Мария Егоровна байыаннай чаастарга бардаҕына, байыастары көрсөн, кинилэргэ туох наадатын билсэр, дойду кэһиитин тиэрдэр, табыгастаах сиргэ түбэстэҕинэ, ас астаан, бэл, алаадьы уонна бэрэски буһаран, сылаастыы илдьэн күндүлүүр. Бүгүн кини эрдэттэн үлэспит чааһыгар киирээри, инники кирбиигэ сылдьар танкист уолаттарга анаан сарсыардаттан бэрэски буһарда.
Мария Егоровна байыастары уонна кинилэр төрөппүттэрин, кэргэттэрин кытары сибээһи тута сылдьар. Батсаапка баар бөлөххө байыастартан элбэх махтал суруктар кэлэллэр. Олортон икки кэлиҥҥи суругу, хайдах баарынан, биэрэбит:
«Дьэ, амарах сүрэхтээх, сүдү санаалаах, дойдубут араас муннуктарын кэрийэн, ыарахаҥҥа түбэспит, бааһырыы ылбыт саллаат уолаттары көрсөр, көмөлөһөр ИЙЭ эбиккин. Эн курдук дьон кэннибитигэр бааргыт тухары, Кыайыы биһиэнэ буолуо. МАХТАЛ!».
«Сколько в Вас любви к людям! Силы и божьего благословения Вам, Мария Егоровна! Такой тяжелый путь и высокую миссию выбрали вы, дай вам Бог всего самого наилучшего!»
Хаартыскалары Мария Егоровна ыытта
- 4
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0