Пленарнай мунньах бэбиэскэтигэр барыта 47 боппуруос, ол иһигэр 37 сокуон барыла (26 сокуон барыла бастакы ааҕыыга, 11 сокуон барыла иккис ааҕыыга) итиэннэ 4 уураах барыла көрүллэрэ былааннаммыт.
Пленарнай мунньах саҕаланыытыгар норуот дьокутааттара олунньу 25 күнүгэр 95-с хаарыгар сылдьан олохтон барбыт Социалистическай Үлэ Дьоруойа, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин түөрт ыҥырыыга дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо, РСФСР үтүөлээх агронома, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Ленин, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтэ, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалердара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин АПК-тын бочуоттаах үлэһитэ Екатерина Иннокентьевна Новгородова сырдык кэриэһигэр биир мүнүүтэҕэ сөҥөн турдулар.
Хаартыскаҕа Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриитэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0