Дмитрий Николаевич бу “Биһик” сэһэнин туспа кинигэнэн 2022 с. ”Айар” кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарбыта уонна “Сыл бастыҥнара” тэрээһинигэр үрдүктүк сыаналанан, “Сыл бастыҥ прозата” анал аакка тиксэн ситиһиилэммитэ. Ааптар “Биһик” сэһэнигэр сэрии ыар сылларыгар Чурапчытааҕы көһөрүүгэ Сэмэнчик уол балтын, ийэтин сүтэрэн тулаайах хаалан, олох очурдарын тулуйан, киһи-хара буолан улаатарын туһунан олус итэҕэтиилээхтик суруйбутун киһи уйадыйбакка эрэ аахпат.
“Алгыс” норуот айымньытын дьиэтин иһинэн тэриллэн үлэлиир “Дэриэбинэ тыйаатыра” бөлөх толоруутугар, туруорааччы режиссер СӨ култууратын туйгуна Екатерина Михайлова айымньылаах үлэтин түмүгэр, бу бэйэбит олохтоох ааптардарбыт айымньыларынан иккис испиктээкилин бэлэмнээн туруоруута буолар.
Ол курдук, Екатерина Романовна Михайлова 2019 с. Ньурба улууһугар “Кэрэ эйгэ күлүмнүүр чаҕыла” бэстибээл чэрчитинэн нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт күрэххэ, Хорула нэһилиэгин олохтооҕо Варвара Кононова төрөппүт ийэтэ Боккуо, убайа Ньукуута тулаайах хаалан, эрэйи-муҥу көрбүттэрин сурукка тиһэн, сэрии сылларынааҕы оҕолор олохторун өлбөт дьылҕалаабыт “Тулаайахтар” сэһэнигэр олоҕуран, испиктээкил туруорбутун, ааптар Варвара Даниловна: ”Саныы-саныы махтанабын, туруу, үтүө суобастаах үлэһит туппута тупсар, таарыйбыта табыллар. Бииргэ үлэлиир дьоно, артыыстара маладьыастар! Олох ис сүрэхтэриттэн уобараһы арыйаллар. “Биһик” Дьолуолаах айымньытын толору арыйан, көрөөччү сүрэҕэр тириэрдибиттэр. Маладьыастар!” - диэн үөрүүтүн үллэстэр.
Бу “Тулаайахтар” испиктээкили быйыл Кыайыы күнүгэр Акана, Дьиикимдэ нэһилиэктэрин норуот айымньытын дьиэлэрин үлэһиттэрэ туруоран көрдөрдүлэр, онон бэйэбит айар-суруйар дьоҕурдаахтарбыт айымньылара үйэтитиллэн, дьон-сэргэ биһирэбилин ылаллара олус кэрэхсэбиллээх.
Маардааҕы “Алгыс” норуот айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир “Дэриэбинэ тыйаатыра” бөлөххө нэһилиэнньэ араас араҥатыттан сөбүлээн сылдьалларын бу “Биһик” испиктээкил туруоруутугар кыттыылара көрдөрдө. Оҕотуттан саҕалаан, эдэр ыччаты хабан, аҕам саастаахтар тэҥҥэ испиктээкилгэ оруолларын толору арыйан толороллоро, көрөөччүнү сөхтөрдө.
Сүрүн оруолларга Өрүүнэ – Диана Семенова, профтехучилище сэкирэтээрэ, Марыына – Евгения Неустроева, парикмахер, Сэмэнчик оҕо сааһыгар – Максим Яковлев, Сэмэн орто сааһыгар – Архип Неустроев, экэнэмиис идэлээх, култуура эйгэтин үлэһитэ. Дьөгүөссэ оруолугар Петр Капустин олус чаҕылхайдык оонньоото, холкуос бэрэссэдээтэлэ - Николай Баснаев, боломуочунай - Егор Иванов, милииссийэ үлэhитэ - Вячеслав Егоров, Киэсэ - Олег Солтуев, колхозтаахтар - *Алгыс* эбээлэр түмсүүлэрэ. “Ньурба уоттара” түмсүү чилиэннэрэ Анна Прокопьевна Абишева - Мотуруона уонна Валентина Васильевна Егорова эбээлэр оруолларын олус итэҕэтиилээхтик толорон, көрөөччү дууһатын аймаатылар.
“Ньурба уоттара” түмсүү актыыба буолан тахсан, испиктээкили дуоһуйа-астына көрөн, санаабытын үллэстибиппитин сэҥээриҥ.
