Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллар Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллар Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Аныгы олоххо глобализация уонна урбанизация усулуобуйатыгар төрөөбүт тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы кыһалҕата дойду сайдыытын биир сытыы боппуруоһунан буолар. Хас биирдии тыл киһи аймах духуобунай нэһилиэстибэтигэр сүҥкэн кылааты киллэрэр.

Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин омуктар икки ардыларыгар сыһыаҥҥа сэбиэт мунньаҕар тыл этэригэр: «Биһиги араас омуктаах улахан дойдулаахпыт. Бу араас култуура, үгэс – биһиги күүспүт, күрэстэһэр кыахпыт», - диэбитэ.

2024 сыл – Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Оҕо саас сыла. Онон оҕолор төрөөбүт тылларыгар интэриэстэрин күүһүрдүүгэ, тылы сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллуоҕа. Бу үлэ дьиэ кэргэҥҥэ саҕаланыахтаах, оҕо ис кыаҕа ийэ тылын нөҥүө төрөөбүт саҥатынан толору арыллар.

Бүгүн оҕолор интернет ситимиттэн информация ылаллар. Онон тыллары чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга биһиги олох тэтимиттэн хаалыа суохтаахпыт.

Манна сүрүн сорукпутунан интернет ситимин төрөөбүт тылынан оҥоһуллубут контенынан толоруу буолуохтаах. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ аныгы сайыннарар бырайыактары оҥорор, оҕолор төрөөбүт тылларын уонна төрүт култуураларын үөрэтэллэригэр, интэриэстэрин тардар студиялар аҕыйаҕа суохтар. Бу эйгэҕэ «Саха» НКИХ улахан үлэни ыытар. Хампаанньа аниматордара оҕолорго аналлаах 50-тан тахса мультипликационнай киинэни уһуллулар. Оттон олохтоох оҥорон таһаарааччылар «Саха» НКИХ сакааһынан саха тылынан 65 анимационнай киинэни таһаардылар. Оонньуу бырагыраамаларын сыһыарыыларыгар төрөөбүт тыллары киллэрии билигин туохтааҕар да суолталаах. Бүгүн нэһилиэнньэни тыл саҥа технологияларынан – анал сирииптэринэн, электроннай тылдьыттарынан, онлайн-тылбаасчыттарынан уонна үөрэтэр бырагыраамаларынан хааччыйыыга, тыллары чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга улахан үлэ ыытыллар. Саха сирин олохтоохторо искусственнай өйгө олоҕуран үлэлиир Ayana тылбаасчытынан туһанар кыахтаннылар. Бу тылбаасчыт нуучча тылыттан эбэҥки тылыгар тылбаас оҥорор. Долган уонна эбэҥки тылыгар тылбаасчыттар ырытыллан оҥоһулуннулар, саха тыла «Яндекс. Переводчик» сервискэ киирбитэ. Билигин аан дойду 98 тылынан суруллубут тиэкиһи саха тылыгар тылбаастыыр кыах баар буолла.

Күндү өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо!

Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын төрөөбүт тылларын уонна суруктарын-бичиктэрин чөл хаалларарга туруулаһар бар дьоммор махтанабын! Киэҥ Сахабыт сирин хайа баҕар муннугар төрөөбүт тылбыт сайда турдун!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением