Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

Биир күн куорат кытыытыгар, Чочур Мыраан тэллэҕэр бэс чагда быыһыгар турар Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэргэ үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ тиийэ сырыттым. Манна төрүөхтэриттэн 7 саастарыгар диэри араас төрүөтүнэн төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору аҕалаллар.

Биир күн куорат кытыытыгар, Чочур Мыраан тэллэҕэр бэс чагда быыһыгар турар Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэргэ үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ тиийэ сырыттым. Манна төрүөхтэриттэн 7 саастарыгар диэри араас төрүөтүнэн төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору аҕалаллар.

Тиийбиппэр үлэһиттэр мааска кэтэртилэр, бэйэлэрэ эмиэ мааскалаах сылдьаллар. Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэргэ үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин урут Оҕо дьиэтэ диэн ааттанар этэ. Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору кытта үлэлиир иниспиэктэрдэр арбайбыт баттахтаах, хас да күн үчүгэйдик аһаабатах, кирдээх таҥастаах оҕолору күнүс, сороҕор ыкса түүн аҕалан туттараллар. Оҕолору куораттан эрэ буолбакка, араас улуустартан эмиэ аҕалаллар.

Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар салаа аак оҥордоҕуна, ону таһынан, Эпиэкэ уонна харалта уорганнарын быһаарыытынан, эбэтэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин бирикээһинэн оҕолору киллэрэллэр.

6ef31b19 940c 4a28 b79c b28f58ebb052

Санаторий-уһуйаан

Бу кииҥҥэ идэлэригэр бэриниилээх, күн аайы сүрэхтэрин сылааһын оҕолорго биэрэр дьон үлэлииллэр. Оҕолор аҕыстыы буолан, дьоҕус бөлөхтөргө сылдьаллар. Бииргэ төрөөбүттэри араарбакка биир бөлөххө киллэрэллэр. Аҕыйах ыйдаах, ыарахан ыарыылаах, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору туспа көрөллөр.

Кыайан эмтэммэт ыарахан ыарыылаах оҕолорго мэдиссиинискэй паллиативнай көмөнү оҥороллор. Өскөтүн, ийэтэ төрөөт даҕаны оҕотуттан аккаастаннаҕына, эмиэ бу дьиэҕэ аҕалаллар. Дьахталлар үксэ ыарыһах оҕону хаалларан бараллар.  

610c077d 2f42 466b bd54 b2d5f225e5e2

Тэрилтэ быйыл 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Дириэктэр Эдуард Владимирович Кондратьев хостору кэрийэ сылдьан, кэпсээн, быһааран, оҕолор хайдах усулуобуйаҕа олороллорун көрдөрдө. Сандал саас күммүт чаҕылыччы тыган, мин кэлэрбэр оҕолор тутуспутунан таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа оонньуу тахсыбыттар.

c0d400aa 7770 47ed 9d4f 5f1166925e40

Манна үксүн иммунитеттара мөлтөөбүт оҕолор киирэллэр, медиктэр кинилэр доруобуйаларын чэбдигирдэргэ үлэлэһэллэр. Тыҥалара ыалдьар, сөтөллөр оҕолор туустаах хоско киирэн, уоскутар муусуканы истэ олорон, тыыналлар. Мөлтөхтүк саҥарар оҕолору кытта логопед дьарыктанар, итиэннэ ЛФК, физионан эмтэнии, уунан, илиинэн илбийии хосторо бааллар, быйыл бассейн аһыллыахтаах. Монтессори  ньыматынан үөрэтэр, оонньуур хостор бары оҕо чуҥкуйбатын туһугар оҥоһуллубуттар.

4009328f 6cd5 4bf9 a713 93e4977ee8df

Социальнай үлэһиттэр 2016 с. оҕо уһуйаанын бырайыагынан тутуллубут дьиэлэрин хас биирдии муннугун бэйэлэрин илиилэринэн киэргэппиттэр. Ийэ-аҕа көрүүтэ суох хаалбыт кырачааннарга алаһа дьиэ сылаас эйгэтин тэрийэрдии,  уурбут-туппут курдук оҥостубуттар, дьиэ эркинигэр остуоруйа дьоруойдара, кыыллар ойууламмыттар.