”Биһик” сэһэнинэн Маардааҕы театр туруорбут испиктээкили көрөн баран, талаан норуокка баар эбит диэн этиини кытта сөбүлэһэбин. Кинигэтин аахпытым, ытаабытым. Испиктээкил даа сүрэҕи уйадытар түгэннэрдээх, ардыгар абаккарар да кэмнэрдээх, дьиҥнээх олохтон түгэннэр. Бу нэһилиэк дьоно боростуойдук, киһини итэҕэтэр гына оонньоон көрдөрөннөр, кинилэри кытта тэҥҥэ тоҥон-хатан, аччыктаан, ытаһан-соҥоһон, испиктээкил бүппүтүн даа билбэккэ хааллыбыт. Режиссер Екатерина Романовна дьоруойдарын табатык талан туруортаабыта, уобарастарын олус итэҕэтиилээхтик оонньообуттара киһини сөхтөрөр. Хайдах эрэ ис-испиттэн киэн тутта санаатым. Бааллар эбит талааннар диэн. Бу дьикти түгэни бэлэхтээбит Дьолуолаах Миитэрэйгэ, режиссер Екатерина Романовнаҕа, кыттыбыт бары артыыстарга ис сүрэхтэн махтал буоллун. Айар талааҥҥыт хаһан да сөҕүрээбэтин, дьон махтала, таптала кынат буолан инникигэ угуйа, сирдии турдун! Үчүгэйиэн эрэ диир кыахтаахпын.” - диэн Тамара Николаева-Сарыада санаатын үллэhиннэ.
“Наһаа талааннаах режиссер. Маардар да итэҕэтиилээхтик, ис сүрэхтэриттэн оонньоотулар. Олох дьиҥнээх курдук, киһи долгуйар, тэҥҥэ айманар. Чурапчы көһөрүүтүн трегедията илэ-чахчы тиллэн кэллэ. Дьарамай оҕо, дьахтар, кырдьаҕас дьон бэйэлэрэ нэһиилэ сылдьаахтыыллара. Чугас дьонноро — сэриигэ. Илэ-бааччы тыаллыын-куустуун тиийэн кэллилэр дии, ол кэмтэн. Сүрэҕим ыалдьан нэһиилэ олордум, хараҕым уута тахсан, күөмэйбэр хомуок туран, устунан ытыы сыстым. Ыарахан да кэмнэр. Төрөөбүт дойдуларыттан, суугунас хатыҥнаах Чурапчыларыттан, хоту көһөргө күһэллэн, үтүрүллэн, ыраах айаҥҥа туруннулар дии барахсаттар. Төһөлөөх эрэйи-муҥу көрөөхтөөбүттэрэ буолуой. Бэстээх биэрэгин тымныы тыала санаабар биһигини эмиэ хаарыйда. Биэрэккэ тымныйан сөтөллөллөрө кулгаахпар илэ иһиллэр... Эдэркээн ийэ оҕотун уордаран айманарыан... Сүгүрүйэбин билиҥҥи күнтэн оччотооҕу кэм барахсаттарыгар, хараастабыт бары бииргэ... Хаһан да хатыламматын сэрии ыар тыына. Дмитрий Николаевич, талааҥҥар дьэ сүгүрүйдэҕим буоллун, итини барытын сүрэххинэн, дууһаҕынан хайдах аһаран тулуйарыҥ буолла даа... Махтал Екатерина Романовнаҕа, “Биһик” сэһэни ис сүрэххинэн ылынан, итинник истиҥ дьүһүйүүнү таһаарбыккар. Өссө да айымньылаах үлэҕитинэн, дьулуургутунан киэргэтиҥ, кэрэхсэтиҥ бу сири, сэриитэ суох дьоллоох олох туһугар айыҥ-тутуҥ!” – диэн Антонина Яковлева биhирээбитин биллэрдэ.
Оттон "Кыраһа" түмсүү салайааччыта Елена Софронова бу курдук эттэ: “Биһик” испиктээкил сыанаҕа буола турар кэмигэр, аныгы кэм ирдэбилинэн экраҥҥа эмиэ көстөн, буола турар сюжеты эбии толорон, муусуканан доҕуһуоллатан, көстүүтэ өссө дириҥээн, киһи уйулҕатын хамсатта. Манна дьоруойдары эрдэ айылҕаҕа тахсан устубуттара, булчут балаҕана, көмүлүөк оһоҕо хартыынаҕа эбии көстүү буолан, испиктээкили толору арыйарга сонун буолла, киинэ курдук көстө турда. Оруолларын бары ис сүрэхтэриттэн кыһаллан толорон, дьиҥнээхтии итэҕэттилэр. Анна Абишева, Валентина Егорова ханнык да артыыстан хаалсыбакка оруолларын бэркэ оонньоотулар. Сэмэнчик оҕо сааһын толорбут уолчаан эмиэ табыллан оонньоото. Маладьыастар. Талааннаах норуот айымньыта өрүү өрөгөйдүүрүгэр бары күүһү түмүөҕүҥ!”
