Дойду баһылыгын пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков этэринэн, тэрээһиҥҥэ парламентарийдартан ураты анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара баар буолуохтара. Бэрэсэдьиэн этиитигэр социальнай кыһалҕаларга уонна экэниэмикэ боппуруостарыгар болҕомтотун ууруоҕа.
Санаттахха, эрдэтинэ Дмитрий Песков иһитиннэрбитинэн, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитэ 2022 сыл саҥатыгар былааннаммыта эрээри, бу ый бүтүүтэ буолуоҕа. Бүтэһик төгүлүн 2021 с. муус устар ыйыгар буолбута. Оччотооҕу туһааннаах соруктарга Владимир Путин доруобуйа, социальнай бэлиитикэ, экэниэмикэ сайдыытын таарыйбыта.
Российскай Федерация Төрүт сокуонугар олоҕуран, сыл ахсын Бэрэсидьиэн дойдуга билиҥҥи балаһыанньаны уонна Федерация Сэбиэтигэр инники соруктары туруорар. Суолталаах бэлитиичэскэй уонна бырагыраамалаах этиилэр, Федерация Сэбиэтигэр эрэ буолбакка, былаас атын бары уорганнарыгар, ону сэргэ уопсастыбаҕа эмиэ туһуланаллар.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0