Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Кыhыҥҥы тымныы күннэргэ сайыны санатар, оҕуруот аhыттан амтаннаах соҕотуопкалары хаhаанар кэм буолла. Бүгүн хаhаайкаларга дѳбѳҥнүк астанар олус үчүгэй ырысыаптары биэрэбит.

Кыhыҥҥы тымныы күннэргэ сайыны санатар, оҕуруот аhыттан амтаннаах соҕотуопкалары хаhаанар кэм буолла. Бүгүн хаhаайкаларга дѳбѳҥнүк астанар олус үчүгэй ырысыаптары биэрэбит.

ЛИИТЭРЭЛЭЭХ БААҤКАҔА – МИННЬИГЭС ОҔУРСУУ

Ингредиеннэрэ (1 л бааҥкаҕа): 700 г кыра оҕурсуулар, 1 сэбирдэх хрен, 1 зонтик укуруоп, 5-6 тѳбѳ чосунуок, моонньоҕон 2 сэбирдэҕэ, ⅓ аhыы биэрэс, ⅓ минньигэс биэрэс, 1 ост. нь. туус, 9% уксус 2 ост. ньуоска.

Кыра оҕурсуулары кичэйэн сууйуҥ, икки ѳттүттэн тѳбѳлѳрүн быhан быраҕыҥ. Биэрэс икки кѳрүҥүн тиэрбэстии быhыҥ. Стерилизованнай бааҥка түгэҕэр сытыы туманы угуҥ, оттон оҕурсууну биэрэс тиэрбэстэрин кытта холбуу ууруҥ уонна үрдүгэр саҥа оргуйбут итии ууну кутуҥ. Бааҥканы бу иннинэ оргуйа турар ууга сыппыт хаппаҕынан сабыҥ уонна 10 мүнүүтэ туруоруҥ. Оттон ууну тѳттѳрү кѳстүрүүлэҕэ кутуҥ, тууста эбиҥ, 2 мүн. оргутуҥ уонна итии ороhуолу оҕурсуу үрдүгэр кутуҥ. Хас биирдии бааҥкаҕа 2 ост. ньуоска 9% уксуhу эбиҥ. Бааҥканы сабыҥ, таҥнары ууруҥ, сылаастык суулааҥ уонна сойута ууруҥ. Сойдоҕуна, сѳрүүн сиргэ туруоруҥ.

ОҔУРСУУ УУТУГАР ТУУҺАММЫТ ОҔУРСУУ

Ингредиеннэрэ: 2 кг оҕурсуу, 1,3 л оҕурсуу уута, ¼ ыстакаан саахар, ¼ ыстакаан туус, 1 ч.л. лимон кислотата.

Оҕурсуулары кичэйэн сууйуҥ, оргуйбут уунан, оттон тымныы уунан саба ыhыҥ уонна стерилизованнай бааҥкаларга угабыт. Оттон улахан оҕурсуулары ылан, оргуйбут уунан саба ыhыҥ, бѳдѳҥ түѳркэҕэ быhа аалыҥ уонна уутун маарыланан ыган таhаарыҥ. Оҕурсуу уутугар тууhу, саахары, лимон кислотатын эбиҥ уонна оргутуҥ. Оргуйа сылдьар бу суурадаhыны оҕурсууларга үс тѳгүл кутуҥ. Хас биирдии кутуу быыhыгар 20-лии мүнүүтэ туруора түhүҥ, сүѳкүү-сүѳкүү уонна хат оргута-оргута. Бүтэhик кутуу кэнниттэн бааҥкалары сабыҥ.

«СИЭДЭРЭЙ ХАҺААЙКА» ассорти

Ингредиеннэрэ: (3 л бааҥкаҕа): 2 оҕурсуу, 3 помидор, 2 цуккини, 1 моркуоп, 300 г ѳҥнѳѳх хаппыыста, 2-3 луук, 4-5 тѳбѳ чосунуок, петрушка 1 силиhэ, хрен 1 силиhэ, 2-3 зонтик укуруоп. Маринадка (1,5 л ууга): 4 ост. нь. саахар, 2 ост. нь. туус, ⅓ ыстакаан 9% уксус.

Стерилизованнай бааҥкаларга оҕурсуулары, помидордары, луугу, чосунуогу, моркуоп куhуоктарын, тѳгүрүктүү быhыллыбыт цуккинины уонна укуруобу угуҥ. Оҕуруот астарын икки ардыларыгар ѳҥнѳѳх хаппыыстанан толорон биэриҥ. Оргуйа турар ууга саахары, тууhу суурайыҥ, сэрэнэн уксуста кутуҥ уонна уоттан устуҥ. Оҕуруот астарыгар итии маринады кутуҥ, бааҥкалары хаппахтааҥ уонна 15 мүн. стерилизациялааҥ. Оттон хаппахтаммыт бааҥкалары таҥнары ууруҥ, суулааҥ уонна сойуор диэри туруоруҥ.

ПОМИДОРДААХ УОННА КАБАЧОКТААХ МАРИНУЙДАММЫТ РУЛЕТТАР

Ингредиеннэрэ: 2 кыра кабачок, 3 помидор, 1 тутум петрушка. Маринадка: 1 луук, 2 ост. нь. туус, үчүгэй сыттаах биэрэс 4 горошината, 2 ост. нь. саахар, 2 ост. нь. 9%уксус, укуруоп сиэмэлэрэ.

Помидордары тооромосторго, оттон кабачоктары усталарынан чараас быластыына гынан быhыҥ. Кабачоктары оргуйа турар ууга 5 мүн. устатыгар тутуҥ. Хас биирдии кабачок быластыынатыгар помидор тооромоhун ууруҥ, рулет гынан суулааҥ уонна петрушканы кытта холбуу лиитэрэлээх баанкаларга угуҥ. Маринадыгар туустаах уонна саахардаах ууга луугу, үчүгэй сыттаах биэрэhи, укуруоп сиэмэлэрин уган оргутуҥ. Оттон уоттан устан баран, сэрэнэн уксуhу кутуҥ. Маринады рулеттардаах бааҥкаларга кутуҥ уонна 15 мүнүүтэ стерилизациялааҥ, ол кэнниттэн хаппахтаан ууруҥ.

«АРОМАТНАЙ» биэрэс

Ингредиеннэрэ: 4 кг минньигэс биэрэс, 7 тѳбѳ чосунуок, 5 ч. нь. саахар, 1,5 ч. нь. лимон кислотата, мас арыыта. Ороhуолга: 1 л ууга – 1 ост. нь. туус.

Биэрэстэри ыраастааҥ, хас биирдиитин 4 чааска быhыҥ уонна стерилизованнай баанкаларга симэн угуҥ. Быыhыгар пресстаммыт чосунуогу угуҥ. Биэрэскэ туустаах оргуйа сылдьар итии ороhуолу кутуҥ. Хас биирдии бааҥкаҕа оргутуллубут мас арыытын кутуҥ, хаппахтааҥ уонна 10 мүнүүтэ стерилизациялааҥ. Ол кэнниттэн бааҥкалары таҥнары ууруҥ, таҥаhынан суулааҥ уонна сойуор диэри туруоруҥ.

ХАППЫЫСТА САЛААТА

Ингредиеннэрэ: 1 кг хаппыыста, 1,5 кг помидор, 1 кг минньигэс биэрэс, 600 г дьаабылака, 400 г луук, 200 мл мас арыыта, 45 г туус, 35 г саахар.

Помидордары — куhуоктарга, биэрэhи уонна луугу – тиэрбэстэргэ, дьаабылыкалары – чараас куhуоктарга быhыҥ, хаппыыстаны чараастык кырбааҥ. Оҕуруот астарын барытын эмалированнай тааска угуҥ, мас арыытынан бүрүйэ кутуҥ, тууhу уонна саахары кытта булкуйуҥ уонна бэлэмнэммит бааҥкаларга угуҥ. 10 мүн. устата стерилизациялаан баран, хаппахтаан кэбиhиҥ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением