Василий Егорович үлэтин Ленин уордьаннаах "Элгээйи" сопхуоска оробуочайынан саҕалаабыта. Араас кэмнэргэ кылаабынай зоотехнигынан, дириэктэринэн, Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк баһылыгынан бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Билигин даҕаны улуус, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын, сонунун истэ-билэ олорор.
Василий Егорович Сиэйэ сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрээт, “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыынан түөрт сыл устата сопхуоска үлэлээбитэ. Салгыы Саха судаарыстыбаннай университет тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэрэн, учуонай-зоотехник дипломун ылбыта. Сунтаар оройуонун Госплемстанциятыгар сүрүн зоотехнигынан ананан кэлэн, үлэтин саҕалаабыта. Ол кэмтэн ылата төһөлөөх хаар ууллубута буолуой?! Баартыйа ханна ыйар да, ыраах буоллун, чугас буоллун, туруктаах дуу, ыһыллан эрэр хаһаайыстыба да буоллун, онно үлэни сүрүннүү, өрө тарда, бэйэтин билиитигэр-көрүүтүгэр, харатын күүһүгэр, олоххо көрүүтүгэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ бигэ эрэллээх санаатыгар итэҕэйэн үлэ үөһүгэр түһэрэ.
--Ханна да үлэлээтэрбин дьоҥҥо сирдэрбэтэҕим, дьону түмэн, салайан, араас үлэ фронугар сатабыллаахтык аттаран туруортаан үлүмнэһэ үлэлээбиппит, үлэ үөрүүтүн, үлэттэн дьоллонуу диэн тугун билбиппит, -- диэн Василий Егорович аҕыс уон бэһис хаарын ууллараары олорон бигэ санаалаах, алтыһан, тапсан үлэлээбит дьонугар муҥура суох махталлаах.
Василий Егорович Софронов – Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Агропромышленнай комплекс Бочуоттаах үлэһитэ, маны сэргэ өр сыллаах сыралаах үлэтин туоһулуур үгүс анал бэлиэлэрдээх, наҕараадалардаах диэн тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0