Тохсунньу 29 күнүгэр Ударник бөһүөлэгин олохтоохторо, үлэ бэтэрээннэрэ Мотрена Кононовна уонна Иван Кимович Кривошапкиннарга бастакы көмө оҥоһулунна. Кырдьаҕастарга сайын иһэр муустарын булуустарыгар уган, дьаарыстаан биэрдилэр.
Бу күн 50 кыраадыстаах тымныыны аахсыбакка, аҕам саастаах дьонноругар Кэскил Гоголев, Семён Павлов, Пётр Кривошапкин, Василий Гоголев, Алексей Павлов үөрэ-көтө көмөлөстүлэр. Сибиэһэй салгыҥҥа үлэлээн, хамсанан, эти-сиини чэбдигирдэн, кыра да буоллар туһалааҕы оҥорон, уолаттар бэйэлэрэ да дуоһуйа үлэлээтилэр.
-
3
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0