Ити иһигэр, алта ойуур баһаара Өлүөхүмэҕэ, үстүү – Нерюнгри, Уус Маайа улуустарыгар, икки – Томпоҕо, биир – Аммаҕа боһойуллубут. Бөртөлүөтүнэн көтүү уонна куосумастан көрүү түмүгэр этиҥнээх ардах түспүт улуустарыгар сэттэ сиргэ саҥа ойуур баһаара турбута бэлиэтэммит.
Суукка саҕаланыаҕыттан барыта 136 ойуур баһаара (349 644,9 гектар) баарыттан, 7 ойуур баһаара (1527,6 гектар) бохсуллубут: икки – Үөһээ Халымаҕа уонна Алдан, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Нерюнгри, Мирнэй улуустарыгар. Ойуур уота нэһилиэнньэлээх пууннарга суоһаабат, экэниэмикэҕэ кутталы үөскэппэт, барыта хонтуруолга тутуллар эбит.
Ойуур баһаарын умуруорууга 1140 киһи, ол иһигэр олохтоох нэһилиэнньэттэн 172 киһи тардыллыбыт. 47 тиэхиникэ уонна авиация үлэлээбит. Зондировщик сөмөлүөттэр сөптөөх былыт таҕыстар эрэ, кутталлаах сирдэргэ көтөргө бэлэм тураллар диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-киинэ иһитиннэрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0