Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Өлөөҥҥө Сунтаартан “Алгыс» диэн аҕам саастаах дьон ансаамбыла, 11 киһилээх дэлэгээссийэ ыалдьыттаан барда. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттар бастаан “Алакуо” норуодунай этно-фольклор ансаамбыл кыттыылаахтарын кытары көрүстүлэр. Күн иккис аҥаарыгар ыалдьыттар Өлөөннөөҕү мусуойга сырыттылар. Мусуой баай ис хоһоонноох экспонаттарын сөҕө-махтайа көрөн, Прокопий Саввинов кэпсиирин олус диэн сэргээн-умсугуйан иһиттилэр, астыннылар.

Өлөөҥҥө Сунтаартан “Алгыс» диэн аҕам саастаах дьон ансаамбыла, 11 киһилээх дэлэгээссийэ ыалдьыттаан барда. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттар бастаан “Алакуо” норуодунай этно-фольклор ансаамбыл кыттыылаахтарын кытары көрүстүлэр. Күн иккис аҥаарыгар ыалдьыттар Өлөөннөөҕү мусуойга сырыттылар. Мусуой баай ис хоһоонноох экспонаттарын сөҕө-махтайа көрөн, Прокопий Саввинов кэпсиирин олус диэн сэргээн-умсугуйан иһиттилэр, астыннылар.

Кирбэй нэһилиэгэр “Арчы” түмсүү эбээлэрин “Алакуолары” кытта атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэтэн күн киирбитин да билбэккэ хааллылар. Хоһоон аахтылар, оһуохайдаатылар. Розадия Сидорова тыа хаһаайыстыбатын техникумугар бииргэ үөрэммит доҕотторун Николай Кирилловы, Прокопий Павловиһы 45 сыл буолан баран көрсөн олуһун диэн үөрдэ, долгуйда. Кирбэй нэһилиэгин баһылыга Владислав Васильевич Сунтаартан аат ааттаан кэлбит аҕам саастаах ыалдьыттарын истиҥник эҕэрдэлээтэ:

– Хоту дойду хоһууннара эһиги буолаҕыт. Биһиэхэ кэлэн үөрүүнү бэлэхтээтигит, сырыыны-айаны тулуйан, хорсун санааҕытын көрдөрөн холобур буоллугут, сааһы аахсыбакка айа-тута сылдьаргытыгар махтанабын. Кыаххыт баарынан кэрэни тарҕата, сүбэ-ама буола сылдьыҥ диэн, доруобай, дьоллоох буолуҥ, -- диэтэ.

өл_-_2_2.jpeg

“Алгыстар” эдэр саастарыгар бары араас эйгэҕэ үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор диэххэ табыллыбат курдук. Кинилэр биэнсийэҕэ таҕыстахпытына дьиэҕэ олоруохпут, сиэн биэбэйдиэхпит дэһэллэрэ эбитэ үһү. Ол эрээри, ансаамбыл тэрийэн араас бэстибээллэргэ, куонкурустарга кыттар, соҕуруунан-хотунан сылдьар идэлэммиттэр. Ааспыт сайын массыынанан Байкалынан, Монголиянан, Алтайынан сылдьан атын омук култууратын, олоҕун-дьаһаҕын билсэн, сахалыы ырыаны-тойугу иһитиннэрэн кэлбиттэр. Дойду араас муннугун көрөн-истэн, ыалдьары да умнубуттар, сылайары да аахсыбат буолбуттар, сүһүөхпүт уйарын,харахпыт көрөрүн тухары сылдьыахпыт дэһэллэр.

өл_-_4.jpeg

Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев “алгыстарга” массыына биэрэн, кэлэр-барар уматыктарын уйунан, бачча ыраах айаҥҥа алҕаан ыыппыт. Онон, махталлара улахан, үлэни сөпкө аттаран, барытын тэҥҥэ тутан үлэлиир сатабыллаах салайааччы, үчүгэй киһи дииллэрин астына, киэн тутта иһиттибит. Икки күннээх көрсүһүү сүрэхпитигэр сөҥөн хаалбыт ийэлэрбит-аҕаларбыт тапталларын санаттылар, төрөппүттэрбитинээн утары көрсөн олорон чэй иһэр ахтылҕанын илдьэ кэлбит курдуктар ыалдьыттарбыт.

өл_-_3.jpeg

Өлөөннөр, Сунтаардар оһуохайдаан, дьуохардаан, ыллаан, хоһоон ааҕан өргө диэри олордубут. Сарсыарда эрдэ, ытык-мааны ыалдьыттарбытын айан суолун аартыгар этэҥҥэ буолуҥ, өссө да кэлээриҥ диэн алҕаан атаардыбыт.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31