Кыһын тохсунньу тоһуттар тымныытыгар оҕолору таһырдьа таһаарбаттар, ол иһин, үрдэ өстүөкүлэ түннүктээх улахан оранжереяҕа тахсан хачыаллыыр, мээчиктиир, сүүрэр-көтөр сирдээхтэр.  

Оҕо кыра сааһыттан идэтин таба таларыгар көмө быһыытынан, «Идэ куората» тэриллибит, балыыһа, маҕаһыын, хонтуора үлэһитэ буолан оонньуулларыгар наадалаах тэрил барыта баар. Төрүт үгэстэрин умнубаттарын туһугар саха, нуучча фольклорун истиилинэн оҥоһуллубут хосторго ырыаҕа, үҥкүүгэ, чабырҕахха уһуйуллаллар.

Оҕолор доруобуйаларын медиктэр кэтээн көрөллөр, үөрэх үлэһиттэрэ оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнииллэр, талааннарын арыйарга араас куруһуоктары ыыталлар.

Туораттан көрдөххө, төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор дьиэлэригэр майгыннаабат, араас ыарыыны бары эмтиир санаторий-уһуйаан курдук.

5503950f c03e 4632 a928 d21366d11256

62 оҕоттон 19-һа эрэ тулаайах

«Араас дьылларга сүүстэн тахса оҕо олоро сылдьыбыта, билигин 62 оҕо баар, кинилэртэн 19-һа эрэ тулаайах. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору кытта 8 киин үлэлиир.

Урут саҥа төрөөбүт оҕолор 4 саастарыгар диэри манна киирэллэрэ, билигин бииргэ төрөөбүттэри араарбат туһугар саастарын 7-гэр диэри улаатыннаран биэрдилэр.

19 оҕо суут нөҥүө тулаайах диэн статуһу ылбыт, чахчы төрөппүттэрэ олохтон туораабыттар. 75% социальнай тулаайахтар, ол аата ийэлэрэ-аҕалара аккаастаммыттар, эбэтэр суут кинилэр бырааптарын быспыт. Биллэн турар, төрөппүт быраабын тута быспаттар, бастаан хааччахтыыллар, итирдэр утаҕы иһэр дьон көнөр суолга туралларыгар бириэмэ биэрэллэр.

Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэргэ үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин Арассыыйа үрдүнэн оҕолору дьиэ кэргэнинэн хааччыйыыга биир саамай үрдүк көрдөрүүлээх. Биһиги үлэһиттэрбит сыралаах үлэлэрин түмүгэр оҕолор 84% дьиэ кэргэттэригэр төннөллөр, эбэтэр саҥа төрөппүттэри булаллар. Оҕо туора дьоҥҥо барыан оннугар төрөппүт ийэтин-аҕатын аттыгар сылдьара ордук диэн санаанан салайтаран үлэлиибит», — диэн кэпсиир Эдуард Владимирович.

Логопед хоһугар киирбиппит, били хамсык кэмигэр быраастар кэтэр көмүскэнэр бүтэй экраны кэппит үлэһит, 3-4 саастаах оҕону дьарыктыы олорор.

Хамсык өрө турбут кэмигэр үлэһиттэр икки сыл тухары 21 хонуктаах симиэнэнэн ый кэриҥэ дьиэлэригэр барбакка олорон эрэ үлэлииллэрэ. Туораттан сыстыганнаах ыарыыны киллэримээри симиэнэҕэ кэлэллэригэр ПЦР туттаран баран 3 күн харантыыҥҥа олороллоро.

Билигин саҥа кэлбит оҕолору бастаан доруобуйаларын туругун бэрэбиэркэлээн, анаалыстары ылан, харантыын хоһугар олордон эрэ баран биирдэ уопсай хоско таһаараллар.

cff5baf7 8ca0 4047 8917 395a62afad9c 1

Үлэһиттэр бэйэлэрэ иитэ ылаллар

Үөрэҕи ыытарга бэриллибит лицензияҕа олоҕуран, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору ФГОС чэрчитинэн дьарыктыыллар. Киин үлэһиттэрэ былырыын култуура, үөрэх уонна социальнай эйгэ үлэһиттэрин ортолоругар 57 тэрилтэни кытта күрэхтэһэн, үс түһүмэҕи ааһан, идэ сатабылын презентациятыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы чемпионакка бастакы миэстэни ылбыттара.

