Екатерина Афанасьевна Павлова бастакы группалаах инбэлиит, үс оҕо күн күбэй ийэтэ, үгүс сиэн эйэҕэс эбэтэ. Сылгы кылынан уонна сиэлинэн өрөн, сабы күрүчүөгүнэн, спицанан баайан таҥас эгэлгэтин оҥорон таһаарар уран тарбахтаах.
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар Дьөһөгөй Айыы оҕолорун сиэлинэн уллуҥ оҥорон ыытта. Ийэ, эбэ барахсан үтүөкэн санаатын иҥэрбит, алгыс тылын анаабыт оҥоһуктара байыастарга тиийэн, кинилэр дойдуларыгар кыайыы-хотуу кынаттанан этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр күүс-көмө буолуохтун!!!
Хаартыскаҕа Зинаида Игнатьева түһэриилэрэ
-
4
-
3
-
0
-
0
-
0
-
1