Арассыйа Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Социальнай пуондатын отделениета дьиэ кэргэттэргэ бу хайысхаҕа 10 млрд тыһ. тахса солкуобайы түһэрбит. Ол туһунан балаҕан ыйын 12 күнүгэр брифинг кэмигэр оҕолоох дьиэ кэргэттэри социальнай хааччыйыы Арассыыйа СӨ Социальнай пуондатын отделениетын Управлениетын начаалынньыга Сардана Ефимова биллэрдэ.
«Дьиэ кэргэттэр төһө чиҥнэр да, биһиги дьиэ кэргэн сыаннастарыгар төһөнөн харыстабыллаахтык сыһыаннаһабыт, бу сыаннастары кинилэр бэйэлэрин оҕолоругар, сиэннэригэр уонна хос сиэннэригэр тиэрдэллэр да, оччонон биһиги төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит инникитэ уонна бигэ сайдыыта тутулуктаах», - диэн Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) дьиэ кэргэн уонна оҕо саас дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова эттэ. Норуот дьокутаата былаас бары салаалара Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр төрөөһүнү уонна оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүҥҥэ сириэстибэлэр кээмэйдэрин биллэрдик улаатыннарар сыаллаах үлэни ыыталларын бэлиэтээтэ.
Биир кэлим босуобуйа социальнай өйөбүлгэ наадыйар хат дьахталларга уонна 17 диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, төрөппүттэртэн, оҕону ииппиттэртэн, эпэкииннэртэн биирдэстэригэр, бу оҕолор РФ гражданнара буолар уонна Арассыыйа территориятыгар мэлдьи олорор усулуобуйаларыгар бэриллэр. Онуоха хат дьахталлар мэдиссиинэ тэрилтэтигэр хат буолууларын эрдэтээҥҥи болдьохторугар (12 нэдиэлэлэригэр диэри) учуокка турбут буолуохтаахтар.
Биир кэлим босуобуйаны ылар быраап, сайабылыанньа биэрээччи олорор сиринэн, дьиэ кэргэн биир киһиэхэ тиксэр кээмэйэ Российскай Федерация субъегар олохтоммут биир киһиэхэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин куоһарбат буоллаҕына, үөскүүр. Саха Сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ икки зонанан олохтоммут: I зона – 25 396 солкуобай, II зона – 21 272 солкуобай. Төлөбүрү аныырга дьиэ кэргэн дохуота, бас билэр үбэ-мала, итиэннэ төрөппүттэр дьарыктаахтара эбэтэр дьарыга суохтарын объективнай биричиинэлэрэ учуоттаналлар.
Бэлиэтиир буоллахха, норуот дьокутааттара «Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун туһунан» Өрөспүүбүлүкэ сокуона көҕүлэммитэ уонна ылыллыбыта. Ол биир балаһыанньатын быһыытынан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолоруттан улаханнара үөрэх тэрилтэтигэр сирэй форматыгар үөрэнэр эбэтэр Арассыыйа аармыйатын кэккэтигэр сулууспалыыр буоллаҕына, 23 сааһыгар диэри учуоттанар.
Ыйыллыбыт хайысхаларга ыытыллар судаарыстыбаннай бэлиитикэ үчүгэй түмүктэри биэрэр. Төрөөһүн таһымынан Саха Сирэ Уһук Илин федеральнай уокурукка уонна дойдуга инники күөҥҥэ сылдьар кыаҕы биэрэр ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйүүр атын миэрэлэр эмиэ ылыллыахтара.
Источник: Ил Түмэн пресс-сулууспата
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0