Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ 100 сыл анараа өттүгэр буолбут сахалыы сурук-бичик устуоруйатыгар сүҥкэн суолталаах түбэлтэлэргэ төннөн ылыахха. 1924 сыллаахха тылга олус элбэх холоон көрүү, уларытыы, саҥаны киллэрии оҥоһуллубута. Саҥа үөскээн эрэр суруктаах тылбыт инники дьылҕата быһаарыллар кэмэ этэ. Өркөн өйдөөх сахабыт дьоно тылбыт кэскилин туһугар көхтөөхтүк турууласпыттара. Киһи сөҕүөн курдук хотоойу идиэйэлэрэ күн бүгүҥҥэ диэри аныгылыы тыыннарын сүтэрбэттэр.
1924 сыл олунньу 18 күнүгэр тэриллибит Саха сиринээҕи киин ситэриилээх кэмитиэт иһинэн Сахалыы сурук-бичик сэбиэтигэр оччотооҕуга Норуоттар икки ардыларынааҕы фонетическай алпаабыкка олоҕурбут Сэмэн Новгородов алпаабытын тупсарар туһунан боппуруос киэҥник дьүүллэммитэ. Сахалыы сурук-бичик сэбиэтэ онно Новгородов алпаабытыгар улахан буукубалары киллэрэргэ быһаарымыта. Мантан ыла Новгородов алпаабытыгар утуу-субуу уларытыылар киирэн барбыта.
Ону кытта, 1924 сылга «Кыым» хаһыаты таһаарыы саҕаламмыта, Саха сирин судаарыстыбаннай издательствота уонна Москваҕа ССРС норуотттарын киин издательствотын иһинэн Сахалыы сиэксийэ тэриллибиттэрэ.
Ытык өбүгэлэрбит саҕалаабыт өрөспүүбүлүкэбит тылларын харыстыыр, сайыннарар үтүө дьыалалара салҕанан иккис тыынын ылла.
Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир. Бу бырагырааманан баһаам элбэх кэскиллээх бырайыак олоххо киирэр. Онтубут өссө да кэҥии турар – үбүлээһинэ улаатарын таһынан бырайыагын ахсаана эмиэ элбиир.
Гуманитранай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннах норуоттар проблемаларын института саха тылын куорпуһун айарга олус наадалаах маҥнайгы хардыыларын оҥорор. Бу үлэ саха тылын үөрэҕэр бигэ төһүү уонна инники көлүөнэ чинчийээччилэргэ сүүнэ баай-дуол буолара саарбаҕа суох.
Биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тылларын – саха уонна нуучча тылын, ону сэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин официальнай тылларын – эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, долган, чукча тылларын өйүүрбүт улахан суолталааҕын өйдүүбүт. Ол иһин күндү баайбытын – судаарыстыбаннай, официальнай тылларбытын харыстыыр, сайыннарар гына үлэбитин-хамнаспытын тэринэбит. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии тыл норуот уонна бүтүн киһи аймах култууратын, өйүн-санаатын туһунан билиини-көрүүнү иҥэринэ сылдьар. Онуоха тыл сүттэҕитинэ, ол билиибит эгэлгэтэ төннүбэттии симэлийэр.
Күндү доҕоттор! Сахабыт сирин эҥин-эгэлгэ тыллара биһигини сомоҕолоотуннар, тылларбытын сайыннарар суолу тэлбит улуу үөрэхтээхтэрбит биһигини саҥа чыпчаалларга көҕүлээтиннэр!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0