Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Муус устар 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө, Нам улууһун Хатыҥ Арыы уонна Хатырык нэһилиэктэригэр улахан тэрээһин буолан ааста.

Муус устар 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө, Нам улууһун Хатыҥ Арыы уонна Хатырык нэһилиэктэригэр улахан тэрээһин буолан ааста.


Саха норуотун чулуу уолаттара Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов уонна кинилэр соратниктара Степан Аржаков, Степан Гоголев, Михаил Мегежекскай, Степан Васильев, Иннокентий Говоров Саха Сирин Арассыыйа састаабыгар автономнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан киллэрии төрөөбүт дойдубут экономическай, политическай туругар, норуоппут өй-санаа өттүнэн саҥалыы сайдарыгар күүс буоларыгар саарбахтаабат этилэр. Кинилэр, бэйэлэрин кэмнэрин дириҥ билиилээх, сайдыылаах уолаттара, автономияны ылыныыны Саха Сирин норуоттарын олоҕун модуннук уларытыы, сайыннарыы бастакы хардыыларын быһыытынан сыаналыыллара.
Бу күн Дьокуускайтан бырабыыталыстыба офциальнай дэлэгээссийэтэ: Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, норуот дьокутаата Юрий Николаев уо.д.а. Нам улууһун олохтоохторун өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлээтилэр.

нам-_4.jpg

Аппааныга официальнай дэлэгээссийэни Илья Винокуров искибиэрин аттыгар нэһилиэк олохтоохторо уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын «Чаҕылыс» литературнай бөлөҕө (сал. А.Е. Васильева) «Хомпоруун хотойбут, чаҕылхай Максиммыт» дьүһүйүүнү толордо. Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов, Нам улууһун дьаһалтатын Юрий Слепцов, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговицын, ыччат бэлиитикэтин исписэлииһэ Анастасия Ядреева эҕэрдэ тыллары эттилэр, дойду ыарахан сылларыгар норуотун чиэһин туруулаһан көмүскээбит судаарыстыбаннай, политическай диэйэтэл Илья Винокуров пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

нам-_1.jpg
Салгыы дэлэгээссийэ судаарыстыбаннай, политическай диэйэтэл Максим Аммосов төрөөбүт дойдутугар – Хатырык нэһилиэгэр тиийэн, чулуу уолбут пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууран Чаҕылхай Махсыым аатыгар сүгүрүйдүлэр.
Ол кэнниттэн М.К.Аммосов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Судаарыстыбаннас историятын музейыгар уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа ыытылынна. Тэрээһин саҕаланыытыгар Хатырык нэһилиэгин «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ Максим Аммосов туһунан литературнай дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр. Президиумҥа Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуров, Хатырык нэһилиэгин баһылыга Юрий Дьяконов, Максим Кирович Аммосов сиэн балта, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ Яна Корякина, Хатырык нэһилиэгин ыччат бэлиитикэтигэр исписэлииһэ Ариан Татаринов ыҥырылыннылар.

нам-_3.jpg

Эҕэрдэ тылы этэллэригэр Георгий Михайлов, Александр Жирков, Юрий Слепцов, Ариан Татаринов саха судаарыстыбаннаһын олохтообут дьоммутугар – Максим Кирович Аммосовка, Платон Алексеевич Ойуунускайга, Исидор Никифорович Бараховка уонна кинилэри кытта бииргэ үлэлээбит, Саха Сирин саргытын туһугар турууласпыт ытык дьоммутугар махтаныах тустаахпытын, кинилэр ааттарын ааттата туруохтаахпытын бэлиэтээн эттилэр. Билиҥҥи буола турар балаһыанньаҕа сомоҕолоһон, биир санаанан салайтаран өрөспүүбүлүкэбит сайдарын, бөҕөргүүрүн туһугар үлэлииргэ-хамсыырга ыҥырдылар. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Игнатьева «Максим Аммосов – государственный и общественный деятель Казахстана» норуоттар ардыларынааҕы научнай конференцияҕа кыттан кэлбитин туһунан кэпсээтэ, Казахстаҥҥа Максим Аммосов тус пуондата тэриллибитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

нам_--_лдер_1.jpg
М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатыгар үгэс буолбут Гражданственность уруоктара ыытылыннылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттарга, улуус салалтатыгар, дьокутаатарыгар уонна оскуола үөрэнээччилэригэр анаан улуус бастыҥ педагогтара, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурстар кыайыылаахтара бүгүҥҥү күҥҥэ тирээн турар боппуруостарга анаммыт аһаҕас уруоктары, маастар-кылаастары ыыттылар диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-киинэ иһитиннэрэр.

  • 5
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением