"Ньуору" эбэҕэ муҥха
Үчүгэй эмис идэһэлэрин, муҥхалаан көмүс хатырыктааҕы, илимнээн өрүс балыгын барытын бу сэтинньи байанай ыйыгар мунньуналлара.
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгэр Сомоҕолоһуу күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, 50-ча киһилээх "Ньуору" эбэҕэ муҥха буолан ааста. Муҥхалаах Григорьев Исай Николаевич тылын ылынан, нэһилиэк баһылыга Николай Илларионов дьону мунньан, ыраах айаҥҥа туруммуттара. Суол-иис, ардахтаах сайын, ичигэс күһүн ааспытынан лаппа куһаҕан. Тиэхиньикэ сыыһа үктээн, хооҥкуга да түһэрэ элбэх. Тэрээһини нэһилиэк кырдьаҕас муҥхаһыта Львов Павел Павлович иилээн, салайан сырыттылар.
Оллооҥҥо итии чэй өрүлүннэ, сыалаах эттээх миин, минньигэс плов барыта буста. Итии ас буһарааччыларынан, дьаһалта экэнэмииһэ Күннэй Дьячковская, оскуола дириэктэрэ Алла Яковлевна уонна Александр Осипов буоллулар.
"Саамай саастаах муҥхаһыт" уонна "Саамай эдэр муҥхаһыт" номинациялар олохтоннулар. Саамай саастаах муҥхаһыт - Олимпиада Григорьева, саамай эдэр - Гриша Герасимов тигистилэр.
Үлэлээн - хамсаан түөрт аҥаар хоппо хамсыы сылдьар собону хостоотулар. "Күөх Боллох" бэлэҕин үллэстии кэмигэр күөлгэ киирбит дьон бары балыкка тиксиэхтээхтэр. Ол төрүт үгэс күн бүгүнүгэр диэри кытаанахтык тутуһуллар.
Хас биирдии муҥхаһыкка иккилии сүүр ирээт, эбии хаһаайыстыбаҕа, мунхаһыта суох кырдьаҕастарга, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, анньыыһыттарга, нырыы быспыттарга барыларыгар эбии ирээт өлүүлээтилэр. Бу саха омук кыаммат-түгэммэт араҥаҕа харыстабыллаахтык, кыһамньылаахтык сыһыаннаһыытын чаҕылхай туоһута буолар.
Түмүккэ нэһилиэк баһылыга Николай Григорьевич:
- Муҥханы иилээн-саҕалаан ыыппыт дьоннорбутугар Павел Павловичка,Исай Николаевичка, ас буһарбыт дьоммутугар Алла Яковлевнаҕа, Күннэй Николаевнаҕа уонна Александр Осиповка Маҥаас нэһилиэгин дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан барҕа махталбын биллэрэбин.
Изабелла Тимофеева, Маҥаас
Балаҕаннаахтар "Элгээннэригэр" икки муҥханы түһэрдилэр
Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгэр Сомоҕолоһуу муҥхатыгар 250 тахса киһи кытынна. Тамалакаантан Федоров Степан Петрович, Үөһээ Бүлүү баһаарынай этэрээт салайааччыта Новиков Виктор Константинович муҥхалара "Элгээн" эбэ барахсан балыгынан муҥхаҕа кэлбит дьону күндүлээтилэр.
Быһа холоон 7 туонна балык хостонно. Муҥханы Балаҕаннаахтан төрүттээх Трофим Миронов алгыс оҥорон, дьону-сэргэни арчылаан, "Элгээн" эбэ баай балыгыттан күндүлүүрүгэр көрдөстө. Эбэбит барахсан дьонун - сэргэтин маанылаата.
Муҥха саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри НКИХ филиалын үлэһитэ Адамов Александр толору видеоҕа уһулла.
Кыра итэҕэстэри аахсыбакка туран, муҥха тэрээһинэ табылынна. Нэһилиэк аҕам саастаах ытык кырдьаҕастарыгар Балаҕаннаах култууратын киинин үлэһиттэрэ дьиэлэригэр балык илдьэн күндүлээтилэр.
Степан Дмитриев, «Балаҕаннаах нэһилиэгэ» МТ баһылыга
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0