Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Бу сыл олунньу 1 күнүттэн дойду үрдүнэн социальнай төлөбүрдэр кээмэйдэрэ улаатта, кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Индексацияланар тѳлѳбүрдэр ортолоругар ийэ хапытаала, оҕо тѳрѳѳhүнүгэр биир кэмнээх босуобуйа, бэтэрээннэргэ ыйдааҕы харчынан тѳлѳбүр, ыйдааҕы страховой тѳлѳбүр уонна социальнай ѳйѳбүл атын миэрэлэрэ бааллар. Индексация 20 мѳл. тахса Арассыыйа олохтоохторун таарыйыаҕа. Онон

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһинэн үлэлиир киин куорат нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин салалтатын салайааччытын  эппиэтинэһин толорооччу Марта Жиркова кэпсиир.

Бу сыл олунньу 1 күнүттэн дойду үрдүнэн социальнай төлөбүрдэр кээмэйдэрэ улаатта, кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Индексацияланар тѳлѳбүрдэр ортолоругар ийэ хапытаала, оҕо тѳрѳѳhүнүгэр биир кэмнээх босуобуйа, бэтэрээннэргэ ыйдааҕы харчынан тѳлѳбүр, ыйдааҕы страховой тѳлѳбүр уонна социальнай ѳйѳбүл атын миэрэлэрэ бааллар. Индексация 20 мѳл. тахса Арассыыйа олохтоохторун таарыйыаҕа. Онон

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһинэн үлэлиир киин куорат нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин салалтатын салайааччытын  эппиэтинэһин толорооччу Марта Жиркова кэпсиир.

Биир кэлим босуобуйа тула

Босуобуйалар икки бөлөххө арахсаллар: ый аайы төлөнөр уонна биир кэмнээҕи. Марта Георгиевна дьон саамай интэриэһиргиир уонна туһанар босуобуйатыгар - оҕолорго уонна хат дьахталларга ый аайы төлөнөр биир кэлим босуобуйаҕа – тохтоон сэһэргээтэ. Төлөбүр суумата ыал дохуотуттан, дьиэлээҕиттэн-уоттааҕыттан тутулуктаах. Дьиэ кэргэн өрөспүүбүлүкэҕэ биир ыйга оҕоҕо көрүллэр тиийинэн олоруу кээмэйиттэн 50 бырыһыаныттан 100 бырыһыаныгар тиийэ ылыан сөп.

Дьиэ кэргэн састаабыгар сайабылыанньалаах бэйэтэ, кини кэргэнэ уонна кинилэр сокуоннай саастарын туола илик эбэтэр 23-гэр диэри  саастаах үрдүк эбэтэр орто үөрэхтэргэ үөрэнэр оҕолоро киирсэллэр, ол иһигэр эпиэкэҕэ уонна көрүүгэ сылдьааччылар. Босуобуйа анааһыҥҥа икки төрөппүт дьарыктаах буолара ирдэнэр, арай элбэх оҕолоох төрөппүттэртэн биирдэстэрэ үлэлээбэт буолара көҥүллэнэр.

Биир кэлим босуобуйаны анааһыҥҥа дьиэ кэргэн састаабыгар киирэ сылдьар Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дохуота ааҕыллыбат. Маны тэҥэ, оҕо сулууспалыыр кэмигэр 23 сааһыгар диэри дьиэ кэргэн састаабыгар киирэр. Кинилэргэ туспа чэпчэтиилэр бааллар.

Дохуот ааҕыытыгар хамнас, гонорар, бэйэ оҥоруу бородууксуйатын дохуота эрэ буолбакка, биэнсийэ бары көрүҥэ киирэр. Холобур, оҕо биир төрөппүтүн сүтэрбитигэр биэнсийэтэ эмиэ дохуот быһыытынан ааҕыллар. Быйылгыттан сааһынан биэнсийэлээхтэр олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах буоллахтарына, эбии төлөбүрдэр баар буоллулар. Ол эмиэ дохуот быһыытынан көстөр.