Оҕолору үлэҕэ уһуйарга диэн тиэргэннэригэр дьоҕус оҕуруоттаахтар уонна тэпилииссэлээхтэр. Иитиллээччилэр араас күрэхтэргэ кыттан, миэстэлэһэллэр. Үлэһиттэр күнүстэри-түүннэри оҕолору кытта бииргэ сылдьан, убанан хаалаллар, ол иһин сөбүлүү көрбүт кырачааннарын иитэ ылаллар эбит. Холобур, повар икки оҕону иитэ ылбыта, онтон биирэ инбэлиит. Итинник чахчы элбэх.

Бу тэрилтэҕэ ааһан иһэр, түбэ­һиэх киһи өр тутуллан, тулуйан үлэлээбэт, сүрэх баҕатынан, дууһа тардыһыытынан ананан кэлбит аһыныгас сүрэхтээх эрэ дьон дьиэ кэргэн сылаас сыһыаныттан маппыт оҕолорго ийэлэрин-аҕаларын солбуйаллар.

Саха Сиригэр тулаайах оҕолор статистикаларын ылан көрдөххө, 2012 с. уопсай ахсааннара 8500 этэ, онтон билигин 4000-тан аҕыйаата, чахчы тулаайахтар 330-тар.

Тулаайах оҕолор федеральнай бааннарыгар, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыытын министиэристибэтэ оҥорбут тулаайахтар испииһэктэригэр киирбит эрэ оҕолору иитэ ылыахха сөп. Иитэ ыларга төрөппүттэр бэйэлэрин араспаанньаларын биэрэн туран ылаллар, эбэтэр эпиэкэ, приемнай дьиэ кэргэн көрүҥүнэн оҥоттороллор. 

Оҕото суох ыал саҥа төрөөбүт оҕону ыла сатыыр эбит, ол эрэн оннук эһээхэй сылга биирдэ-иккитэ көстөр, үнэн дьон хас да сыл тухары уочаракка тураллар.

Төрөппүттэри үөрэтэллэр

Өскөтүн, кыраадыстаах утаҕ­ынан үлүһүйэр төрөппүттэри кытта үлэ 6 ый иһигэр үтүө түмүгү көрдөрбөтөҕүнэ, суут быһаарыытынан төрөппүт бырааба быһыллыан сөп. Киин үлэһиттэрэ кырачааннары төрөппүт ийэлэригэр-аҕаларыгар төнүннэрэ сатыыллар.

Оттон ол кыаллыбатаҕына, оҕону иитэ ылыан баҕалаах дьону кытта туспа үлэлииллэр. СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин иһинэн, 2007 с. бэттэх оҕону иитэ ылыан баҕалаах дьону мунньан, туспа оскуола тэрийэн, үөрэтэллэр. 2012 с. Дьиэ кэргэн кодексатыгар уларыйыы киирэн, ити ирдэбил булгуччулаах буолбута.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи киин үлэһиттэрэ оҕону иитэ ылыан баҕалаах дьону 6 нэдиэлэ устата үөрэтэллэр уонна инникитин эмиэ сүбэ-ама буолаллар. Бу оскуола үлэлээбитэ номнуо 17-ис сылын туолла. Күн бүгүн 25 улууска маннык үөрэҕи ыыталлар, арай Аартыка оройуоннара ситэ хабылла иликтэр. 

Үлэһиттэр хас биирдии иитиллээччилэригэр ийэ тапталын, сылаас сыһыанын, көмүскэлин биэрэргэ дьулуһаллар. Бу көннөрү социальнай тэрилтэ буолбатах, үгүс оҕолорго орто дойдуга баар собус-соҕотох, истиҥ-иһирэх алаһа дьиэлэрэ, манна бары улахан иллээх дьиэ кэргэнинэн олороллор.

Хаартыска: Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэргэ үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин архыыбыттан.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34