигэр субсидия бэриллэр. Ону 10% ааҕыахха наада.
Ону таһынан, 600 мөл. солк. субсидия хоту улуустарга сөмөлүөтүнэн көтөргө көрүллэн турар», — диэн иһитиннэрдэ Виктор Губарев.
Төгүрүк остуол тула тахсыбыт кэпсэтии туһунан сиһилии «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0