Босуобуйа ииттинэн олоруу уонна хамнас алын кээмэйдэриттэн тутулуктаах. Холобур, дохуот ааҕыытыгар бэйэ дьарыктаах төрөппүттэргэ (самозанятый) тохсунньу 1 күнүттэн уларыйыы киирдэ. Ол курдук, хамнас алын кээмэйиттэн икки төгүл элбэх дохуоттаах буолуохтаах диэн. Билигин хамнас алын кээмэйэ 42 тыһ. 300 солк. буоллаҕына, бэйэ дьарыктаах төрөппүт сыл устата 84 тыһ. солк. кырата суох дохуоттаныахтаах, онтон кыра буоллаҕына, босуобуйа анаммат.

Бу сайын биир кэлим босуобуйаны анааһыҥҥа улахан уларыйыы киирээри турар. Ол курдук, кэргэнниилэр арахсан баран оҕоҕо алимент ылбат, анаппатах буоллахтарына, бэс ыйыттан босуобуйа төлөммөт буолуо. Бу уларыйыыны арахсыбыт ийэлэр учуоттууллара эрэйиллэр. Ийэ оҕотун иитэригэр аҕатыттан төлөбүрүн ылыахтаах, оҕо дохуотун үрдэтиэхтээх.

Ийэ хапытаала

Олунньу 1 күнүттэн федеральнай Ийэ хапытаалын суумата 7,4% үрдээтэ. Холобур, ийэ хапытаалын кээмэйэ индексацияны учуоттаан бастакы оҕоҕо 631 тыh. солк. кэриҥэ, оттон иккис оҕоҕо — 834 тыh. солк. буолла (ѳскѳтүн дьиэ кэргэн бастакы оҕотугар сэртипикээт ылбатах буоллаҕына).

Маны тэҥэ, бу хапытаал сэртипикээтин туһана илик дьиэ кэргэттэргэ эмиэ үрдээтэ. Холобур, Ийэ хапытаалын сууматыттан сороҕун эрэ туһаммыт буоллахтарына, хаалбыт чааһа 7,4% үрдүүр. Онтон биирдэ да туһана илик буоллахтарына, индексация кинилэргэ саамай үрдүк буолар. Ол эбэтэр, сэртипикээттэрин туһана илик дьоҥҥо 44 тыһ. солк. үрдүөҕэ. Онтон кэлин төрөөбүт иккис оҕоҕо үрдэтиллибит Ийэ хапытаала анаммыт уонна ону туһана илик буоллахтарына, индексация 58 тыһ. солк. тэҥнэһэр.

Сахабыт Сиригэр 2011 сылга “Ийэ хапытаалын” туһунан СӨ сокуона үлэҕэ киирбитэ. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьиэ кэргэттэр үс уонна онтон элбэх оҕону төрөттөхтөрүнэ, эбэтэр иитэ ыллахтарына бэриллэр. Бу суума кээмэйэ сыл аайы индексацияланар этэ, оттон быйыл төлөнөр суума тутатына  икки төгүл улаатта - 151 тыһ. солкуобайтан  300-кэ диэри үрдээтэ.

Бу биирдэ эрэ бэриллэр көмө 5 хайысханан туһаныллар – олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарарга, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, тырааныспары атыылаһыыга, оҕону үөрэттэриигэ уонна эмтэтиигэ.

Хапытаалы ыларга тустаах сайабылыанньаны Элбэх өҥөнү оҥорор киин эбэтэр Госуслуги портал нөҥүө биэриэххэ сөп.

Ийэ хапытаалыгар дьиэ кэргэн дохуота уонна улахан оҕолорун саастара учуоттаммат. Бу – демографическай балаһыанньаны тупсарарга туһуламмыт көмө буолар.

Биирдэ төлөнөр босуобуйалар

Бастакы оҕону төрөөтөххө биирдэ бэриллэр көмө харчы үрдээн 46 тыһ. солк. тэҥнэстэ.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолоругар оскуола форматын атыылаһалларыгар төлөнөр харчы 4 тыһ. 300 солк. тэҥнэстэ.

