Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Дьахтар... Аан дойду дьахтартан тутуллан турар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ирбэт тоҥноох, тыйыс тымныылаах уһук хотугу сири Дьахтар эр киһи эрэллээх санныгар өйөнөн, сылаас тыынынан угуттаан, сайыннаран кэллэ.

Дьахтар... Аан дойду дьахтартан тутуллан турар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ирбэт тоҥноох, тыйыс тымныылаах уһук хотугу сири Дьахтар эр киһи эрэллээх санныгар өйөнөн, сылаас тыынынан угуттаан, сайыннаран кэллэ.


Бүгүн, балаҕан ыйын 22 күнүгэр, «Женский голос Арктики» бырайыак чэрчитинэн дьоллоох Дьокуускай куораттан Ольга Николаевна Громова дьоҕус хамаандатын илдьэ кэлэн, Сунтаар дьахталларын кытта көрсүһүү оҥордо, киинэ көрдөрдө. Бу кыргыттар саха чулуу дьонун үйэтитиигэ сүҥкэн үлэни ыыталларын наһаа сэргии иһиттим. Ол курдук Леонид Попов, Никандр Тимофеев, Светлана Петрова, Александр Самсонов туһунан көрдөрөр, кэпсиир диискэлэри, кинигэлэри таһаарар эбиттэр, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону ойуулук гына кытта оҥорбуттар. Ону барытын улуустааҕы кинигэ кыһатыгар бэлэх ууннулар.
Үс хомусчут кыыһы киинэҕэ устубуттар. Омук киһитин хараҕынан уонна олохтоох киһи хараҕынан көрүү уратылара, мин санаабар, бэл, сыыһалара кытары дьэҥкэтик көстөр. "Хомусчут" уонна "удаҕан" диэн тус-туспа өйдөбүллэр. Ону омук дьоно «хомус – удаҕан тэрилэ» диэбиттэрин ылымматым. Сири-уоту аһатар, алҕыыр, хомустуур буоллуҥ да удаҕан буолан барар курдук өйдүүллэр эбит. Бу киинэ сыала киһи ханна баҕарар бэйэтин кыаҕын арыйыан, сайдыан, араас үрдэллэри дабайыан, үрдүк үктэллэргэ үктэниэн сөбүн арылыччы көрдөрдө.
«Женский голос Артики» кинэни көрө олорон, «Женский голос Сунтара» диэн бырайыак оҥорон бэйэбит күннэтэ көрсөр, алтыһар дьүөгэлэрбитин үйэтитиэххэ, кинилэр талааннарын, сатабылларын киэҥ эйгэҕэ таһааран холобур гыныахха сөп эбит диэн санаа киирдэ. Хас биирдии киһи кэрэхсэнэр кэрэлээх, үтүө кистэнэ сылдьар өрүттэрдээх буолар. Ону таба көрүөххэ, арыйыахха эрэ наада.
Бу кэрэ киһини кытары көрсүһүүгэ Сунтаарга дьахтар хамсааһынын өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаарар бастыҥ үлэлээх «Арассыыйа ийэлэрэ» түмсүү, дьахтар сэбиэтэ суолта ууран кэлбиттэрэ наһаа хайҕаллаах уонна инникитин бииргэ үлэлииргэ олук буолуо диэн санааны үөскэттэ.
Сатабыллаах сайдыылаах уһук хотугу, чэҥ муус дойдуну киэргэтэр, сайыннарар, симиир дьахтар барахсан сарсыҥҥыта сылаас, саҕахтара сардаҥалаах, эйэлээх халлааннаах буоллун!

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением