Ламыҥха национальнай нэһилиэгин киинэ Сэбээн Күөл эбээн норуота түөлбэлээн олорор сиринэн биллэр. Нэһилиэк баһылыгынан Кривошапкина Алёна Дмитриевна талыллан үлэлиир. 165 оҕо үөрэнэр оскуола, 40 миэстэлээх уһуйаан, култуура киинэ, доруобуйа харыстабылын уонна эргиэн тэрилтэлэрэ бааллар. Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуота олорор сэлиэнньэтигэр кыратыттан кырдьаҕаhыгар тиийэ төрөөбүт тылларынан саҥараллар. Маннык нэһилиэк, арааһа, Арассыыйабыт киэҥ дуолугар суох буолуохтаах. Бу дьикти култууралаах ураты сир дьонун тылын-өһүн, үгэһин симэлийбэтин түһугар харыстаан, экспэримиэн быһытьынан анал бырагыраама оҥорон туспа бүддьүөттээх сэлиэнньэ оҥордоххо, хайдах буолуой!?
Эбээннии тылы таhынан олохтоохтор нууччалыы тылынан эмиэ холкутук саҥараллар. Ону тэҥэ, саха тылын эмиэ билэллэр. Олохтоохтор сүрүн дьарыктара -- таба иитиитэ итиэннэ балыктааһын. Нэhилиэк таас хайалар быыстарыгар, улуус кииниттэн Сангаартан 500 килэмиэтир тэйиччи сытар. Кыhыннары-сайыннары сөмөлүөт көтөр гынан баран, массыынан сырыы хотугу уһук сиргэ хайаан да туһалыыра биллэр суол. Суола-ииһэ олус уустук, таас үрүйэлэри батыһа, айылҕа оҥорбут суолунан төттөрү-таары сыыйыллан, урукку өттүгэр табанан, билигин араас тимир көлөнөн айаннаан 90 сыл олорон кэллэхтэрэ.
Дьэ, дьикти итиэннэ уhулуччу устуоруйалаах туруук таас хайалар быыстарыгар үрдүк култууралаах, ураты эйгэлээх дьон атын хотугу улуустартан олох уратылар... Ол төрүт тылларыгар эрэ буолбакка, тас көстүүлэригэр кытта баар. Мин Сэбээн Күөл олохтоохторун 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар аан бастаан көрбүтүм. Оччолорго Дьокуускай – Саккырыр – Сангар – Дьокуускай хайысхатынан 14 миэстэлээх Л-10 сөмөлүөт көтөр этэ. Саккырыыртан икки уhун уҥуохтаах хайдах эрэ салгыннаабыт курдук дьүһүннээх икки киhини кытта Сангаарга диэри бииргэ көтөн кэлбиппит. Нууччалыы махтанан баран, салгыы бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэ-кэпсэтэ, мустан турар дьон диэки т;ргэн-түргэнник хаама турбуттара. Оччолорго мин кинилэри хайдах эрэ омук дьонун курдук көрбүтүм. Билигин даҕаны, Сэбээн олохтоохторун атын хотугу улуустартан арааран билэр эбиппин. Сарыы таҥастаах оҕуруонан симэммит киэргэллээх пуорум дэлэгээтэ киҥинэйэн ыллыы-ыллыы таҥаһын устаары гыммытын, ”баһаалыста, устума, эйигин кытта кэпсэтиэхпин уонна хаартыскага түһэриэхпин баҕарабын», -- диэбиппэр сөбүлэспитигэр, наһаа үөрдүм. Биһиги билсиһиибит ити курдук саҕаланан, билигин уруккуттан билсэр дьон курдук наһаа үчүгэйдик кэпсэтэбит. Саҥа билсибит дьүөгэм аата да таҥаһын курдук эмиэ эриэккэс буолан биэрдэ, Антуанетта Егоровна Абрамова. Биир бэйэм маннык ааты аан бастаан истибит буолан, соһуйдум. Сарыы таҥаһын оҕуруоларын хайдах курдук тэбис тэҥник тикпитин болҕойон көрдүм. Өбүгэлэрин баай ис хоһоонноох ойуутун- бичигин кичэллик харыстаан илдьэ сылдьар, төрүт тылын хааныгар инэриммит уран тарбахтаах иистэнньэҥ эбит. Пуорум кэмигэр норуодунай маастар аатын инэрбитттэрэ да ону туоһулуур.
--Биһиги наһаа ыраах олоробут. Самолет көтөр эрээри, айылҕабытын көрө таарыйа массыынанан айанныахпытын эмиэ баҕарабыт. Дьокуускайтан кэлэн бородуукта, наадалаах малбытын, таҥаспытын ылаары. Аспыт-таҥаспыт сыаната наһаа ыарахан. Олохтоохтор үксэ табаҕа сылдьаллар, аҕыйах киһи бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлиир. Эмиэ араас дьахталлар түмсүүлэрэ бааллар. Кыһыҥҥы кэмнэргэ өбүгэлэрбит былыргы оонньууларын ыалынан мустан оонньоон оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр үөрэтэбит. Бириэмэбитин барытын иискэ ыытабыт. Дьиэбит маһынан оттуллар буолан ыарахаттары көрсөбүт, ол иһин дьон кыһалҕаттан куоракка эбэтэр атын улууска көһөн тиийэн оҕолоругар олохсуйар. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэппит, олорбуппут курдук олоробут, төрөөбүт дойдубут сайдан, биһиги сиэннэрбит, хос сиэннэрбит толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олоруохтара, сырдык киэҥ оскуолаҕа үөрэниэхтэрэ диэн баҕа санаабытын илдьэ сылдьабыт. Аартыка күнүнэн хоту сир бары олохтоохторун эҕэрдэлиибин итиэннэ ырыабын аныыбын, -- диэн баран Антуанетта Егоровна дьикти намыын куолаһынан ыллаан барда...
Хайдах курдук дойдутугар таптал, бэйэтин норуотунан киэн туттуу иһиллэрий бу ырыаҕа... Эбээн омук түмсүүтүн бэлиэтэ былыргы сиэр-туом үҥкүүтэ “hээдьэ” ыраахтан иһиллэн чугаһаатар чугаһаан истэ... “Хэдьэ! Һуруйа! Хандэ!»... Күн тахсыытынан илиилэриттэн сиэттиһэн үҥкүүлүүргэ дылы буоллулар, Сэбээни тулалаан турар туруук таас хайалар... Бастаан бытааннык онтон улам түргэтээн истилэр.
- 12
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0