Быйыл сабыс саҥа биир кэмнээх көмө киирдэ. Иккиэн 25 саастарыгар диэри бастакытын дьиэ кэргэн тэринэр ыччакка 50 тыһ. солк. көрүллэр. Усулуобуйата – эрдэ саахсалана сылдьыбатах, Саха Сиригэр олорор регистрациялаах буолуохтаахтар. ЗАГС уорганнарын кытары үлэ барда, ыал буолааччылар сайабылыанньа биэрэр кэмнэригэр өйдөтөр брошюра бэриллэр, көмө харчыны Госуслуги портал нөҥүө оҥорторуохха сөп.

Маннык курдук араас саҥа көмө сыллата киирэр. Холобур, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ биир кэмнээх харчынан эбии төлөбүр киллэриллибитэ. Бу 200 тыһыынча солкуобай суумалаах төлөбүр үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалга сир учаастагын босхо биэрии оннугар олорор дьиэни тупсарарга бэриллэр.

 Оҕону көрөн олорууга

Оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олорууга ыйдааҕы босуобуйа көрүллэр. Үлэлиир дьахталлар хамнастарын 40% тэҥнэһэр, ол эрэн көрүллэр харчыттан үрдүө суохтаах. Кинилэргэ босуобуйа кээмэйин икки сыллаах орто хамнастарыттан ааҕан таһаараллар, онон анаммыт төлөбүрүнэн ылаллар, уларыйыы көрүллүбэт.

Үлэлээбэт ийэлэргэ балаһыанньа атын, босуобуйалары кытары тэҥҥэ суума уларыйар.

Биэнсийэлээх үлэ бэтэрээннэригэр эбии төлөбүр улаатар дуо?

Үлэ бэтэрээнэ ыйын ахсын ылар биир кэлим харчынан төлөбүрэ (ЕДВ) тохсунньу 1 күнүттэн   индексацияланан  улаатта.

 5 оҕолоох дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыы

2012 сылтан 5-тэн элбэх оҕолоох ыалга олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга социальнай төлөбүр бырагыраамата үлэлиир – дьиэ туттуутугар уонна атыылаһыыга. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ судаарыстыбаттан көрүллэр көмө оҕо ахсаанынан учуоттанан бэриллэр. Ол эрэн бары хапсыбаттар, олохтоох дьаһалтаҕа олорор дьиэни тупсаралларыгар учуокка турар дьиэ кэргэн киирэр. Наадыйааччылар улуустарынан, куораттарынан арахсыбакка биир өрөспүүбүлүкэтээҕи реестрга түмүллэллэр. Сыл аайы бырабыыталыстыба хамыыһыйата ону көрөр, бигэргэтэр. Уочарат кыралаан хамсыыр, былырыын саамай элбэх харчы көрүллүбүтэ.

 Оҕо саас сылыгар тугу күүтэбит?

Быйыл дойдубутугар Дьиэ кэргэн, Сахабыт Сиригэр Оҕо сыла биллэриллибитэ саамай тоҕоостоох дии саныыбын.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл Дьиэ кэргэн сыла буоларын туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Бу быһаарыыны дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыырга, киэҥник тарҕатыыга сыаллаах-соруктаах ылыллыбыта. Ол чэрчитинэн, элбэх оҕолоох ыаллар өйөбүллэрин мэктиэлииргэ уураах бигэргэтэн турар. Билиҥҥитэ боппуруос элбэх.  Холобур, элбэх оҕолоох буолууну бигэргэтэр дастабырыанньа болдьоҕо суох буолар диэн. Бу докумуону туохха, ханна туһаныахха сөбүн ыйыталлар.

Маныаха быһаардахпына, ханнык баҕарар уураах тахсыбытын кэннэ, хас биирдии пуунугар анал бэрээдэк олохтонор. Билигин федеральнай бэрээдэк хайдах буоларын күүтэбит, салгыы үлэлиэхпит.

Манна даҕатан эттэххэ, Сахабыт Сиригэр элбэх оҕолоох ыалга болҕомто өрүү күүстээх. 2019 сыл от ыйыттан Ил Түмэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр статустарын туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрбитэ. Онон билигин өрөспүүбүлүкэ сокуонунан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнинэн 23-гэр диэри саастаах үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыал ааттанар буолбута. Бу маннык дьаһал сорох эрэгийиэннэргэ суох.

Хаартыска: куйаар ситимиттэн

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением