Идэлээх сойуус хамсааһынын үйэ кэриҥнээх суола дириҥ историческай суолталааҕын ыйан туран, Ил Дархан Айсен Николаев 2020 с. кулун тутар 23 күнүгэр «Саха сирин идэлээх сойууһун хамсааһынын 100 сылын туһунан» диэн 118-РГ №-дээх дьаһалын таһаарбыта, ону тэҥэ тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии үлэлэрин уонна ыытыы былаанын бигэргэппитэ.
Дьэ, онон Саха сиригэр Идэлээх сойуус үлэһитин күнүн көрсө, итиэннэ бу хамсааһын 100 сылынан, сэтинньи 17 күнүттэн үбүлүөйдээх тэрээһиннэри түмүктүүр декада саҕаланна. Манна тэрилтэлэр көхтөөхтүк кыттан эрэллэр.
Биир тэрилтэттэн тэнийэн
Саха сиригэр идэлээх сойуус бастакы тэрилтэтэ 1905-1907 сс. төрүттэммит. 1917 с. кулун тутарыттан бу хотугу кыраайга оробуочайдар идэлээх сойуустара үлэтин саҕалаабыт. 1921 с. атырдьах ыйын 22 күнүгэр Дьокуускайга губерния идэлээх сойуустарын I кэмпириэнсийэтигэр Сэбиэт тэриллибит. Ол кэнниттэн сыл устата электриктэр, тутааччылар, оһох оҥорооччулар, атынан таһааччылар, почта, телеграф сулууспалаахтара, учууталлар, эмчиттэр, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, уо.д.а. идэлээхтэр сойуустара баар буолбут. Ити кэмтэн ыла өрөспүүбүлүкэтээҕи идэлээх сойуустар устуоруйалара саҕаланар.
Хамсааһын олугун уурарга Емельян Ярославскай, Максим Аммосов уонна Былатыан Ойуунускай курдук бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэллэрбит өҥөлөөхтөр. Үйэ иһигэр Саха сирин идэлээх сойуустара сайдыы бары түһүмэҕин уонна уопсастыба уларыйыытын дьоһуннаахтык туораатылар. Чуолаан 90-с сылларга, биир тутултан атыҥҥа көһүү быыһык кэмигэр, сойуус үлэһит дьону түмэр, иилиир-саҕалыыр оруолламмыта.
Парламенныын ыкса үлэлэһэр
Билигин СӨ Идэлээх сойуустарын федерацията саамай бөдөҥ уопсастыбаннай холбоһук, үлэ сыһыаннаһыыларын бэрээдэктээһиҥҥэ биир тутаах хамсааһын буолар. Үлэтин сүрүн хайысхата — хамнаһы индексациялааһыны туруорсуу, оҥорон таһаарар тэрилтэлэр эбийиэктэригэр куттала суох буолуу усулуобуйатын тэрийиини ирдээһин, кэлэктиип дуогабарыгар тирэҕирэн, эбии чэпчэтиилэри киллэрии уонна ол толоруллуутун хонтуруоллааһын.
Биллэрин курдук, федерация парламеҥҥа сокуон барылын оҥорон киллэрэр бырааптаах. «РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин судаарыстыба сүрүн соруга дьон олоҕун таһымын үрдэтии, дохуоттарын улаатыннарыы буоларын бигэргэппитэ. Бу ирдэбил идэлээх сойуустары кытта быһаччы ситимнээх», – диэн парламент спикерэ Алексей Еремеев бэлиэтиир. Ол курдук, федерация норуот дьокутааттарын кытта бүддьүөт үлэһиттэрин өйүүр ньымалары тобулар, хамнас үрдүүрүн, үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйаны мэктиэлиир сокуоннар барылларын оҥорууга ыкса үлэлэһэр. Ил Түмэн үлэҕэ сыһыаннаах сокуоннары тупсарыыга идэлээх сойуустары кытта сүбэ мунньахтары тэрийэн ыытар. Судаарыстыбаннай Мунньах уонна Идэлээх сойуустар федерациялара бииргэ үлэлиир туһунан 2016 сыл ахсынньы 2 күнүгэр Сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ. Ол олоххо киирэригэр, парламент Эспиэрдэрин сэбиэтин үлэтин сөргүтүүгэ уонна ол үлэҕэ федерация бэрэстэбиитэллэрин тардыыга Ил Түмэн интэриэстээх. Ону сэргэ, сойуус үлэһиттэрэ федеральнай сокуоннарга уларытыылары, эбиилэри киллэриигэ, сокуон барылын оҥорууга көҕүлээһиннэри хамсатыыга төһүү күүс-көмө буолаллар.
Түгэни мүччү тутумаҥ
Үлэ киһитэ сынньанар, доруобуйатын тупсарынар, чэпчэтиилэринэн туһанар, сөптөөх хамнаһынан хааччыллар усулуобуйаларын тэрийииини судаарыстыба мэктиэлиир.
Бүгүн, сэтинньи 19 күнүгэр, федерация үгэскэ кубулуйбут нэһилиэнньэҕэ босхо юридическай көмө күнүн ыытар. Бу күн киэҥ хабааннаах ыйытыктарга консультация биэрэр партнер-тэрилтэлэрин мунньар: МФЦ, РФ социальнай страховкалааһын пуондатын эрэгийиэннээҕи салаата, СӨ Юстицияҕа министиэристибэтэ, Нолуок федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениета, СӨ Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтэ, Атыылаһааччы быраабын көмүскүүр уонна хонтуруоллуур федеральнай сулууспа Саха сиринээҕи управлениета уонна СӨ Суут приставтарын федеральнай сулууспатын управлениета. Пандемиянан сибээстээн, онлайн ньыманан тэриллиэҕэ.
«Ил Түмэн» издательскай дьиэ кэлэктиибин аатыттан идэлээх сойуустар хамсааһыннарын көхтөөх кыттааччыларын 100 сыллаах үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлиибит! Үлэһиттэри араҥаччылыыр үлэҕит өйөбүллээх уонна бигэ тирэхтээх буоллун!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0