Тэрээhиңңэ профсоюзтар рескомнарын салааларын бэрэссэдээтэллэрэ, ѳрѳспүүбүлүкэ профсоюзтарын Федерациятын отделларын салайааччылара уонна сэбиэдиссэйдэрэ, улуустааҕы профсоюзнай тэрилтэлэр бэрэссэдээтэллэрэ, профсоюзнай кэмитиэттэр, Илин Эңэр улуустарын ыччаттарын актыыптара кытыннылар.
Ѳрѳспүүбүлүкэ профсоюзтарын Федерациятын дэлэгээссийэтэ улууска бэйэтин үлэтин доруобуйа харыстабылын, ойуур хаhаайыстыбатын уо.д.а. үлэhит кэлэктииптэрин, итиэннэ ыччат актыыбын кытта кѳрсѳн саҕалаата.
Салгыы профсоюз чилиэннэрин үлэҕэ, социальнай-экэнэмиичэскэй бырааптарын уонна интэриэстэрин кѳмүскээhин тирээн турар боппуруостарыгар сэминээр-сүбэ мунньах ыытылынна.
Чурапчы улууhун баhылыга Степан Саргыдаев улуус оциальнай-экэнэмиичэскэй балаhыанньатын, профсоюзнай тэрилтэлэрин үлэтин кытта билиhиннэрдэ.
Ѳрѳспүүбүлүкэ профсоюзтарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев бэйэтин этиитигэр кэскиллээх соруктары, үлэ уонна үлэ харыстааhынын эйгэтин сокуоннарыгар киирбит уларыйыылары сырдатта, үлэhиттэр уона үлэни биэрээччилэр интэриэстэрин тутуhарга социальнай партнердааhын оруолун бэлиэтээтэ.
Сэминээр аhыллыытыгар Чурапчы улууhун баhылыга Степан Саргыдаев уонна СѲ профсоюзтарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярёв бииргэ үлэлээhин туhунан Сѳбүлэhиигэ илии баттаатылар.
Илин Эңэр улусутарын бастың профсоюзнай актыбыыстарыгар наҕараадалар туттарылыннылар.
Түмүккэ улуус профсоюзтарын сүрүннүүр сэбиэтин кытта кѳрсүhүү буолла, биирдиилээн дьоңңо консультациялар бэрилиннилэр.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1