Валентина Федотова:"Астык сырыы буолла. Олох кэмсиммэтим, ыраах айаннаан тиийэн көрбүппүттэн. Екатерина Романовна бэркэ режиссердаан, кылаабынай дьоруойдара истиҥник, итэҕэтиилээхтик оонньообуттара долгутар. Аттыбар, саалаҕа, кыра кылаас оҕолоро оннооҕор чуумпуран көрбүттэрин бэлиэтии көрдүм».
"Хамаандам үчүгэйиттэн үлэ түмүгэ тахсыылаах. Олус дьоҕурдаах биир идэлээҕим Евгений Габышов устуута, таҥыыта, муусуканан киэргэтиитэ суох биһиги тыйаатыр үлэтэ сымсыа этэ. Айылҕаттан талааннаах Евгения, Архип Неустроевтар - тыйаатырбыт тутуллара буолаллар, кинилэр дьиэ кэргэн үс уолаттара Фадей, Авдей, Гордей эмиэ тыйаатыр артыыстара. Фадейбыт искусство колледжыгар тыйаатыр үѳрэҕэр үөрэнэ сылдьар. Евгения хайа да оруолу кыайа тутарын таһынан көстүүмнэри дьаһайар, Архип оонньуурун таһынан туруоруу ис хоһоонуттан саҕалаан, уокка-күөскэ, устууга, декорацияҕа, уопсайынан барытыгар үлэлэһэр. Петр Васильевич Капустин оруолун иһитигэр-хомуоһугар, таҥаһыгар-сабыгар тиийэ толкуйданар бастыҥ артыыспыт уонна хайа да герой төһө да уһун тиэкиhин өйүгэр киллэрэ охсор ураты дьоҕурдаах. Бары артыыстар тыйаатыр туруоруутугар ис сүрэхтэриттэн сыһыаннаһар буолан, үлэбит тахсыылаах. Салайааччыбыт Сардана Петровна Федорова өрүү өйүүр уонна киминэн да солбуллубат дииктэрбит. Бэйэм баҕаран туран, олохтоох ааптардар айымньыларыгар үлэлии сатыыбын. Өрүү ирдэһэбин, күүтэбин. "Тулаайахтар" бэчээккэ тахса иликтэринэ ааптар Варвара Даниловна көҥүлүнэн турбута. Дмитрий Пономарев "Биһик" сэһэнэ бэчээккэ тахсаатын кытта ааҕаат, тута сөбүлээбитим", - диир режиссер Екатерина Романовна.
Испиктээкил бүтэн, көрбүт дьон ытыстарын тыаһынан доҕуһуоллатан, сыанаҕа испиктээкилгэ оонньообут “Дэриэбинэ тыйаатыра” кыттыылаахтарыгар, режиссер Екатерина Михайловаҕа, “Ньурба уоттара” түмсүү салайааччыта Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах эҕэрдэтин, куратор Маргарита Ноева, Тамара Николаева-Сарыада, Валентина Федотова махтал истиҥ тылларын анаатылар.
Маны таһынан үөрүүлээх түгэҥҥэ “Алгыс” норуот айымньытын дьиэтин салайааччытыгар Сардаана Петровна Федороваҕа ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун Бочуоттаах суругун, уус-уран салайааччыга уонна тэрилтэтин профсойууһун бэрэссэдээтэлигэр Екатерина Романовна Михайловаҕа оройуоннааҕы кэмитиэт Бочуотунай грамотатын, "Председатель первичной профсоюзной организации", " ЯАССР 100 лет" бэлиэлэри туттардылар. Ити быйыл 2023 с. Саха Сирин култууратын министиэристибэтэ уонна идэлээх сойууһа тэриллибиттэрэ 70 сылыгар анаммыт профсойууска өр сыл бэриниилээхтик үлэлээбит, кылааттарын киллэрбит салайааччыларга уонна профсойуус бэрэссэдээтэллэригэр анаммыт бэлиэлэри, суруктары Ньурба култууратын идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ирина Павлова туттарда.
"Ньурба уоттара" литературнай түмсүү уонна Маардааҕы "Дэриэбинэ тыйаатыра" бөлөх инникитин да биир ситимҥэ үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Тыйаатыр талааннаах дьонун нөҥүө бэйэбит олохтоох суруйааччыларбыт, ааптардарбыт айымньылара киэҥ эйгэҕэ тахсыа, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийиэ!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0