Тылга-литератураҕа болҕомто тардар биир сонун ньыма квест-оонньуу буолуон сөп диэн санаанан салайтаран, балаҕан ыйын 18 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын института уонна «Ааҕар Саха сирэ» түмсүү кыттыһан, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар, ону тэҥэ институт төрүттэммит күнүгэр-дьылыгар сыһыаннаах «Мин Ойуунускайым» квест-оонньууну тэрийэн ыыттыбыт.
Тэрээһин сыала – оҕо П.А. Ойуунускай олоҕугар, айар үлэтигэр билиитин-көрүүтүн хаҥатыы; саҥарар сатабылга, уран толкуйга сыһыарыы, айымньылаах сыһыаҥҥа уһуйуу; бөлөҕүнэн үлэлиир дьоҕуру сайыннарыы.
Оонньууга А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 9 кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Ксенофонтова Х.М.) кэлэн кытыннылар.
Квест-оонньуу сиэринэн оҕолор институт тиэргэнигэр кистэммит бирэдимиэттэри көрдөөтүлэр, бу бирэдимиэттэр кистэлэҥнэрин таайан, П.Ойуунускай олоҕугар, айар үлэтигэр сыһыаннаах чахчыларга болҕойдулар.
Салгыы түөрт бөлөххө арахсан, бөлөҕүнэн үлэ түһүмэҕэ саҕаланна. Олус кылгас кэм иһигэр, 15 мүнүүтэ устата, бырайыак ис хоһоонун торумнаан, кистэлэҥнээх бирэдимиэттэргэ сигэнэн, оҕолор уруһуйдуур, айар-тутар сатабылларын, кыһамньыларын ууран туран түөрт бэртээхэй сонун бырайыагы айан-тутан таһаардылар. Кыттааччылар бары сорудахха олус дьоһуннаахтык, кичэллээхтик сыһыаннаспыттарын сэҥээрэ көрдүбүт.
Дьүүллүүр сүбэ (ГЧИ учуонайдара В.В. Бочкарев, Е.Р. Николаев), тэрийээччилэр (Ноева С.Е., Рожина И.В., Лонгинова М.Е.), көрөөччүлэр оҕолор саҥарар-иҥэрэр таһымнарын, уустаан-ураннаан толкуйдуур дьоҕурдарын, туттан-хаптан, таҥнан-саптан турар көрүҥнэрин биһирээтибит. Ол курдук оҕолор бары биир курдук сахалыы таҥас таҥнан кэлбиттэриттэн үөрдүбүт.
“Мин Ойуунускайым” квест-оонньуу түмүгэр аныгы үйэ оҕотун хараҕынан саха саарына Былатыан Ойуунускай олоҕугар, айар үлэтигэр сыанабыл бэрилиннэ. «Мин Ойуунускайым» (“Дьулурҕа” бөлөх), «Ойуунускай остуола» (“Сэргэх дьон” бөлөх), «Эрэл» (“Эрэл” бөлөх), «Ойуунускай куората» (“Ойуунускай сыдьааннара” бөлөх) диэн кэрэхсэбиллээх бырайыактарга оҕолор литератураны, историяны билэллэрэ, саҥарар, ырытар дьоҕурдара, уруһуйдуур сатабыллара ырылыччы көстөн кэллэ. Метафоранан, символынан ыйдаҥардан, дьүүллүүр сүбэ сэҥээриитин ыллылар, ону тэҥэ хамаанда чиэһин көмүскүүр ыксаллаах түгэҥҥэ булугас өйдөөхтөрүнэн кэрэхсэттилэр.
“Мин Ойуунускайым” бөлөх оҕолоро П.Ойуунускай олоҕугар, үлэтигэр дириҥ билиилэрин көрдөрдүлэр, онон маҥнайгы миэстэни мөккүөрэ суох ыллылар. “Сэргэх дьон” бөлөх уолаттара Ойуунускай остуолун уобарас быһыытынан ылыммыттара олус сонун буолла (умайа турар кинигэ, алдьаммыт ачыкы личность трагедиятын бэлиэлэрэ буоллахтара). “Эрэл” бөлөх кыттааччылара куйуурдуу турар кырачаан Былатыан уобараһын оҥордулар, ону тэҥэ олоҥхо Аал Луук маһын сириэдитэн таһаардылар. “Ойуунускай сыдьааннара” уолаттар “100 сыллаах улуу былаан” куоратын оҥорон таһаарбыттара, таас уулуссаны, пааматынньыгы, сөмөлүөтү уобарас быһыытынан туһаммыттара ураты сэргэхтик көһүннэ.
Онон Былатыан Ойуунускай үтүө аатын аныгы оонньуу тиһигэр киллэрэн, чулуу киһибитин санаан-ахтан ыллыбыт. П.А. Ойуунускай сахалартан бастакы лингвистическай наука кандидата, Саха сиригэр маҥнайгы научнай институту тэрийээччи, бу тэрилтэҕэ бастакы дириэктэр, фольклору хомуйааччы, саха хоһоонугар сонун силлабическай кээмэйи аан маҥнайгынан киллэрбит талааннаах бэйиэт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын олохтооччу, Саха Саарынын быһыытынан чаҕылхай мөссүөнэ ырылхайдык арылынна.
Квест-оонньууттан бары сүргэбит көтөҕүллэн, астынан-дуоһуйан тарҕастыбыт. Оҕолор барахсаттар үөрэн-көтөн, мичилийэн, харахтара уоттанан, этэ-тыына туралларыттан үөрдүбүт. Маннык хабааннаах оонньууну атын оскуола учууталлара, үөрэнээччилэр туһанныннар диэн интэриниэт ситимнэригэр оонньуу сценарийын тарҕатыахпыт диэн былааннаатыбыт.
Ноева Саргылана, РНА СС ГЧИуоХААНПИ научнай үлэһитэ, фил.н.к., «Ааҕар Саха сирэ», “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү кыттааччыта.
- 7
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0